НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h
Reach per post (ERR) 3.0%711 avg views
Posting 21.4/day last 8 minutes ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

«Дьокуускай — Аллараа Бэстээх» хайысхаҕа айан төлөбүрэ сарсыҥҥыттан намтыаҕа Сарсыҥҥыттан, сэтинньи 10 күнүттэн, «Дьокуускай — Аллараа Бэстээх» (Намыв причал) хайысхатыгар тарыыпка быстах кэмҥэ киирбит уларыйыылар тохтотуллаллар. Бу туһунан СӨ Тырааныспарга министиэристибэтэ иһитиннэрэр. Айан төлөбүрэ биир хайысхаҕа 2 500 солкуобай буолуоҕа. Тарыып үрдээһинэ быстах дьаһал этэ — өрүс мууһа халыҥыар диэри үлэлээбитэ уонна уустук гидрологическай быһыыттан-майгыттан тутулуктааҕа. Билиҥҥи тарыыбы урукку таһымыгар төнүннэрэр быһаарыыны муус халыҥын кэтээн көрүүгэ уонна муус туругун уопсай сыаналааһыҥҥа олоҕуран ылылынна. Маннык быһыы-майгы былырыын эмиэ бэлиэтэммитэ: сэтинньи 29 күнүттэн сэтинньи 7 күнүгэр диэри өрүскэ уустук усулуобуйанан сибээстээн тарыып эмиэ быстах кэмҥэ үрдэтиллибитэ. Оччолорго да, билигин даҕаны, таһаҕаһы уонна дьону таһыы муус устар кэмигэр кутталы аччатар уонна эбии ресурсалары тардар кыаҕы биэрэр атын суудунаҕа, аэроботтарга, көһүүнэн ыытыллыбыта. Быһыы-майгы тупсубутун кэннэ тарыып түргэнник 2 500 солкуобайга төннүбүтэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

02004006009 Nov 10:0710 Nov 22:066259 Nov 10:07: 0 views10 Nov 22:06: 625 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
9 Nov 2026, 10:070
10 Nov 2026, 22:06625

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.