НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h
Reach per post (ERR) 3.0%713 avg views
Posting 20.9/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

Сунтаар улууһугар социальнай эйгэ сайдыыта Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкованы көрүстэ. Сүбэ мунньахха социальнай бырагыраамалары олоххо киллэрии, олох-дьаһах хааччыллыытын тупсарыы уонна нэһилиэнньэҕэ социальнай өҥөлөрү кэҥэтии тула буолла. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Сүрүн болҕомто улуус таһымыгар саҥа социальнай эбийиэктэри арыйыыга уонна үлэлии турар тэрилтэлэр материальнай-техническэй базаларын күүһүрдүүгэ уурулунна. Ол курдук, биэнсийэҕэ тахсыбыт аҕам саастаах дьон көхтөөх олохторун өйүүр уонна уопсастыба олоҕор кыттыыларын хааччыйар аҕам саастаахтарга уһуйааны уонна дьиэ кэргэн киинин тэрийии наадалааҕын бэлиэтээтилэр. Маны тэҥэ, дьиэ кэргэн институтун бөҕөргөтөр, ийэлэргэ уонна оҕолорго комплекснай көмөнү оҥорор Дьиэ кэргэн киинин материальнай-техническэй базатын тупсарыы уонна ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьиэ кэргэттэргэ социальнай-психологическай көмө таһымын үрдэтии тула санаа үллэһиннилэр. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

Views over time

010020030011 Nov 01:2411 Nov 05:5731411 Nov 01:24: 0 views11 Nov 02:29: 152 views11 Nov 05:57: 314 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
11 Nov 2026, 01:240
11 Nov 2026, 02:29152
11 Nov 2026, 05:57314

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.