Уматык боппуруоһа Бырамыысыланнас министиэристибэтин хонтуруолугар тутуллар. https://vkvideo.ru/video-211137588_456268010?list=e186abbc185438cf36 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393®istryType=bloggersPermission
-
-
Бүлүү улууһун Тылгыны нэһилиэгин олохтооҕо Розалия Мякчегирова сиэлтэн араас оҥоһуктары оҥорорунан дьарыктанар. https://vkvideo.ru/video-211137588_456268008?list=12f6ba3ba082093b07 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
«Амтан» рубрикаҕа: мүөттээх эбиэс хааһыны уонна эбиэстэн запеканканы астыахха https://vkvideo.ru/video-211137588_456268005?list=48e7ce21ddbcc2e468 Көрүҥ, үтүктүҥ, минньигэстик аһааҥ!😋 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Ил Дархан Айсен Николаев Мииринэйгэ үлэ сырыытынан 16 мэндиэмэннээх саҥа дьиэ тутуутун хаамыытын көрдө. Бу бырайыак Владимир Путин көҕүлээбит «Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка табыгастаах куортамнанар дьиэ» бырагыраама чэрчитинэн оҥоһуллар. Ону таһынан, Айсен Николаев Мииринэй куорат киин оройуоннааҕы балыыһатыгар сырытта, онно төрүүр дьиэни толору өрөмүөннээһин салҕанар. Сиһилии сюжекка көрүҥ https://vkvideo.ru/video-211137588_456268007?list=304d02fb81fc009622 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
«Туойдьут төлөйдөр» диэн ааттаах бүтүн россиятааҕы бастакы бэстибээл Чурапчы улууһун Төлөй кэрэ сиригэр-уотугар өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан дьону-сэргэни түмэн бэрт үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Бу бэстибээли Төлөйдөр бэрэсидьиэн граныгар кыайыын ситиһэн тэрийдилэр. https://vkvideo.ru/video-211137588_456268006?list=b04d68fe623777cb4b nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Бүлүү улууһугар сүппүт дьахтары көрдүүллэр Бүлүү улууһун Уһун сэлиэнньэтигэр сүппүт олохтоох дьахтары көрдүүллэр. Кэргэнэ этэринэн, 1984 сыллаах төрүөх дьахтар атырдьах ыйын 12 күнүгэр дьиэтиттэн тахсан баран сибээскэ тахсыбатах. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн, сүппүт дьахтар бүтэһигин атырдьах ыйын 12 күнүгэр ийэтигэр куоракка баран эрэрин мессенджергэ суруйбут. Олохтоохтортон биирдэстэрэ дьахтары сүппүтүн кэннэ икки хонук буолан баран атырдьах ыйын 14 күнүгэр көрбүт. Кини этэринэн, дьахтар төрөппүттэрин дьиэтин диэки хааман барбыт. Көрдүүр үлэҕэ Иван Иванов салалтатынан СӨ Быыһыыр сулууспатын Бүлүүтээҕи көрдүүр-быыһыыр этэрээтин быыһааччылара, РФ ЫБММ Бүлүүтээҕи салаатын үлэһиттэрэ, олохтоохтортон волонтердар кытталлар. Сири-уоту көрүүгэ үс тиэхиньикэ тардылынна. Ону тэҥэ тепловизордаах квадрокоптеры туһаналлар. Хаартыска: СӨ Быыһыыр сулууспатын архыыбыттан nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Саха сиригэр уон баһаары умуруораллар Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Ньурба, Хаҥалас уонна Мииринэй оройуоннарыгар 155 244 гектар уопсай иэннээх 10 ойуур баһаарын умуруоруу үлэтэ салҕанар. Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин Ойууру харыстааһын, араҥаччылааһын уонна чөлүгэр түһэрии департаменын салайааччыта Николай Никитин иһитиннэрдэ. Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи уонна Мииринэй оройуоннарыгар уопсайа 20 730 гектар иэннээх үс ойуур баһаарын төгүрүйдүлэр. Баһаардары умуруорууга элбэх күүс уонна сириэстибэ тардылынна. Ол курдук, 252 киһи, ол иһигэр ойуур баһаарынай этэрээттэрин 199 үлэһитэ, уонна 21 тиэхиньикэ үлэлиир. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта ойуур баһаардарын умуруорууга 562 киһи уонна 35 тиэхиньикэ кыттар. Суукка саҕаланыыта Саха сиригэр алта оройуоҥҥа — Үөһээ Бүлүүгэ, Кэбээйигэ, Мииринэйгэ, Ньурбаҕа, Хаҥаласка уонна Өлөөҥҥө — 60 ойуур баһаара турбута бэлиэтэнэр. Ыраах сытар уонна тиийэргэ уустук сирдэргэ хонтуруол зонатыгар 50 ойуур баһаара салгыы бара турар. Өрөспүүбүлүкэҕэ от ыйын 10 күнүгэр киллэриллибит ойуурга ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ үлэлии турар. Муниципалитет таһымнаах ойуурга ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ Мииринэй, Өлөөн, Ньурба уонна Кэбээйи улуустарыгар оннунан хаалар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost С утра добавляется ещё одна точка, где можно заправиться. Теперь на АЗС ООО «Сервис-Ойл» по Покровскому тракту, 5 км, 2Б доступен бензин АИ‑92 — до 20 литров на машину, наличными или по карте. Это расширяет возможности для тех, кто ездит по южному направлению, и немного разгружает соседние заправки. ❗️ Остальные адреса всех работающих АЗС, марки топлива, лимиты, а также информация по дизельному топтиву без ограничений публикуем на каналах Оперштаба Якутии https://max.ru/YakutiaOpershtab, https://t.me/YakutiaOpershtab. Мой канал в МАХ 📲
-
Дьокуускайга уматыгынан хааччыллыы боппуруоһа туһааннаах биэдэмэстибэлэр хонтуруолларыгар тутуллар. Суоппардарга табыгастаах буоллун диэн уонна уопсай бэрээдэги кэтииргэ регулировщиктар үлэлииллэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Саҥа күнүнэн, Атырдьах ыйын Бүтэһик күннэрэ, Сайын уонна Күһүн ыпсыыта, Сылаас күннэр ааһыахтара, Сөрүүн кэмнэр кэлиэхтэрэ, Арай дьыл ханнык да кэмигэр Баар буоллун өрүү: Чөл турук, чэгиэн буолуу, Үтүөҕэ итэҕэл, Инникигэ эрэл, Сүрэххэ таптал ☀️🙂✊🏼 Анна Новгородова nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Программа ТВ НВК "Саха" на 25 августа (вт.) 06:00-Тиэргэн 12+ 06:30-Мы вам покажем 12+ 07:00-Саҥа күн 6+ 08:00-Утро Якутии 6+ 09:00-Саҥа күн 6+ 10:00-Утро Якутии 6+ 11:00-Выборы-2026 12+ 11:45-Актуальное интервью 12+ 12:00-Новости 12+ 12:15-Тиэргэн 12+ 12:45-Саха сатаабата суох 6+ 13:15-Репортаж 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Тэтим 6+ 15:00-Новости 12+ 15:15-Якутск сегодня 12+ 16:00-Выборы-2026 12+ 16:05-Күн дэлэйэ 6+ 16:30-Выборы-2026 12+ 16:45-Ытык дьоммут ыллыктаах тыллара 12+ 17:15-Просто вкусно 12+ 18:00-Новости 12+ 18:15-Модун 12+ 18:45-Репортаж 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Дойдум дьоно 12+ 19:30-Харах далыгар 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-"Сайда тур, Сахам Сирэ!" телесериал 12+ 21:45-Барыс 12+ 22:15-Дойдум дьоно 12+ 22:30-Модун 12+ 23:00-Итоги дня 12+ 23:30-Тиэргэн 12+ 00:15-Харах далыгар 12+ 01:15-Якутск сегодня 12+ 02:00-Новости 12+ 02:15-Тэтим 6+ 