Саха сиригэр түөкүттэр суукка устата 2 мөлүйүөнтэн тахса солкуобайы уордулар Өрөспүүбүлүкэҕэ ааспыт сууккаҕа 2 буруйу оҥоруу бэлиэтэннэ. Бу туһунан СӨ борокуратуурата иһитиннэрэр. Дьокуускайга уонна Лиэнскэйгэ баан счеттарыттан уоруу туһунан сайаапкалар киирдилэр, онно икки эмсэҕэлээбит киһиэхэ 1,7 мөлүйүөн солкуобайтан тахса уонна 473 тыһыынча солкуобайтан тахса хоромньу тахсыбыт. Киһи өлүүлээх суол быһылаана бэлиэтэммэтэ. Итирик туруктаах массыына ыытан испит 15 суоппар тутулунна. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube