НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
repost from «Кыах»

🤼🏆Никита Хабаров Аан дойдутааҕы Көс омуктар оонньууларыгар кыттыаҕа Саха сириттэн хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэ муҥутуур кыайыылааҕа, Муома улууһуттан төрүттээх Никита Хабаров Россия аатыттан Аан дойдутааҕы Көс омуктар оонньууларыгар кыттарга бэлэмнэнэр. Кини хапсаҕайга муҥутуур кыайыылааҕы быһаарар турнирга киирсиэҕэ. Саха спордун көрүҥэ улахан күрэхтэһиигэ бастакытын киирэр. Бу туһунан СИА иһитиннэрэр. Аан дойдутааҕы Көс омуктар оонньуулара атырдьах ыйын 31 күнүгэр Кыргызстаҥҥа саҕаланар. Уопсайа спорт 43 көрүҥэр күрэхтэһиилэр ыытыллыахтара. Хапсаҕай оонньууларга бастакытын киирбитэ. Муҥутуур кыайыылааҕы быһаарар күрэхтэһии балаҕан ыйын 4 күнүгэр буолуоҕа. Билиҥҥи кэмҥэ хапсаҕайга Беларусь, Венгрия, Греция, Индия, Иран, Казахстан, Кыргызстан, Молдов, Монголия, Нидерланды, Пакистан, Польша, Россия, Северная Македония, Таджикистан, Узбекистан, Франция уонна Эстония дойдулартан бөҕөстөр кытталлара биллэр. Россия хамаандатыттан Никита Хабаров соҕотох күрэхтэһэр. @sakhasporttv

Views over time

05001K25 Aug 11:5010 Nov 22:0698425 Aug 11:50: 0 views10 Nov 22:06: 984 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
25 Aug 2026, 11:500
10 Nov 2026, 22:06984

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.