💐«Саха» НКИХ үлэһитэ урбаанньыт ийэлэр күрэхтэрин финалыгар таҕыста Дьокуускай куорат олохтооҕо, «Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа үлэһитэ Екатерина Карпухина «Урбаанньыт ийэ» федеральнай бырагыраама финалыгар киирдэ. Кини атырдьах ыйыгар бырагыраама өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕэр кыайыыны ситиспитэ. Аны билигин Екатерина «АЛЛАС» диэн сахалыы маркетплейс бырайыагын Москваҕа көрдөрөн билиһиннэриэҕэ.🤩👏🏻 Хаартыска: «Мин биисинэһим» киин пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube