✊🏻Сунтаарга субуотунньукка бары күргүөмүнэн таҕыстылар Бүгүн, атырдьах ыйын 18 күнүгэр, Сунтаар улууһа Бүтүн Россиятааҕы «Вода России»экологическай аахсыйаҕа кыттыста. Ол курдук, улуус үгүс нэһилиэктэрин олохтоохторо Бүлүү эбэ уонна олорор сирдэригэр баар күөллэр кытылларын ыраастыы субуотунньукка таҕыстылар. Бу күн Сунтаар нэһилиэгин олохтоохторо: тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ, түмсүүлэр, биирдиилээн баҕалаах дьон эмиэ түмсэн, Бүлүү эбэ кытылыгар муһуннулар. Ол кэннэ субуотунньукка үтүө санаанан кыттыспыт олохтоохтор «Бүлүү эбэбитин ыраастык тутуохха, харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахха!» диэн ыҥырыы тыллаах кытылы кыйа мунньуллубут бөҕү-сыыһы ыраастаатылар. Балачча элбэх бөх хомуйуллан, куулланан тиэйэргэ бэлэмнэннэ. Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube