👏Атамайга агро кылаастар арылыннылар Быйыл Горнай улууһугар саҥа үөрэх дьылын көрсө Сэмэн Данилов аатынан Бэрдьигэстээх уонна Владимир Лонгинов аатынан Атамай оскуолаларыгар «Кадры в АПК» федеральнай бырагырааманнан «Агро инженерия» хайысхалаах агро кылаастар арылыннылар. Билии күнүн көрсө Горнай улууһун Сэмэн Данилов аатынан Бэрдьигэстээхтээх орто оскуолатыгар саҥа, кэскиллээх бырайыак — агротехнологическай кылаас үлэтин саҕалаата. Анал хайысха үөрэнээччилэри тыа хаһаайыстыбатын уонна аныгы технологиялары сибээстиир ураты киин буолуоҕа. Бырайыагы олоххо киллэриигэ аҥардас бу оскуолаҕа 4 мөлүйүөнтэн тахса солкуобай үп көрүлүннэ. Билиҥҥи кэмҥэ тыа хаһаайыстыбата – бу бастатан туран, цифровой технологиялар, робототехника, биотехнология, метеорологическай мониторинг уонна автоматизация сайдыыта буолар. Аныгы агроном диэн – чинчийээччи, аналитик уонна технолог идэлээх киһи. Саҥа арыллыбыт кылааска оҕолор бу идэлэргэ анал үөрэхтэри ааһыахтара, оскуолаҕа ылбыт билиигэ олоҕуран, бэйэлэрин дьоҕурдарын чинчийэр үлэҕэ холонон көрүөхтэрэ.Кэскиллээх үөрэх хайысхата арыллыытын «Газпром» хампаанньа өйөөтө. Оҕолор үөрэнэллэригэр табыгастаах, аныгылыы эйгэ тэрийиигэ сүрүн күүс буолла. Агротехнологическай кылаас арыллыыта Горнай улууһун тыатын хаһаайыстыбатын инники сайдыытыгар төһүү күүс буолуоҕа. Манна саҥа санаалар, эксперименнэр, бырайыактар үөскээн, кэскиллээх, үрдүк таһымнаах исписэлиистэр иитиллэн тахсыахтара диэн эрэнэллэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.8%678 avg views
Posting
21.7/day
last 2 hours ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 3 Sep 2026, 02:12 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 696 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.