📍Бүгүн – Милитаристскай Японияны Кыайыы уонна Иккис аан дойду сэриитэ түмүктэммит күнэ Уһук Илиҥҥэ байыаннай дьайыыларга Саха сириттэн 3,5 тыһыынчаттан тахса саллааттар уонна офицердар дьоруойдуу быһыыны көрдөрөн, оччотооҕу аан дойду биир саамай күүстээх аармыйатын — Милитаристскай Японияны кылгас кэмҥэ үлтүрүппүттэрэ. Саха сирин буойуттара Забайкальскай фронт 17-с аармыйатын 278 стрелковай дивизиятын уонна 39-с аармыйатын 210-с, 94-с стрелковай дивизияларын састаабыгар бэйэлэрин чулуу пехотинец уонна бэргэн снайпер быһыытынан көрдөрбүттэрэ. Саха сирин буойуннара сэриилэһэргэ анал үөрэхтээх, толору сэбилэниилээх, мөлүйүөн ахсааннаах Квантунскай аармыйаны кытта кырыктаах кыргыһыыга кыайыылаах тахсыбыттара. Биһиги аҕаларбыт, эһэлэрбит Маньчжурия, Сахалин, Курильскай арыылар, Хотугу Корея иһин уонна Кытайга Хайларскай кириэппэһи ыларга күүстээх кыргыһыыларга кыайыы иһин киирсибиттэрэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393®istryType=bloggersPermission
-
edited -
repost 


Балаҕан ыйын 3-с күнүгэр милитаристскай Японияны Кыайыы уонна Аан Дойду Иккис сэриитэ түмүктэммит күнэ. Бүгүн Бэрдьигэстээх бөһүөлэгэр Үйэлээх уот мемориалыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдубут. Сэрии хонуутугар охтубут буойуттарбытыгар, кыргыһыы хонуутуттан төннүбэтэх дьоммутугар, бэтэрээннэрбитигэр, тыыл үлэһиттэригэр уонна сэрии ыар сылларын санныларыгар сүкпүт бар дьоммутугар дириҥ ытыктабылбытын биллэрдибит. 1945 сыл балаҕан ыйын 2 күнүгэр Аан Дойду Иккис сэриитэ түмүктэммитин, Япония капитуляциялаабытын туһунан сурук баттаммыта. Балаҕан ыйын 3 күнүгэр сэбиэскэй хаһыаттарга Иосиф Сталин Японияны кыайбыппытын туһунан норуокка ыҥырыыта бэчээттэммитэ. Саха сирэ Улуу Кыайыыга бэйэтин сүҥкэн кылаатын киллэрбитэ: тыһыынчанан биир дойдулаахтарбыт Аҕа дойду көмүскэлигэр фроҥҥа аттаммыттара, оттон тыылга хаалбыт дьон хоргуйууну, тоҥууну аахсыбакка, Кыһыл Аармыйаны бары наадалааҕынан хааччыйан, дьаныардаахтык үлэлээбиттэрэ. Биһиги ытык иэспит — кинилэр хорсун быһыыларын кэриэстээн, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэн, Дьоруойдар албан ааттара, Улуу Кыайыы устуоруйата саха дьонун сүрэҕэр букатыннаахтык хааларын ситиһии. https://max.ru/channel_PetrShamaev
-

Оскуолаҕа үөрэнэ барарга көмө Сунтаар улууһугар үөрэҕирии салалтата сыл аайы «Оҕону оскуолаҕа барарга бэлэмниэххэ» диэн аахсыйа тэрийэр. Бу сырыыга улуус баһылыга Анатолий Григорьев, хонтуруоллуур-суоттуур палата салайааччыта Светлана Дьяконова, борокуратуураттан Айсен Максимов, Антонина Васильева, уйулҕа кииниттэн Татьяна Антипина, Сунтаар олохтоохторо Лия Контогорова, Ксения Семенова, Хадан олохтооҕо, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Тамара Николаева көмөнү оҥордулар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost 🤩👏Күүкэйгэ аан дойду мас тардыһыытын түмэр сирэ баар буолуоҕа Балаҕан ыйын 1 күнүгэр күннээх Күүкэй күнүнэн көрсөн Саха сиригэр мас тардыһыытын федерацията тэриллибитэ 30 сылын бэлиэтээтибит. Бүтүн норуоттар икки ардыларынааҕы мас тардыһыытын федерациятын бэрэссэдээтэлэ Александр Акимов көҕүлээһининэн төрөөбүт дойдутугар үбүлүөйдээх сылы бэлиэтээн аан дойду мас тардыһыытын салайааччылара, ааттаах мадьынылара түмсэр сирдэрэ тутулла турарын көрөн сөхтүбүт, олуһун сэргээтибит. Санаан да көрөргө астык. