📍Бүгүн – Милитаристскай Японияны Кыайыы уонна Иккис аан дойду сэриитэ түмүктэммит күнэ Уһук Илиҥҥэ байыаннай дьайыыларга Саха сириттэн 3,5 тыһыынчаттан тахса саллааттар уонна офицердар дьоруойдуу быһыыны көрдөрөн, оччотооҕу аан дойду биир саамай күүстээх аармыйатын — Милитаристскай Японияны кылгас кэмҥэ үлтүрүппүттэрэ. Саха сирин буойуттара Забайкальскай фронт 17-с аармыйатын 278 стрелковай дивизиятын уонна 39-с аармыйатын 210-с, 94-с стрелковай дивизияларын састаабыгар бэйэлэрин чулуу пехотинец уонна бэргэн снайпер быһыытынан көрдөрбүттэрэ. Саха сирин буойуннара сэриилэһэргэ анал үөрэхтээх, толору сэбилэниилээх, мөлүйүөн ахсааннаах Квантунскай аармыйаны кытта кырыктаах кыргыһыыга кыайыылаах тахсыбыттара. Биһиги аҕаларбыт, эһэлэрбит Маньчжурия, Сахалин, Курильскай арыылар, Хотугу Корея иһин уонна Кытайга Хайларскай кириэппэһи ыларга күүстээх кыргыһыыларга кыайыы иһин киирсибиттэрэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.8%678 avg views
Posting
21.7/day
last 2 hours ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 3 Sep 2026, 05:19 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 677 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.