👍🏻✨Сэтинньи 10 күнүгэр НВК «Саха» иһинэн үлэлиир оҕолорго аналлаах «Тооку» ханаал Дьокуускай уһуйаанын үлэһиттэрин түмтэ.
💠Тэрээһиҥҥэ оҕону төрөөбүт тылынан саҥарарга уһуйуу, иитии туһунан санаа атастастылар, төгүрүк остуол тула олорон инники былааны дьүүллэстилэр. Итиэннэ ойуулук хайдах оҥоһуллан тахсарын, үлэлиир бөлөҕү кытта билистилэр.👏🏻
@tookufest
🎵🎙️🤩«Үрдэл-2026» бириэмийэ биэриитин бастакы таһаарыытыгар 24 кыттааччыттан эбии түөрдэ билиннэ
Биэриини бу сигэнэн көр
Аны саҥа биэриигэ эбии түөрт кыттааччы аата биллиэҕэ.
nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
«Үрдэл-2026»:
Үрдэл бириэмийэ саҥа талааннары арыйар ырыа түһүлгэтэ буолар.
Ол курдук, Бүлүү улууһун Илбэҥэтиттэн төрүттээх Кэскилээнэ Федорова бастакытын Үрдэлгэ кыттар чиэскэ тигистэ.
Кэскилээнэ 3 сааһыттан ыллыыр. Ырыаларын, дьүрүлүн бэйэтэ суруйар, бэлэмниир.
«Айыы уола» диэн ырыата сыл устата араадьыйаҕа дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыта.
nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
Show more Show less
«Үрдэл-2026»:
Айгылаан быйыл национальнай бириэмийэҕэ «Хайдах олоруом этэй?» диэн ырыатынан киирдэ.
Кини бу ырыатын тапталлаах кэргэнигэр анаабыт уонна бэйэ-бэйэбитигэр истиҥ сыһыаммытын, тапталбытын харыстыахха диэн ыҥырар.
nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
«Үрдэл-2026»:
Максим Дмитриев: Үрдэл киирии - норуот сөбүлээбит ырыаларыгар киирсии, хайҕаллаах көстүү, ырыаһыкка бочуот
Быйыл Максим национальнай бириэмийэҕэ иккиһин кыттар. Бу иннинэ бастакытын кыттарыгар «Саҥа аат» номинацияҕа кыайыылааҕынан тахсыбыт.
nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
«Үрдэл-2026»:
Нарияна Куо Үрдэлгэ киирбититтэн үөрэр, Китджа сөптөөх ырыаны бэлэмнээбитин бэлиэтиир.
nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
+4
🥩Горнайга 78 саастаах ытык кырдьаҕас СВО кыттыылаахтарыгар «тушёнка» бэлэмниир
Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар дьоҥҥо көмөлөһөн, кыайыыны чугаһатар баҕа санаалаах 78 хаарын уулларбыт Кэптинтэн төрдүлээх Бэрдьигэстээх нэһилиэгин ытык олохтооҕо, сибээс үлэтин бочуоттаах үлэһитэ Константин Заровняев тайах этиттэн дойдуларын сүмэһинин иҥэрбит «тушёнка» буһаран бэлэмниир.
Константин Филипповичка кини баҕа санаатын өйөөн, үтүө санаалаах дьон байанай бэлэҕиттэн 30 киилэ эмис эти тиксэрбиттэр. Онтунан биирдии буһарыытыгар 12-14 устуука «тушёнка» оҥорон таһаарар. Мантын Горнайдааҕы эти таҥастыыр сыахха туттаран салгына суох аппараатка бакыакка суулаттарар, уһун кэмҥэ буорту буолбатын хааччыйар. Аҕыйах хонугунан Горнай улууһун бөлөҕө анал байыаннай дьайыы сиригэр тиийэн биир дойдулаахтарыгар тиксэриэхтэрэ, туттарыахтара.
nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
Show more Show less
📲 Глава и Правительство Якутии в МАКС!
Главные решения и события республики — из первых уст.
Подписывайтесь на проверенные источники:
🔹 Глава РС(Я) Айсен Николаев — https://max.ru/aisen_nikolaev
🔹 Правительство РС(Я) — https://max.ru/sakhagov
Будьте в курсе! ✅
yk24.ru в MAКС | Telegram | ВК | VK Видео
Show more Show less
2026 сыл Сахабыт Сиригэр Култуура сылынан биллэриллибитэ. Оттон Саха норуодунай худуоһунньуга, култуура үтүөлээх үлэһитэ Анна Зверева бу эйгэҕэ айымньылаахтык, бэриниилээхтик үлэлээбитэ 50 сыла. Ытыктыыр киһибитин "Харах далыгар" биэриигэ ыҥыран истиҥник-иһирэхтик кэпсэтиэҕиҥ.
Өрөбүлгэ, күнүс 12:15 ч., Сахабыт телевидениетин ханаалыгар.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
💐«Саха» НКИХ үлэһитэ урбаанньыт ийэлэр күрэхтэрин финалыгар таҕыста
Дьокуускай куорат олохтооҕо, «Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа үлэһитэ Екатерина Карпухина «Урбаанньыт ийэ» федеральнай бырагыраама финалыгар киирдэ. Кини атырдьах ыйыгар бырагыраама өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕэр кыайыыны ситиспитэ. Аны билигин Екатерина «АЛЛАС» диэн сахалыы маркетплейс бырайыагын Москваҕа көрдөрөн билиһиннэриэҕэ.🤩👏🏻
Хаартыска: «Мин биисинэһим» киин пресс-сулууспата
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
🎭Хатастааҕы норуодунай тыйаатыр артыыстара «Наследство» диэн улахан көрүү күонкурус түмүктүүр түһүмэҕэр киирдилэр
nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
🤩👏🏻Чурапчы сэлиэнньэтин Мурун-Тымпыйа түөлбэтигэр өр күүтүллүбүт «Кыталык» уһуйаан үөрүүлээх арыллыыта буолла
nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
Саха сиригэр түөкүттэр суукка устата 2 мөлүйүөнтэн тахса солкуобайы уордулар
Өрөспүүбүлүкэҕэ ааспыт сууккаҕа 2 буруйу оҥоруу бэлиэтэннэ. Бу туһунан СӨ борокуратуурата иһитиннэрэр.
Дьокуускайга уонна Лиэнскэйгэ баан счеттарыттан уоруу туһунан сайаапкалар киирдилэр, онно икки эмсэҕэлээбит киһиэхэ 1,7 мөлүйүөн солкуобайтан тахса уонна 473 тыһыынча солкуобайтан тахса хоромньу тахсыбыт.
Киһи өлүүлээх суол быһылаана бэлиэтэммэтэ. Итирик туруктаах массыына ыытан испит 15 суоппар тутулунна.
nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
Show more Show less
🌮«Амтан» рубрикаҕа: омлеттан рулет, блины уонна лаваштан сэндвич
Көрүҥ, үтүктүҥ, минньигэстик аһааҥ!😋
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
АТЛК 2027 сыл навигациятыгар улахан бэлэми ыытар
«Арктикатааҕы эргиэн-логистика хампаанньата» (АТЛК) АУо 2027 сыл навигациятыгар флотун былаанынан бэлэмнээн эрэр. Саха сирин ыраах сытар улуустарын хотугу таһаҕаһынан (аһынан-үөлүнэн) хааччыйыыны харгыһа суох ыытар туһугар, билигин суудуналарга комплекснай техническэй көрүү-истии уонна хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар.
Хаартыска: sakha.gov.ru
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
✊🏻Үөһээ Бүлүү олохтоохторо олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраамаҕа нэһилиэктэр бырайыактарын талан куоластаан, докумуоннарын туттараллар
nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
Сөпкө саҥар: «эйиигин» уонна «эйигин» - хайата сөбүй?
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
💠 ЮРИСТ СҮБЭТЭ: Сэтинньиттэн киирбит саҥа сокуоннар, уларыйыылар
Бу туһунан юрист Тихон Дормидонтов сырдатта.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
#Видеофакт: Якутянин придумал, как не замерзнуть на электровелосипеде 🚴♂️❄️
Житель Якутска нашёл нестандартный способ не замёрзнуть зимой при работе на электровелосипеде.
Горожане заметили на улицах необычного курьера: чтобы спастись от холода, он соорудил для своего двухколёсного транспорта подобие кузова, использовав ткань от портативного гаража.
Видео: algystaan
yk24.ru в MAКС | Telegram | ВК | VK Видео
Show more Show less
Сунтаар улууһугар социальнай эйгэ сайдыыта
Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкованы көрүстэ. Сүбэ мунньахха социальнай бырагыраамалары олоххо киллэрии, олох-дьаһах хааччыллыытын тупсарыы уонна нэһилиэнньэҕэ социальнай өҥөлөрү кэҥэтии тула буолла. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Сүрүн болҕомто улуус таһымыгар саҥа социальнай эбийиэктэри арыйыыга уонна үлэлии турар тэрилтэлэр материальнай-техническэй базаларын күүһүрдүүгэ уурулунна. Ол курдук, биэнсийэҕэ тахсыбыт аҕам саастаах дьон көхтөөх олохторун өйүүр уонна уопсастыба олоҕор кыттыыларын хааччыйар аҕам саастаахтарга уһуйааны уонна дьиэ кэргэн киинин тэрийии наадалааҕын бэлиэтээтилэр.
Маны тэҥэ, дьиэ кэргэн институтун бөҕөргөтөр, ийэлэргэ уонна оҕолорго комплекснай көмөнү оҥорор Дьиэ кэргэн киинин материальнай-техническэй базатын тупсарыы уонна ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьиэ кэргэттэргэ социальнай-психологическай көмө таһымын үрдэтии тула санаа үллэһиннилэр.
nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
Show more Show less