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Аан дойду мас тардыһыытын күрэһин кыайыылааҕа Наталья Кузнецова, ааттаах тириэньэрдэр Анатолий Петров, Владимир Архипов, Михаил Саввинов, Павел Павлов, улуус баһылыга Анатолий Григорьев, улуус федерациятын салайааччыта Гаврил Еремеев ытык-мааны ыалдьыт буолан өрөгөй түгэни суолталаатылар. Кураһаай Мэхээлэ мадьыныларга, мас тардыһыытын салайааччыларыгар алгыс тылын иҥэрэн саха айыы үҥкүүтүн өрө тутта. Үс былаах үөһэ күөрэйэн саха бастыҥ спордун көрүҥэ — мас тардыһыы Олимпиада чыпчаалыгар тиийэ сайдарыгар ыра санаа иһирэхтик иһилиннэ. Тэрээһин түмүгэр мас тардыһыы 30 сылын бэлиэтээн оскуола тулаһатыгар үс хатыҥ мас олордуллан бэлиэ түгэн туоһута буолла. Күннээх Күүкэй аны аан дойду мадьыныларын түмэр ытык сир буолла, баҕар бу манна тэриллиэхтээх кэскиллээх кэпсэтииттэн саҕыллан мас тардыһыы Олимпиада бастыҥ оонньуута буолуоҕа, оннук эрэ буоллун! Тускулаана Горохова-Кобельянова @sakhasporttv
-
repost 


+6
-
👏Атамайга агро кылаастар арылыннылар Быйыл Горнай улууһугар саҥа үөрэх дьылын көрсө Сэмэн Данилов аатынан Бэрдьигэстээх уонна Владимир Лонгинов аатынан Атамай оскуолаларыгар «Кадры в АПК» федеральнай бырагырааманнан «Агро инженерия» хайысхалаах агро кылаастар арылыннылар. Билии күнүн көрсө Горнай улууһун Сэмэн Данилов аатынан Бэрдьигэстээхтээх орто оскуолатыгар саҥа, кэскиллээх бырайыак — агротехнологическай кылаас үлэтин саҕалаата. Анал хайысха үөрэнээччилэри тыа хаһаайыстыбатын уонна аныгы технологиялары сибээстиир ураты киин буолуоҕа. Бырайыагы олоххо киллэриигэ аҥардас бу оскуолаҕа 4 мөлүйүөнтэн тахса солкуобай үп көрүлүннэ. Билиҥҥи кэмҥэ тыа хаһаайыстыбата – бу бастатан туран, цифровой технологиялар, робототехника, биотехнология, метеорологическай мониторинг уонна автоматизация сайдыыта буолар. Аныгы агроном диэн – чинчийээччи, аналитик уонна технолог идэлээх киһи. Саҥа арыллыбыт кылааска оҕолор бу идэлэргэ анал үөрэхтэри ааһыахтара, оскуолаҕа ылбыт билиигэ олоҕуран, бэйэлэрин дьоҕурдарын чинчийэр үлэҕэ холонон көрүөхтэрэ.Кэскиллээх үөрэх хайысхата арыллыытын «Газпром» хампаанньа өйөөтө. Оҕолор үөрэнэллэригэр табыгастаах, аныгылыы эйгэ тэрийиигэ сүрүн күүс буолла. Агротехнологическай кылаас арыллыыта Горнай улууһун тыатын хаһаайыстыбатын инники сайдыытыгар төһүү күүс буолуоҕа. Манна саҥа санаалар, эксперименнэр, бырайыактар үөскээн, кэскиллээх, үрдүк таһымнаах исписэлиистэр иитиллэн тахсыахтара диэн эрэнэллэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-



+6
-
🪖Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар итиэннэ кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл салҕанар. Ол курдук, быйылгыттан бэтэрээннэргэ социальнай хантыраак көмөтүнэн бэйэ дьыалытын тэринэргэ усулуобуйа олохтонно. Бүлүү улууһугар бу көмөнөн туһанан номнуо икки байыаннай дьайыы кыттыылааҕа үлэтин саҕалаата. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Покровскайга АИ-92 бэнсиини биэрии сөргүтүллүннэ, «Сибойл» хампаанньа «Саханефтегазсбыттан» табаарынай займ чэрчитинэн 150 туонна уматыгы ылбыта. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