03:15-Эйгэ 6+ 04:40-Документальный фильм 12+ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Саха сиригэр сылаас күннэр буолуохтара Оптуорунньукка күнүс, атырдьах ыйын 25 күнүгэр, Дьокуускайга +21 кыраадыска тиийэрэ күүтүллэр. Бу туһунан күнү-дьылы кэтээн көрөр ыстаансыйа иһитиннэрэр. «Сөҥүү түһэрэ күүтүллүбэт, хотугулуу-арҕаа тыал сөкүүндэҕэ 1-6 миэтэрэ түргэннээхтик үрүөҕэ. Түүн салгын температурата +1+3°, сорох сиринэн -2°, күнүс +19+21°", — диэн сабаҕалааһыҥҥа этиллэр. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар +20 кыраадыс бэлиэтэннэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
«Туойдьут Төлөйдөр» диэн ааттаах бүтүн Россиятааҕы бастакы бэстибээл Чурапчы улууһун Төлөй сиригэр-уотугар өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан дьону-сэргэни түмэн бэрт үрдүк таһымнаахтык ааста. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost «Сказ о том, как смелый соболь лиса прогнал»: фотоловушка национального парка «Ленские столбы» запечатлела необычную сцену📸🦊🌳 На участке родовой общины «Морсо» развернулась захватывающая драма. В объектив камеры сначала попал рыжий лис: он настороженно вглядывается в чащу, пятится назад и вдруг бросается наутек. Следом появляется и сам источник угрозы - крошка-соболь! И пускается в погоню! Чем именно маленький зверек так напугал признанную лесную плутовку, остается загадкой. Как предполагает госинспектор Василий Калитин, предоставивший кадры, соболь яростно защищал свое потомство или территорию - и перед таким напором лис просто не устоял. Для сравнения: взрослый лис весит в среднем от 4 до 8 кг, тогда как вес соболя редко превышает 1-1,8 кг. Но при этом все представители куньих (соболи, куницы, росомахи) обладают исключительной свирепостью, быстрой реакцией и мощными челюстями. Для лисы риск получить серьезную травму от такого агрессора высок, поэтому хищник предпочел отступить. Вот такие удивительные истории из жизни дикой природы фиксируют фотоловушки нашего нацпарка. @lenapillarsnationalpark Подписывайся на нас в MAX и в VK
-
repost -
Арктика түөрт оройуона оттук сезонугар номнуо киирдэ Арктика түөрт оройуонугар оттук сезона саҕаланна. Аллайыаха улууһугар оттук кэмэ атырдьах ыйын 8 күнүттэн, Анаабырга — атырдьах ыйын 15 күнүттэн, Аллараа Халымаҕа — атырдьах ыйын 18 күнүттэн, Өлөөҥҥө — атырдьах ыйын 20 күнүттэн саҕаланна. Өрөспүүбүлүкэ атын оройуоннарын 2026/2027 сыллардааҕы оттук сезонугар бэлэмнээһини олохтоммут графигынан салгыы ыыталлар. Өрөбүллэргэ СӨ ОДьКХ уонна энергетика миниистирэ Вячеслав Емельянов Өлүөхүмэ улууһугар үлэтин сырыытын чэрчитинэн бырабыыталыстыба хамыыһыйатын оттук сезонугар бэлэмнэниигэ мунньаҕын ыытта. Мунньахха Алдан, Нүөрүҥгүрү, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү уонна Бүлүү улуустарын бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Кыттыылаахтар эбийиэктэр коммунальнай инфраструктураларын Ростехнадзор киритиэрийдэринэн бэлэмнэрин уонна куттал тахсыах билиҥҥи таһымын көрдүлэр. Ураты болҕомтону уматыгы тиэйиигэ уурдулар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Ил Дархан сорудаҕынан АЗС-тарга уматыгы хат үллэрэн саҕалаатылар Ил Дархан сорудаҕынан, балаһыанньаны бигэргэтэр туһугар, АЗС ситимнэрин икки ардыларыгар уматыгы хат үллэрэн саҕалаатылар. Саха сиригэр уматыгынан хааччыйыы балаһыанньатын бигэргэтэр үлэ салҕанар. Уочараттары аҕыйатар туһуттан Дьокуускай куоракка «СибОйл» уонна «Туймаада-Ньиэп» чааһынай ситимнэргэ табаар иэһин биэрии суотугар, дьон заправкаланар кыахтаах АЗС-тар ахсааннара элбэтиллиэҕэ. Бу туһунан пресс-подход кэмигэр өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев иһитиннэрдэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost 

«Тэҥнээх кэпсэтии» бырайыак чэрчитинэн «Сайдар кэмп» лааҕыр кыттыылаахтарын кытта көрүстүм. М. К. Аммосов аатынан ХИФУ өйөбүлүнэн «ZЕМА» ыччат түмсүүтэ тэрийбит, абитуриеннарга уонна бастакы куурус устудьуоннарыгар аналлаах лааҕырга быйыл Саха сирин араас улуустарыттан 520 оҕо кытынна. Икки нэдиэлэ устата кинилэр интерактивнай былаһааккаларга, спортивнай уонна айар тэрээһиннэргэ кытыннылар, бэйэ-бэйэлэрин кытта билсистилэр уонна саҥаны биллилэр-көрдүлэр. Үгүстэргэ бу лааҕыр үлэтэ куоракка олохсуйууга, бэйэни салайыныыга бастакы уопутунан буолла. Маннык көрүҥ ыччаттар куорат олоҕор түргэнник үөрэнэллэригэр, доҕоттору булуналларыгар көмөлөһөр. Көрсүһүү кэмигэр устудьуоннар олох-дьаһах, идэни талыы, үлэҕэ бастакы хардыылары оҥорууга сыһыаннаах боппуруостар тула санаа атастастылар. Мин бэйэм үөрэммит сылларым, идэбин саҕалаабыт кэмнэрим туһунан ахтан-санаан, уопуппун үллэһинним. Устудьуоннарга ситиһиилээх үөрэҕи, саҥа доҕоттору, интэриэһинэй бырайыактары уонна бэйэлэригэр эрэллээх буолалларыгар баҕарабын! Бу саҥа олох түһүмэҕэ элбэх кыаҕы, билиини, чаҕылхай ситиһиилэри аҕаллын! https://max.ru/channel_PetrShamaev
-
Айсен Николаев Мииринэйгэ үлэлиир Ил Дархан Айсен Николаев Мииринэй оройуонугар үлэлиир. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ баһылыга 158 кыбартыыралаах куортам дьиэтин тутуутун хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Бу дьиэ РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһаарыытынан, ДОМ.РФ кыттыылаах олоххо киллэриллэр табыгастаах куортам дьиэтин бырагырааматынан тутуллар. Дьон толору тэриллээх — миэбэллээх, бытовой тиэхиньикэлээх — кыбартыыралары ыйга 10-тан 19 тыһыынча солкуобайга диэри табыгастаах сыанаҕа ылыахтара диэн Ил Дархан бэйэтин социальнай ситимнэригэр суруйар. «Быйыл Саха сиригэр барыта 810 куортам кыбартыыратын киллэрэр былааннаахтар. Мииринэйгэ үлэ бара турар, наадалаах матырыйааллары аҕалбыттар. Ол гынан баран, сир ньуурун уратылара уонна тиэйии-таһыы уустуга бырайыагы ыараттылар. Маны кытта ситимнээх боппуруостары суһаллык быһаарарга, тутуу ирдэнэр тэтимин хааччыйарга уонна эбийиэги сыл бүтүөр диэри бүтэрэргэ сорудахтаатым», — диэн Айсен Николаев эттэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost Глава Якутии Айсен Николаев про топливо: Для сокращения очередей будет увеличено число АЗС, доступных для заправки, за счёт предоставления товарного займа частным сетям «СибОйл» и «Туймаада-Нефть». Якутия. Оперштаб в МАКС
- Older posts