НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 2 hours ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
repost from «Кыах»

🤩👏Күүкэйгэ аан дойду мас тардыһыытын түмэр сирэ баар буолуоҕа Балаҕан ыйын 1 күнүгэр күннээх Күүкэй күнүнэн көрсөн Саха сиригэр мас тардыһыытын федерацията тэриллибитэ 30 сылын бэлиэтээтибит. Бүтүн норуоттар икки ардыларынааҕы мас тардыһыытын федерациятын бэрэссэдээтэлэ Александр Акимов көҕүлээһининэн төрөөбүт дойдутугар үбүлүөйдээх сылы бэлиэтээн аан дойду мас тардыһыытын салайааччылара, ааттаах мадьынылара түмсэр сирдэрэ тутулла турарын көрөн сөхтүбүт, олуһун сэргээтибит. Санаан да көрөргө астык. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Аан дойду мас тардыһыытын күрэһин кыайыылааҕа Наталья Кузнецова, ааттаах тириэньэрдэр Анатолий Петров, Владимир Архипов, Михаил Саввинов, Павел Павлов, улуус баһылыга Анатолий Григорьев, улуус федерациятын салайааччыта Гаврил Еремеев ытык-мааны ыалдьыт буолан өрөгөй түгэни суолталаатылар. Кураһаай Мэхээлэ мадьыныларга, мас тардыһыытын салайааччыларыгар алгыс тылын иҥэрэн саха айыы үҥкүүтүн өрө тутта. Үс былаах үөһэ күөрэйэн саха бастыҥ спордун көрүҥэ — мас тардыһыы Олимпиада чыпчаалыгар тиийэ сайдарыгар ыра санаа иһирэхтик иһилиннэ. Тэрээһин түмүгэр мас тардыһыы 30 сылын бэлиэтээн оскуола тулаһатыгар үс хатыҥ мас олордуллан бэлиэ түгэн туоһута буолла. Күннээх Күүкэй аны аан дойду мадьыныларын түмэр ытык сир буолла, баҕар бу манна тэриллиэхтээх кэскиллээх кэпсэтииттэн саҕыллан мас тардыһыы Олимпиада бастыҥ оонньуута буолуоҕа, оннук эрэ буоллун! Тускулаана Горохова-Кобельянова @sakhasporttv

Views over time

02004006008003 Sep 03:3410 Nov 22:066473 Sep 03:34: 0 views10 Nov 22:06: 647 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
3 Sep 2026, 03:340
10 Nov 2026, 22:06647

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.