НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
repost from «Кыах»

🥊🏆Дьокуускайга «Вызов Севера» турнирга биэс дойдуттан боксердар кыттыыны ылыахтара Киин куоракка «Триумф» спорт киинигэр атырдьах ыйын 30 күнүгэр «Вызов Севера» профессиональнай буокса киэһэтэ ыытыллар. Рингэҕэ Россия, Узбекистан, Филиппины, Конго уонна Иран бэрэстэбиитэллэрэ тахсыахтара. Турниры Артём Шульц (Алтайскай кыраай) уонна Всеволод Гвоздеев (Краснодарскай кыраай) киирсиилэрэ арыйыаҕа. Түөрт раундтан турар киирсии 71 киилэҕэ диэри категорияҕа ыытыллыаҕа. Салгыы саха боксера Петр Васильев уонна уопуттаах Узбекистан бөҕөһө Нодирбек Соибов күөн көрсүөхтэрэ. Нодирбек 12 кыайыылаах, 4 хотторуулаах. Манна алта раунд киирсэллэрэ күүтүллэр. Узбекистан боксера дойдутугар биир бастыҥ лиидэр буолар. Ол иһин саха уола күүстээх, тыҥааһыннаах киирсиигэ бэлэмнэнэр. Үһүс киирсиигэ Ашкан Резаи (Иран, биир кыайыылаах, хотторуута суох) уонна Карен Соловьев (Сочи, икки кыайыылаах, хотторуута суох) рингэҕэ тахсыахтара. Төрдүс киирсиинэн уопуттаах Муджибилло Турсунов (Узбекистан, тоҕус кыайыылаах, биир хотторуулаах) уонна Павел Федоров (Ивановскай уобалас, түөрт кыайыылаах, хотторуута суох). Бэһис киирсиигэ саха боксера Михаил Варламов (аҕыс кыайыылаах) уонна Филиппины чемпиона Майкл Касама (11 кыайыылаах, түөрт хотторуулаах уонна биир тэҥнэһиилээх). Түмүккэ Конготтан Майкл Кинг Красноярскай уола Александр Хохлову утары киирсиэҕэ. Хаартыска: Саргын Скрябин/ЯСИА @sakhasporttv

Views over time

02505007501K25 Aug 10:3410 Nov 22:0685325 Aug 10:34: 0 views10 Nov 22:06: 853 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
25 Aug 2026, 10:340
10 Nov 2026, 22:06853

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.