edited Балаҕан ыйын 3 күнэ — терроризмы утары биир санааланыы күнэ Бүгүн Россия үрдүнэн терроризмы утарыыга биир санааланыы күнүн бэлиэтииллэр. Бу күн Беслаҥҥа 2004 сыллаахха балаҕан ыйын 1-3 күннэригэр буолбут быһылааны кытары быһаччы ситимнээх. Бу бэлиэ даата «Россияҕа бойобуой албан аат (кыайыы) күннэрин туһунан» диэн 2005 сыллаахха от ыйын 6 күнүгэр ылыллыбыт федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран бигэргэммитэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost Отпуск топлива на АЗС: данные на 09:00 3 сентября АО «Саханефтегазсбыт» Наличие АИ-92, АИ-95 и дизельного топлива за наличный и безналичный расчет (лимит до 20 литров на одно транспортное средство): 🟢АЗС № 1: проспект Михаила Николаева, 19/1а (новый адрес) 🟢АЗС № 2: улица Труда, 4а (закроется на реконструкцию 5 сентября) 🟢АЗС № 6: Жатайский перекресток, 1 🟢АЗС № 1401 ОПТИ: Маганский перекресток, 1 🟢АЗС № 51: 50 лет Советской Армии, 49б 🟢АЗС № 62: Хатын-Юряхское шоссе, 4 км, 8а АО НК «Туймаада-Нефть» ❗️Обращаем внимание: наличие бензина в ограниченном объёме АИ-92 и АИ-95: по приложению и топливным картам. АИ-92 за наличный и безналичный расчет (20 литров на одно транспортное средство): 🟡МАЗС-1: Автострада 50 лет Октября, д. 14з 🟡МАЗС-2: Автострада 50 лет Октября, д. 1з 🟡АЗС-3: Дзержинского, д. 56А 🟡АЗС-4: Вилюйский тракт, 4 км, д. 6а 🟢Дизельное топливо: на всех АЗС сети без ограничений. ООО «СибОйл» 🟡АИ-95: Покровский тракт, 4 км. За наличный и безналичный расчет до 20 литров на одно транспортное средство. 🟡АИ-92: АЗС в Покровске. За наличный и безналичный расчет до 20 литров на одно транспортное средство. ООО «Сервис Ойл» 🟡АИ-92: Покровский тракт, 5 км, 2Б. За наличный и безналичный расчет до 20 литров на одно транспортное средство. Якутия. Оперштаб в МАКС
-
📺Программа ТВ НВК "Саха" на 3 сентября (чт.) 06:00-Тиэргэн 06:30-Мы вам покажем 07:00-Саҥа күн 07:58-Выборы-2026 08:00-Утро Якутии 09:00-Саҥа күн 10:00-Утро Якутии 11:00-Выборы-2026 11:45-Актуальное интервью 12:00-Новости 12:15-Тиэргэн 12:45-Саха сатаабата суох 13:28-Выборы-2026 13:30-Сонуннар 14:00-Тайм-аут 15:00-Новости 15:15-Якутск сегодня 16:00-Выборы-2026 16:03-Кэм кэрэһитэ 16:30-Выборы-2026 16:45-Дойдум дьоно 17:00-Республиканские соревнования дальнобойщиков. 2 ч. 18:00-Новости 18:15-Добровольцы 18:48-Репортаж 19:00-Новости 19:15-Актуальное интервью 19:28-Выборы-2026 19:30-Дойдум дьоно 19:45-Тургутуу 20:30-Сонуннар 21:00-"Сайда тур, Сахам Сирэ!" телесериал 21:45-Республиканские соревнования дальнобойщиков. 2 ч. 22:45-Репортаж 23:00-Итоги дня 23:30-Тиэргэн 00:15-Дойдум дьоно 00:30-Тургутуу 01:15-Якутск сегодня 02:00-Новости 02:15-Тайм-аут 03:15-Эйгэ 04:40-Документальный фильм Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
🏫📚🔔Быйыл Бүлүү улууһун 26 оскуолатыгар 4 тыһ тахса үөрэнээччи үөрэниэҕэ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
