👏🏻Сардана Гурьеваҕа «Дойду иннигэр үтүөтүн иһин» II истиэпэннээх уордьан туттарылынна СӨ киһи быраабын боломуочунайа Сардана Гурьева үрдүкү судаарыстыбаннай наҕараадаҕа тигистэ. РФ бэрэсидьиэнин ыйааҕынан киниэхэ «Дойду иннигэр үтүөтүн иһин» II истиэпэннээх уордьан туттарылынна. Владимир Путин тустаах ыйаахха сэтинньи 9 күнүгэр илии баттаабыта. Сардана Михайловнаҕа наҕараада өр сыллаах, үтүө суобастаах үлэтин иһин туттарыллыбыта бэлиэтэнэр. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube