НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393&registryType=bloggersPermission

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 2.9%702 avg views
Posting 21.8/day last 10 minutes ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏
  1. edited

    🚨🚒«Сылаас дьиэ» бырайыак: Сунтаарга соҕотох олорор кырдьаҕастарга баһаартан сэрэтии үлэтэ ыытыллар Сунтаар улууһугар уот баһаарын эрдэттэн сэрэтиигэ туһуламмыт «Сылаас дьиэ» пилотнай бырайыак олоххо киирэр. Бу суолталаах тэрээһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үлэтин уонна социальнай сайдыытын министиэристибэтин хайысхатынан ыытыллар уонна нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйыыга туһуланар. Бырайыак чэрчитинэн Сунтаардааҕы баһаарынай сулууспа уонна технологическай колледж көмөлөөн, улууска бэриллибит 2 квотанан соҕотох олорор кырдьаҕас дьон олорор дьиэлэрин уоттарын ситимин (проводкатын) толору уларытан биэриэхтэрэ. Хас биирдии олохтоох бэйэтин дьиэтин-уотун туругун кэмигэр көрүнүөхтээх. Сунтаар сыанатынан суоттаатахха, орто кээмэйдээх 7*8 квадратнай миэтэрэ иэннээх дьиэҕэ уот ситимин толору уларытыыга наадалаах матырыйаал сыаната барыта 30-ча тыһыынча солкуобай кэриҥэ буолар. Бу суума дьиэ кэргэн олоҕун быыһыан сөптөөҕүн хаһан да умнуо суохтаахпыт. Уот ситимин кэмигэр уларытыҥ! Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  2. 👏Норуот уус-уран оҥоһуктарыгар киинигэр талба талааннаах Ольга Гуляева төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах быыстапка тардылынна. Быыстапканы арыйар бэлиэ түгэҥҥэ норуот маастарын кытта алтыспыт уонна чугас дьоно муһуннулар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  3. 🦮Дьиэ кыылларын учуоттааһын уонна маркировкалааһын — билиҥҥи кэм ирдэбилэ. 2022 сыл бэс ыйыттан федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, 2024 сыл кулун тутар 1 күнүттэн ынах сүөһүнү, сылгыны, көтөрү маркировкалааһын, учуокка туруоруу булгуччулаах буолла. Тааттаҕа бу хайысхаҕа туох үлэ барарын кэпсииллэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  4. repost

    👏✨Премьера полнометражного якутского мультфильма «Имана» состоится весной 2027 года Весной 2027 года запланирована премьера полнометражного анимационного фильма «Имана» производства детского телеканала «Тооку» национальной вещательной компании «Саха». Картина на якутском языке продолжит историю северной хранительницы и расширит вселенную уже знакомого зрителям одноименного мультсериала, сообщает «Якутия 24». https://yk24.ru/2026/10/premera-polnometrazhnogo-yakutskogo-multfilma-imana-sostoitsya-vesnoj-2027-goda/ @tookufest

  5. 👏🏻Сунтаарга аан бастакытын сылаас муосталаах аныгы хотон тутуллар Сунтаар улууһун Тойбохой нэһилиэгэр тыа хаһаайыстыбатыгар улахан суолталаах уонна сонун эбийиэк тутуута күүскэ бара турар. Манна кыра кыамталаах эбийиэктэри тутуу уонна өрөмүөннээһин бырагырааманан 70 миэстэлээх саҥа хотон үлэҕэ киирэр күнэ чугаһаата. Бу хотон сүрүн уратытынан уонна улууска маҥнайгынан сылаас муосталаах буолуоҕа. Билигин тутааччылар систиэмэтин номнуо тардан, үрдүнэн бетон бүрүөһүнүн куппуттар. Тутуу хаамыытын Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев уонна тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Владимир Анисимов көрдүлэр. Тутууну ааспыт сылтан тэриллэн үлэлиир, эдэр дьон күүһүн холбообут «Тойкоп» кээпирэтиип иилээн-саҕалаан ыытар. Билигин кинилэр нэһилиэнньэ дьонуттан хомуйан, барыта 52 төбө сүөһүнү көрөн-истэн олороллор. Быйыл угут дьыл туран, от сезона уһаабытынан, тутуу үлэтигэр арыый хойутаан киирдилэр. Ол үрдүнэн, эдэр кэлэктиип туох баар күүһүн ууран, эбийиэги кэлэр ый бүтүүтэ түмүктээн үлэҕэ киллэрэр былааннаах. Тутууга барыта 5 мөл. солк. үп көрүллүбүт. Бу үбүнэн матырыйаалларын атыыласпыт буоллахтарына, кооператив бэйэ күүһүнэн тутан таһаарар. Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  6. edited

    📊 Тоҕус ый түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн туолуута Туох улааттай? — Нолуоктан харчы киириитэ — 60,6 млрд солк (былаантан 87,2%). Биричиинэтэ — көмүс хостуур тэрилтэлэр харчы киллэриилэрэ улааппыта уонна көмүскэ сыана үрдээбитэ. — НДПИ — 46,5 млрд солк, былаан 7%-нан куоһарда. Көмүскэ сыана үрдээбитэ уонна иэстэри төлөөһүн төһүү буолла. — Көмүскэ харчы киириитэ 17,3 млрд солк диэри улаатта — хостооһун 20% улаатта. — Чохтон харчы киириитэ 644 мөл солк диэри улаатта — чох хостооһуна 55%-нан улаатта. Туох намтаатай? — Алмааска харчы киириитэ 5,8 млрд солк аччаабыт. — НДФЛ — 4,1 млрд солк (Былаантан 65,9%). — Тэрилтэ баайыгар-дуолугар нолуок — 367 мөл солк (былаантан 76,8%). nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  7. 📊 Тоҕус ый түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн туолуута Үп миниистирин э.т. Иван Алексеев иһитиннэриитинэн: - Дохуот — 283,5 млрд солк — сыллааҕы былаантан 84%. - Нолуок дохуоттара — 173,4 млрд солк (былаантан 82,4%). nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  8. ⚡ Үп миниистирин э.т. Иван Алексеев өрөспүүбүлүкэ 2026 сылга судаарыстыбаннай бүддьүөтүн туолуутун туһунан дакылааттыыр Билигин Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар Үп миниистирин э.т. Иван Алексеев тоҕус ый түмүгүнэн бүддьүөт туолуутун туһунан отчуот иһитиннэрэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  9. ⚡Өрөспүүбүлүкэ парламена Булуҥ уонна Уус Алдан улуустарыгар мировой судьуйалары бигэргэттэ Ил Түмэн XX (уочараттаах) пленарнай мунньаҕар норуодунай депутаттар Булуҥ уонна Уус Алдан улуустарыгар мировой судьуйалары талыы боппуруоһун көрдүлэр. Депутаттар Булуҥ улууһугар Жамели Мамедова кандидатуратын өйөөтүлэр, оттон Уус Алдаҥҥа — Ольга Машарипова. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  10. edited

    ⚡Ил Түмэн Николай Бочковы СӨ бастакы вице-премьерин дуоһунаһыгар бигэргэттэ Бүгүн, балаҕан ыйын 21 күнүгэр, Ил Түмэн XX пленарнай мунньаҕар норуодунай депутаттар кини кандидатуратыгар куоластаатылар. Санатар буоллахха, Ил Дархан 2026 сыл от ыйын 23 күнүнээҕи ыйааҕынан Николай Бочков СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы эбээһинэһин толорооччунан ананна. СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы дуоһунаһыгар Николай Бочков сүрүн министиэристибэлэр, биэдимэстибэлэр үлэлэрин салайар: СӨ ОДьКХ уонна энергетикаҕа министиэристибэтэ, тутуу министиэристибэтэ, Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин, Ил Дархан иһинэн үлэлиир архитектура уонна куораты тутуу управлениета, «Жилье» уонна «Городская среда» национальнай бырайыактар олоххо киириитэ. Хаартыска: Андрей Сорокин/ЯСИА nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  11. 🌾 Сунтаар Уһун Күөлүгэр тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр күүстээх үлэ барар Дьоҕус бөһүөлэк диэтэххэ, Уһун Күөлгэ 700 төбө сүөһү уонна 500-тэн тахса сылгы баар. Олохтоохтор күүстээх үлэлэрин улуус салалтата бэйэтинэн тиийэн биһирээтэ. Ол курдук, улуус баһылыга Анатолий Григорьев уонна тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Владимир Анисимов ыытылла турар үлэлэри сиһилии билстилэр. Бүгүн нэһилиэк сайдыытыгар маннык кэскиллээх үлэлэр ыытыллаллар: Бакамда суола оҥоһуллар: Угут дьыл туран, отчуттар ходуһаларыгар сатыы сылдьыбыттара. Бу кыһалҕаны быһаарарга нэһилиэк эр дьоно түмсэн, элбэх оттуур сирдэрдээх туһаайыыга суолу көннөрөллөр. Үлэ субуотунньук быһыытынан барар. Мелиорация үлэтэ: Ууну салайар, ходуһалары харыстыыр сыалтан барыта 7 килэмиэтир уһуннаах хоруу хаһылла турар. Социальнай хантыраак бырагырааматын туһанан, 4 эдэр киһи бэйэтин дьыалатын тэриннэ. Кинилэр судаарыстыба өйөбүлүнэн сүөһү ылан, саҥа хотоннору туттан тирэхтээхтик үлэлии сылдьаллар. Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  12. ⚡️Ил Түмэн Николай Долгунов норуодунай депутат боломуочуйатын бигэргэттэ Ил Түмэн XX пленарнай мунньаҕар депутаттар Үөһээ Бүлүү-Горнай биир мандаттаах 15 №-дээх быыбардыыр уокуругар талыллыбыт Николай Долгунов боломуочуйатын бигэргэттилэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  13. ⚡️Ил Түмэн XX пленарнай мунньаҕа саҕаланна Дьокуускайга Ил Түмэн XX пленарнай мунньаҕа саҕаланна. Быһа биэриини бу сигэнэн киирэн көрүҥ: ВК Видео: https://m.vkvideo.ru/video-188353014_456240077 RUTUBE: https://rutube.ru/video/4fbd73aa3cc03c22fc5fe6799832e7b1/ Мунньах повесткатын Ил Түмэн сайтыгар көрүөххэ сөп: https://iltumen.ru/sessions/plenary/92/questions nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  14. repost