🏫📚🔔Сунтаар улууһугар 32 оскуола аанын тэлэйэ аста 4000 кэриҥэ оҕо оскуолаҕа үөрэнэр, онтон 279 оҕо бастакы кылааска үктэннэ. Ол туһунан Сунтаардааҕы кэрэспэдьиэммит Тускулаана Горохова-Кобельянова билиһиннэрэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost
Депутаты районного Совета избрали Джулустана Ивановича Хона главой Анабарского национального (долгано-эвенкийского) улуса сроком на пять лет. Поздравляю с избранием! Анабарский улус обладает большим экономическим и этнокультурным потенциалом. Уверен, что управленческий опыт и знание района помогут Джулустану Ивановичу решать главные задачи – развивать инфраструктуру и традиционные отрасли, укреплять экономику и повышать качество жизни людей. max.ru/aisen_nikolaev
-
repost Для съемок якутского сериала ищем 2 или 3-комнатную квартиру с детской комнатой для мальчика. Аренда оплачивается. Чистоту и порядок гарантируем. К.т. 89142269612
-
repost 


+4
Сегодня с утра работал в селе Майя. Вместе с главой района Дмитрием Ивановичем Тихоновым и главой села Майя Алексеем Иннокентьевичем Неустроевым посетили несколько важных предприятий и организаций нашего села, встретились с коллективами, поговорили о работе, проблемах и планах на будущее. ✔️ Первой точкой нашего маршрута стал «Сахатранснефтегаз». Здесь трудится сильный коллектив, который делает действительно большую и важную работу. За последние годы наш район активно газифицируется, и в этом огромная заслуга специалистов предприятия. Встреча получилась очень содержательной и интересной — мы рассказали о своей работе и планах, а сотрудники поделились своими предложениями, задали волнующие их вопросы, рассказали о том, чем живёт коллектив. ✔️ Затем посетили пожарную часть, где встретились сразу с двумя караулами. Получился открытый, тёплый и очень приятный разговор. Всегда важно лично встречаться с людьми, которые ежедневно стоят на страже безопасности наших жителей, слышать их мнение, понимать, чем они живут и какие вопросы их волнуют. ✔️ Следующей стала встреча с коллективом Майинского РЭС. Руководитель Станислав Оконешников вместе с сотрудниками задавали наболевшие сегодня проблемные вопросы не только района и республики… Думаю, многие жители района замечают, что в последние годы проблем с электроснабжением становится всё меньше. Конечно, за этим стоит большая, зачастую незаметная, но очень важная работа коллектива Майинского РЭС. Искренне благодарю всех специалистов за их труд и ответственность. ✔️ Также встретились с коллективом ЖКХ. Эта встреча получилась особенно насыщенной. Обсудили широкий круг вопросов — от бюджета республики и развития коммунальной отрасли до защищённости нашей инфраструктуры, работы ГРЭС и многих других актуальных тем. Приятно отметить, что на встрече собрались руководители предприятий ЖКХ района и наших сёл. Поэтому разговор получился действительно живым, предметным и содержательным. Обсудили сегодняшние проблемы отрасли, перспективы её развития, вопросы, которые волнуют работников, жителей и руководителей на местах. Хочу поблагодарить всех, кто сегодня нашёл