Саха сиригэр муус турар кэмигэр куттал суох буолуутун миэрэлэрэ күүһүрдүлэр «Дьокуускай – Аллараа Бэстээх» туоратар сир алтынньы 31 күнүттэн сабылынна. Кыһыҥҥы суол арыллыар диэри дьону хааччыйыыга «ЛОРП» ПАУо «Жатай – Техтүр» хайысханан таһаҕаһы таһыыны тэрийдэ. Бу туһунан СӨ Гражданскай көмүскэлгэ министиэристибэтэ иһитиннэрдэ. Таһаҕаһы таһыыга «Жатай-1» бааржа, «ОТ-2050» соһор-үтэр буксир, «Капитан Бородкин» ледокол үлэлииллэр. Бу суудуналар 100 чэпчэки ыйааһыннаах эбэтэр 25 таһаҕас тиэйэр массыынаны батарар кыахтаахтар, рейстэр сырыылар туолалларынан көрөн суукканы эргиччи ыытыллаллар. Ол тухары официальнай туоратар сирдэртэн атын сиринэн мууска тахсар, киирэр бобуллар: атын дьон суолун батыһан кылгас суолунан уу эбэтэр күөл нөҥүө туоруур, оҕолору өрүстэр уонна күөллэр кытыыларыгар соҕотохтуу хаалларар көҥүллэммэт. Быһылаан тахсар түгэнигэр 112 нүөмэргэ эрийэри санатабыт. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.9K
+0 24h
Reach per post (ERR)
3.0%711 avg views
Posting
21.4/day
last 7 minutes ago
Reactions per 1K views
1.7
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 9 Nov 2026, 11:18 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 599 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.