🚌 Атырдьах ыйын 30 күнүгэр диэри 5, 11, 14, 17 уонна 18 нүөмэрдээх оптуобустар Прометей дьоҕус оройуонугар киирбэккэ таһынан айанныылларын туһунан Суол-иис уонна тырааныспар сулууспата иһитиннэрэр. Бу күннэргэ манна кыбаартал суолун-ииһин өрөмүөннүөхтэрэ. Сулууспа кылгас болдьоххо айаҥҥа уларыйыылары учуоттуурга көрдөһөр. Хаартыска: сулууспа пресс-киинэ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube