НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 2 hours ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
repost from Шамаев Петр

Күнүм олус таһаарыылаахтык ааста — араас хайысханан түөрт көрсүһүүнү ыыттым. Хас биирдии көрсүһүү биһиги өрөспүүбүлүкэбит дьонун-сэргэтин, дьиэ кэргэттэрин, үлэтин-хамнаһын уонна инники кэскилин кытары сибээстээх буолла. 🔹Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин уонна нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин үлэһиттэрин кытары, эдэр дьон төрөөбүт сирдэригэр хаалан, манна үлэлээн-хамнаан, ыал буолан, оҕо төрөтөн, инники кэскиллэрин өрөспүүбүлүкэни кытары ситимнииллэригэр сөптөөх усулуобуйаны тэрийии туһунан дьүүллэстибит. 🔹Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1-кы нүөмэрдээх балыыһа быраастарын кытта көрүстүм. Балыыһа медицинскэй оборуудобанньаннан, аныгы тутууларынан уонна коммунальнай өттүнэн хааччыллыытын, ону сэргэ исписэлиистэргэ олорор дьиэннэн уонна социальнай инфраструктураннан хаачыллыыларын ырытыстыбыт. Быраастар өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлии эрэ буолбакка, олохсуйа хаалалларыгар сөптөөх усулуобуйа тэриллиэхтээҕин тоһоҕолоотулар. 🔹Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотека ааҕыныстыбатыгар дьиэ-уот тиийимтиэ буолуутун көтөхтүбүт. Эдэр исписэлиистэр ыал буолан, оҕонуохтарын баҕараллар эрээри, дьиэ куортамын сыаната үрдүгэ харгыс буолар. Онон дьиэ атыылаһарга бастакы хардыыны оҥорорго көмөлөһөр дьаһаллар наадалар. 🔹Күнүм Хатас нэһилиэгин олохтоохторун кытары көрсүһүүнэн түмүктэннэ. Манна байыастарбыт дойдуларыгар төннөн баран, эйэлээх олоххо түргэнник киирэллэригэр өйөбүл, туһаннаах тутуулар уонна үлэ миэстэтин тэрийии туһунан кэпсэттибит. Оҕолорбут тупсаҕай эйгэҕэ улааталлара, үөрэнэллэрэ, успуордунан дьарыктаналлара уонна инникилэрин эрэллээхтик көрөллөрө — сүрүн сорукпут. Көрсүһүү кэмигэр араас боппуруостары таарыйдыбыт, ол эрэн уопсай сорук биир — дьон олоруон, үлэлиэн, инники кэскилин төрөөбүт өрөспүүбүлүкэтин кытары ситимниэн баҕарар усулуобуйатын салгыы тэрийии буолар. Онон салгыы үлэлиэхпит! https://max.ru/channel_PetrShamaev

Views over time

02004006008002 Sep 08:1410 Nov 22:067192 Sep 08:14: 0 views10 Nov 22:06: 719 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
2 Sep 2026, 08:140
10 Nov 2026, 22:06719

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.