НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 2 hours ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
repost from Шамаев Петр

Балаҕан ыйын 3-с күнүгэр милитаристскай Японияны Кыайыы уонна Аан Дойду Иккис сэриитэ түмүктэммит күнэ. Бүгүн Бэрдьигэстээх бөһүөлэгэр Үйэлээх уот мемориалыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдубут. Сэрии хонуутугар охтубут буойуттарбытыгар, кыргыһыы хонуутуттан төннүбэтэх дьоммутугар, бэтэрээннэрбитигэр, тыыл үлэһиттэригэр уонна сэрии ыар сылларын санныларыгар сүкпүт бар дьоммутугар дириҥ ытыктабылбытын биллэрдибит. 1945 сыл балаҕан ыйын 2 күнүгэр Аан Дойду Иккис сэриитэ түмүктэммитин, Япония капитуляциялаабытын туһунан сурук баттаммыта. Балаҕан ыйын 3 күнүгэр сэбиэскэй хаһыаттарга Иосиф Сталин Японияны кыайбыппытын туһунан норуокка ыҥырыыта бэчээттэммитэ. Саха сирэ Улуу Кыайыыга бэйэтин сүҥкэн кылаатын киллэрбитэ: тыһыынчанан биир дойдулаахтарбыт Аҕа дойду көмүскэлигэр фроҥҥа аттаммыттара, оттон тыылга хаалбыт дьон хоргуйууну, тоҥууну аахсыбакка, Кыһыл Аармыйаны бары наадалааҕынан хааччыйан, дьаныардаахтык үлэлээбиттэрэ. Биһиги ытык иэспит — кинилэр хорсун быһыыларын кэриэстээн, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэн, Дьоруойдар албан ааттара, Улуу Кыайыы устуоруйата саха дьонун сүрэҕэр букатыннаахтык хааларын ситиһии. https://max.ru/channel_PetrShamaev

Views over time

02004006008003 Sep 04:3910 Nov 22:066783 Sep 04:39: 0 views10 Nov 22:06: 678 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
3 Sep 2026, 04:390
10 Nov 2026, 22:06678

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.