Саха сирин үөрэҕириитин үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы мунньахтара 100-тэн тахса тэрээһини түмүөҕэ Атырдьах ыйын 19 күнүгэр Дьокуускайга СӨ үөрэҕириитин тиһигин үлэһиттэрин үгэс буолбут атырдьах ыйынааҕы мунньахтара саҕаланар. Быйылгы бырагыраама биэс тиэмэлээх хайысханан 101 тэрээһини түмүөҕэ. Сүрүн тиэмэнэн үөрэх-иитии хаамыытыгар доруобуйаны харыстыыр технологиялары киллэрии буолуоҕа. Мунньах сүрүн хайысхаларын туһунан СӨ Үөрэҕин уонна билимин миниистирэ Нюргуна Соколова «Актуальное интервью» бырагыраамаҕа сырдатта. Хаартыска: sakha.gov.ru nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube