Суукка иһигэр 16 тыһ кэриҥэ га иэннээх ойуур баһаарын умуруордулар Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр Мииринэй оройуонугар 15 979 гектар иэннээх биир ойуур баһаара умуруорулунна. Бу туһунан СӨ Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы, өрөспүүбүлүкэ сүрүн лесничэйэ Андрей Коноплев брифиҥҥэ иһитиннэрдэ. Күн саҕаланыыта өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 59 ойуур баһаара баар. Уот Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Мииринэй, Ньурба, Хаҥалас уонна Өлөөн улуустарыгар регистрацияланна. Уопсайа 143 551 гектар иэннээх тоҕус улахан ойуур баһаарын умуруорууга көхтөөх үлэлэр салҕаналлар. Кинилэр Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Ньурба, Хаҥалас уонна Мииринэй оройуоннарын сирдэригэр-уоттарыгар бааллар. 20 730 гектар уопсай иэннээх үс ойуур баһаарын төгүрүйдүлэр. Бу учаастактарга ситэрэн умуруоруу үлэтэ бара турар. Манна 252 киһи уонна 21 тиэхиньикэ кыттар. Ойуур баһаардарын умуруорууга барыта холбоон 561 киһи уонна 37 тиэхиньикэ үлэлиир. Андрей Коноплев этэринэн, Мииринэй уонна Ньурба улуустарыгар күүстэр уонна средстволар бөлөхтөрүн хаҥатыы салҕанар. Күүһүрдүү наадата салгын үрдүк температуратын уонна сөҥүү тиийбэтин кытары сибээстээх. Саха сиригэр, ону тэҥэ түөрт муниципальнай тэриллиигэ — Мииринэй, Өлөөн, Ньурба уонна Кэбээйи улуустарыгар — ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ салҕанар. «Күһүҥҥү тэллэйдиир-отоннуур сезон уонна күһүҥҥү булт саҕаламмытынан сибээстээн, дьону ойуурга уоту кытары олох сэрэхтээх буоларга уонна умайа турар оройуоннарга тыаҕа тахсыбаттарыгар ыҥырабыт», — диэн Андрей Коноплев эттэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.8%678 avg views
Posting
21.7/day
last 1 hour ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 26 Aug 2026, 02:36 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 903 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.