👍🏻Найахы олохтоохторо нэһилиэктэрин тупсараллар Найахы нэһилиэгэ олохтоох көҕүлээһини өйүүр (ППМИ) бырагыраамаҕа ситиһиилээхтик кыттан, сайдыы суолун тутуһан иһэр. Бу бырагыраама нэһилиэк олоҕун-дьаһаҕын биллэрдик тупсарар сүрүн тирэҕэ буолар. Быйыл 2026 сылга Наяхинская уулуссаҕа саҥа уот ситимэ тардыллан, олохтоохтор үөрүүлэрэ муҥура суох. Ааспыт сылларга нэһилиэк олохтоохторо сомоҕолоһон, биир сүбэнэн улахан үлэни ыыттылар: - Уу ситимэ тардыллынна - Оҕо-аймах үөрэ-көтө оонньуур, дьон-сэргэ сынньанар кэрэ көстүүлээх былаһааккалара дьэндэйдилэр. - Чөл олох төрдө — спорт саалата саҥалыы тыыннанан, ыччат дьон дьарыктанарыгар, чэбдигирэригэр табыгастаах усулуобуйа тэрилиннэ. Ол эрээри үлэ манан тохтоон хаалбат. 2027 сылга ППМИ куонкуруһугар уулуссаны сырдатыы бырайыагынан салгыы кыттарга бэлэмнэр. Хас биирдии куолас, хас биирдии кылаат улахан суолталаах. Биир дойдулаахтарбытын бу кэскиллээх бырайыагы өйүүргүтүгэр ыҥырабыт. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube