Саха сиригэр суукка иһигэр сэттэ баһаары умуруордулар Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ 5 447 га иэннээх сэттэ ойуур баһаарын Мииринэй уонна Өлөөн улуустарыгар умуруордулар. Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы, өрөспүүбүлүкэ сүрүн лесничэйэ Андрей Коноплев иһитиннэрдэ. Суукка саҕаланыытыгар өрөспүүбүлүкэҕэ 46 ойуур баһаара Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Мииринэй, Ньурба уонна Өлөөн улуустарыгар баара бэлиэтэнэр. Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Ньурба уонна Мииринэй оройуоннарыгар 129 802 га уопсай иэннээх аҕыс ойуур баһаарын умуруоруу салҕанар. Умуруоруу үлэтигэр 507 киһи уонна 35 тиэхиньикэ тардылынна. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube