🏥Таатта Баайаҕатыгар саҥа быраас комплекса арылынна Таатта улууһун Баайаҕа сэлиэнньэтигэр саҥа быраас амбулаториятын арыйдылар. Эбийиэк үөрүүлээх аһыллыытыгар видеосибээһинэн Ил Дархан Айсен Николаев кытынна. «Баайаҕа олохтоохторугар күүтүүлээх, үөрүүлээх түгэн тосхойдо. Саҥа амбулатория каадырдарынан толору хааччылынна. 14 үлэһиттээх, ол иһигэр быраас уонна орто медперсонал сэттэ исписэлиһэ. РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Продолжительная и активная жизнь» национальнай бырайыагынан тутулунна. Ол эрээри олохтоохторго эбийиэк иэнэ, кэбиниэт ахсаана оруолу оонньообот. Сэлиэнньэҕэ билигин медицинскэй көмө аныгы, табыгастаах усулуобуйанан, саҥа оборудованиеларынан оҥоһуллар буолуоҕа», — диэн Айсен Николаев эттэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube