«Оҕуруоччукка сүбэ»: биология билимин хандьыдаата Константин Кривошапкин помидору хайдах көрөрү-истэри сүбэлээтэ https://vkvideo.ru/video-211137588_456267955?list=0cab46d5d0add37512 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393®istryType=bloggersPermission
-
-
Саха сирин үөрэҕириитин үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы мунньахтара 100-тэн тахса тэрээһини түмүөҕэ Атырдьах ыйын 19 күнүгэр Дьокуускайга СӨ үөрэҕириитин тиһигин үлэһиттэрин үгэс буолбут атырдьах ыйынааҕы мунньахтара саҕаланар. Быйылгы бырагыраама биэс тиэмэлээх хайысханан 101 тэрээһини түмүөҕэ. Сүрүн тиэмэнэн үөрэх-иитии хаамыытыгар доруобуйаны харыстыыр технологиялары киллэрии буолуоҕа. Мунньах сүрүн хайысхаларын туһунан СӨ Үөрэҕин уонна билимин миниистирэ Нюргуна Соколова «Актуальное интервью» бырагыраамаҕа сырдатта. Хаартыска: sakha.gov.ru nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Үгүс улуустар өрүс кытылларын ыраастыыр субуотунньуктары тэрийэллэр. Ол курдук, Сунтаар улууһа «Вода России» аахсыйаҕа кыттыыны ылбытын сюжекка көрүҥ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Сайаҕас сарсыарданан, Орто туруу бараан дойдуга, Саҥа күн саҕаланна Үөрүөҕүн үүммүт күнтэн, Үөрүөҕүҥ, эҕэрдэ тутартан, Үөрүөҕүҥ үчүгэй солунтан, Үөрүөҕүҥ кып кыраттан, Үөрүүнэн сылдьыахпыт Мөкүнү тумнуохпут, Үтүөнү түстүөхпүт, Дьол кыымын саҕыахпыт ☀️🙂✊🏼 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Программа ТВ НВК "Саха" на 19 августа (ср.) 06:00-Тиэргэн 12+ 06:30-Мы вам покажем 12+ 07:00-Саҥа күн 6+ 08:00-Утро Якутии 6+ 09:00-Саҥа күн 6+ 10:00-Утро Якутии 6+ 11:00-Тиэргэн 12+ 11:30-Году культуры и единства народов 12+ 12:00-Новости 12+ 12:15-Саха сатаабата суох 12+ 12:45-Асчыттар 6+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Тэтим 6+ 15:00-Новости 12+ 15:15-Эйгэ 6+ 16:30-Якутск сегодня 12+ 17:15-Телеуроки 12+ 17:30-Полярная звезда 6+ 18:00-Новости 12+ 18:15-Урбаан 6+ 19:00-Новости 12+ 19:30-Сайылык 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-"Сүлүһүннээх таптал" телесериал (2 сезон) 12+ 21:45-Дойдубут туһугар 12+ 22:45-Репортаж 12+ 23:00-Итоги дня 12+ 23:30-Тиэргэн 12+ 00:15-Сайылык 12+ 01:15-Якутск сегодня 12+ 02:00-Новости 12+ 02:15-Тэтим 6+ 03:15-Эйгэ 6+ 04:40-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
🇷🇺«Ил Дарханныын кэпсэтии» биэрии (18.08.26) nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-



+5
✊🏻Сунтаарга субуотунньукка бары күргүөмүнэн таҕыстылар Бүгүн, атырдьах ыйын 18 күнүгэр, Сунтаар улууһа Бүтүн Россиятааҕы «Вода России»экологическай аахсыйаҕа кыттыста. Ол курдук, улуус үгүс нэһилиэктэрин олохтоохторо Бүлүү эбэ уонна олорор сирдэригэр баар күөллэр кытылларын ыраастыы субуотунньукка таҕыстылар. Бу күн Сунтаар нэһилиэгин олохтоохторо: тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ, түмсүүлэр, биирдиилээн баҕалаах дьон эмиэ түмсэн, Бүлүү эбэ кытылыгар муһуннулар. Ол кэннэ субуотунньукка үтүө санаанан кыттыспыт олохтоохтор «Бүлүү эбэбитин ыраастык тутуохха, харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахха!» диэн ыҥырыы тыллаах кытылы кыйа мунньуллубут бөҕү-сыыһы ыраастаатылар. Балачча элбэх бөх хомуйуллан, куулланан тиэйэргэ бэлэмнэннэ. Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
📺«Ил Дарханныын кэпсэтии» биэриини бүгүн 20:00 чаастан көрүҥ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-

🏥Таатта Баайаҕатыгар саҥа быраас комплекса арылынна Таатта улууһун Баайаҕа сэлиэнньэтигэр саҥа быраас амбулаториятын арыйдылар. Эбийиэк үөрүүлээх аһыллыытыгар видеосибээһинэн Ил Дархан Айсен Николаев кытынна. «Баайаҕа олохтоохторугар күүтүүлээх, үөрүүлээх түгэн тосхойдо. Саҥа амбулатория каадырдарынан толору хааччылынна. 14 үлэһиттээх, ол иһигэр быраас уонна орто медперсонал сэттэ исписэлиһэ. РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Продолжительная и активная жизнь» национальнай бырайыагынан тутулунна. Ол эрээри олохтоохторго эбийиэк иэнэ, кэбиниэт ахсаана оруолу оонньообот. Сэлиэнньэҕэ билигин медицинскэй көмө аныгы, табыгастаах усулуобуйанан, саҥа оборудованиеларынан оҥоһуллар буолуоҕа», — диэн Айсен Николаев эттэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
📺«Ил Дарханныын кэпсэтии» биэриини бүгүн 20:00 чаастан көрүҥ Атырдьах ыйын 18 күнүгэр 20:00 чаастан «Саха» НКИХ ханаалыгар «Ил Дарханныын кэпсэтии» биэрии көстүөҕэ. Инники сайдыыны торумнуур боппуруостар, тирээн турар кыһалҕалар тустарынан Ил Дархан Айсен Николаев ырытар. Ону тэҥэ биэриини «Тэтим» араадьыйаҕа эмиэ истиҥ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Ньурба улууһугар сүөһүгэ эбии аһылыгы бэлэмнээһиҥҥэ былааннаах үлэ барар. Ол курдук, Ньурбатааҕы кормовой хампаанньа тэриллэн, эбиэс, элбэх сыллаах от үүнүүтэ сыллата тупсан иһэр. Маны сэргэ Мелиорация управлениетын Ньурбатааҕы салаата быйыл иккис сылын сонун үүнээйилэри кукурузаҕа, подсолнухха тиийэ олордубута. https://vkvideo.ru/video-211137588_456267946?list=efb5fce48b971150c6 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Саха сиригэр «Вода России» бүтүн россиятааҕы аахсыйа саҕаланна Атырдьах ыйын 18 күнүгэр Саха сиригэр бүтүн россиятааҕы «Вода России» диэн экологическай аахсыйа саҕаланна. Киин былаһаакканан Дьокуускай куоракка Өлүөнэ өрүс кытыла буолла, манна волонтердар, уопсастыбанньыктар, тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ уонна ыччат кыттыылаах субуотунньук ыытылынна. Тэрээһин былаһааккатыгар 1 700-тэн тахса баҕа өттүнэн кыттааччы муһунна. Аахсыйаны Ил Дархан Айсен Николаев аста. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ Хаартыска: Андрей Сорокин/СИА nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Нүөрүҥгүрүгэ СВО бэтэрээнэ үлэлэннэ Анал байыаннай дьайыы бэтэрээнэ Прокопий Софронов, «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай пуонда Нүөрүҥгүрүтээҕи салаатын өйөбүлүнэн, «Усть-СреднеканГЭСстрой» АУо куттал суох буолуутун сулууспатыгар үлэ булла. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ Хаартыска: sakha.gov.ru nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Айсен Николаев Таатта улууһугар үлэлээтэ. Ил Дархан оробуочай сырыытын туһунан кэлэр сюжекка көрүҥ. https://vkvideo.ru/video-211137588_456267944?list=fd10a24c14266f6434 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Саха сиригэр сайыҥҥы кэмҥэ 750 эрдэҕэс оҕону үлэҕэ ыллылар Саха сиригэр Дьарыктаах буолуу сулууспатын көмөтүнэн 752 эрдэҕэс оҕо үлэ булла. Оҕолорго бастакы үлэ уопутун уонна дьиҥ олох сатабылларын биэрэр сыаллаах сайыҥҥы дьарыгы «Содействие занятости населения Республики Саха (Якутия)» судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн тэрийдилэр. Хаартыска: sakha.gov.ru nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
edited «Сэмсэ тыл»: Иран Кытайтан көмүскэнэр сэби ылан эрэр... Бу туһунан «Сэмсэ тыл» биэриигэ политолог Чокуур Гаврильев ырытар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Саха сиригэр суукка иһигэр сэттэ баһаары умуруордулар Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ 5 447 га иэннээх сэттэ ойуур баһаарын Мииринэй уонна Өлөөн улуустарыгар умуруордулар. Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы, өрөспүүбүлүкэ сүрүн лесничэйэ Андрей Коноплев иһитиннэрдэ. Суукка саҕаланыытыгар өрөспүүбүлүкэҕэ 46 ойуур баһаара Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Мииринэй, Ньурба уонна Өлөөн улуустарыгар баара бэлиэтэнэр. Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Ньурба уонна Мииринэй оройуоннарыгар 129 802 га уопсай иэннээх аҕыс ойуур баһаарын умуруоруу салҕанар. Умуруоруу үлэтигэр 507 киһи уонна 35 тиэхиньикэ тардылынна. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Дьокуускайдааҕы нефтебаза филиалын сэттэ станциятыгар уматык атыытыгар быстах кэмҥэ хааччахтааһыны киллэрдилэр. Онуоха бу суһал уонна аварийнай сулууспаларга тарҕаммат диэн брифиҥҥэ Гражданскай харысхал дьыалатыгар миниистири бастакы солбуйааччы Айаал Вензель иһитиннэрдэ. https://vkvideo.ru/video-211137588_456267941?list=90dbf42ada4860a4ad nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
«Амтан» рубрикаҕа: Сымыыттаах минньигэс ас Дьокуускай куорат олохтооҕо Дария Колосова минньигэс уонна судургу бүлүүдэни астаан көрдөрдө. Көрүҥ, үтүктүҥ, минньигэстик аһааҥ!😋 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Программа ТВ НВК "Саха" на 18 августа (вт.) 06:00-Тиэргэн 12+ 06:30-Мы вам покажем 12+ 07:00-Саҥа күн 6+ 08:00-Утро Якутии 6+ 09:00-Саҥа күн 6+ 10:00-Утро Якутии 6+ 11:00-Тиэргэн 12+ 11:30-Году культуры и единства народов 12+ 12:00-Новости 12+ 12:15-Саха сатаабата суох 12+ 12:45-Просто вкусно 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Тэтим 6+ 15:00-Новости 12+ 15:15-Эйгэ 6+ 16:30-Якутск сегодня 12+ 17:15-Телеуроки 12+ 17:30-Полярная звезда 6+ 18:00-Новости 12+ 18:15-Модун 12+ 18:45-Урожай-75 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Үлэ дьоно 12+ 20:00-Ил Дарханныын кэпсэтии 12+ 20:33-Сонуннар 12+ 21:00-"Сүлүһүннээх таптал" телесериал (2 сезон) 12+ 21:45-Барыс 12+ 22:15-Модун 12+ 22:45-Телеуроки 12+ 23:00-Итоги дня 12+ 23:30-Тиэргэн 12+ 00:15-Дойдум дьоно 12+ 00:30-Харах далыгар 12+ 01:15-Якутск сегодня 12+ 02:00-Новости 12+ 02:15-Тэтим 6+ 03:15-Эйгэ 6+ 04:40-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
- Older posts