время для встречи, за открытый и честный разговор. Спасибо за ваши вопросы, предложения и за то, что поделились своими проблемами. Именно такие встречи позволяют лучше понимать реальную ситуацию, слышать людей и вместе определять, над чем нам всем ещё предстоит работать. Вопросов действительно много, и лёгких решений не всегда бывает. Но самое главное — есть желание работать вместе и двигаться вперёд. Спасибо всем за тёплый приём и конструктивный разговор! Мой канал в МАХ 📲
-
📚👍👏Күүкэйгэ кырачааннар бэлэх туттулар Сунтаар улууһун Күүкэй нэһилиэгэр быйыл бастакы кылааска 8 оҕо оскуола боруогун атыллаата. Олохтоох дьаһалта уонна Күүкэйдээҕи «Матери России» түмсүүтэ оҕолорго бэлэхтэри туттардыбыт. Светлана Попова иһитиннэриитэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
📚🏫👏🏻Бордоҥ кырачааннара сэмэй бэлэхтэри туттулар Сунтаар улууһун Бордоҥ нэһилиэгин «Матери России» салаатын салайааччыта Галина Лукина Бордоҥ оскуолатын маҥнайгы кылааска үөрэнэ киирэр оҕолорго бэйэтин сэмэй бэлэхтэрин туттартаата. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost 

Күнүм олус таһаарыылаахтык ааста — араас хайысханан түөрт көрсүһүүнү ыыттым. Хас биирдии көрсүһүү биһиги өрөспүүбүлүкэбит дьонун-сэргэтин, дьиэ кэргэттэрин, үлэтин-хамнаһын уонна инники кэскилин кытары сибээстээх буолла. 🔹Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин уонна нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин үлэһиттэрин кытары, эдэр дьон төрөөбүт сирдэригэр хаалан, манна үлэлээн-хамнаан, ыал буолан, оҕо төрөтөн, инники кэскиллэрин өрөспүүбүлүкэни кытары ситимнииллэригэр сөптөөх усулуобуйаны тэрийии туһунан дьүүллэстибит. 🔹Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1-кы нүөмэрдээх балыыһа быраастарын кытта көрүстүм. Балыыһа медицинскэй оборуудобанньаннан, аныгы тутууларынан уонна коммунальнай өттүнэн хааччыллыытын, ону сэргэ исписэлиистэргэ олорор дьиэннэн уонна социальнай инфраструктураннан хаачыллыыларын ырытыстыбыт. Быраастар өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлии эрэ буолбакка, олохсуйа хаалалларыгар сөптөөх усулуобуйа тэриллиэхтээҕин тоһоҕолоотулар. 🔹Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотека ааҕыныстыбатыгар дьиэ-уот тиийимтиэ буолуутун көтөхтүбүт. Эдэр исписэлиистэр ыал буолан, оҕонуохтарын баҕараллар эрээри, дьиэ куортамын сыаната үрдүгэ харгыс буолар. Онон дьиэ атыылаһарга бастакы хардыыны оҥорорго көмөлөһөр дьаһаллар наадалар. 🔹Күнүм Хатас нэһилиэгин олохтоохторун кытары көрсүһүүнэн түмүктэннэ. Манна байыастарбыт дойдуларыгар төннөн баран, эйэлээх олоххо түргэнник киирэллэригэр өйөбүл, туһаннаах тутуулар уонна үлэ миэстэтин тэрийии туһунан кэпсэттибит. Оҕолорбут тупсаҕай эйгэҕэ улааталлара, үөрэнэллэрэ, успуордунан дьарыктаналлара уонна инникилэрин эрэллээхтик көрөллөрө — сүрүн сорукпут. Көрсүһүү кэмигэр араас боппуруостары таарыйдыбыт, ол эрэн уопсай сорук биир — дьон олоруон, үлэлиэн, инники кэскилин төрөөбүт өрөспүүбүлүкэтин кытары ситимниэн баҕарар усулуобуйатын салгыы тэрийии буолар. Онон салгыы үлэлиэхпит! https://max.ru/channel_PetrShamaev
- Older posts