    ЧЭЭТИИН Ырыа араастарын бил, матыыптарынан араара үөрэн ☝️ 🎶Саха төрүт матыыптарын, дэгэрэҥ ырыалары саха оҕото хоту ыллыыр, дуоһуйа истэр😍 Бүгүн хомус доҕуһуоллаах дэгэрэҥ ырыаны Сайнаара Батаакаба толорор. "Чээтиин" рубрикаҕа холбон, тэҥҥэ ыллас👏 🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар

  15. edited

    ⚡️Бүгүн Ил Түмэн XX пленарнай мунньаҕа ыытыллар Алтынньы 21 күнүгэр Дьокуускайга Ил Түмэн XX пленарнай мунньаҕа ыытыллар. Быһа биэриини бу сигэнэн киирэн көрүҥ: ВК Видео: https://m.vkvideo.ru/video-188353014_456240077 RUTUBE: https://rutube.ru/video/4fbd73aa3cc03c22fc5fe6799832e7b1/ Мунньах повесткатын Ил Түмэн сайтыгар көрүөххэ сөп: https://iltumen.ru/sessions/plenary/92/questions nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  16. ☀️🙂✊🏼Сэрэдэнэн, Сэргэхтик сэгэлдьийэ Сайаҕас мичээринэн сыдьаайа Саҥа күнү көрсүөҕүҥ Сүрэх этэрин оҥорон Санаа хайгыырын батыһыаҕын, Саҕалаабыппыт сатанан Ситиһиинэн симэннин, Сылаас сыһыан, өйдөһүү Сэргэстэстин өрүү, Сүргэбит көтөҕүллэн Сырдыы-үөрэ сылдьыаҕын nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  17. 📺Программа ТВ НВК "Саха" на 21 октября (ср.) 06:00-Саҥа күн 6+ 09:00-Утро Якутии 6+ 10:00-Новости 12+ 10:15-Күбэйэ 6+ 11:15-Асчыттар 12+ 12:00-Новости 12+ 12:17-Эйгэ 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Үлэ киһини киэргэтэр 12+ 15:00-Дойдум дьоно 12+ 15:15-Полярная звезда 6+ 15:45-Актуальное интервью 12+ 16:00-Саха суола 12+ 16:30-Хранители времени 12+ 17:00-Тэтим 12+ 18:00-Новости 12+ 18:15-"Омоон суоллар" телесериал 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Сэмсэ санаа 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-"Тапталы эрэйэр сүрэхтэр" телесериал 12+ 21:45-Дойдубут туһугар 12+ 22:30-Итоги дня 12+ 23:00-Эйгэ 12+ 00:15-Сэмсэ санаа 12+ 01:30-Күбэйэ 12+ 02:30-Тэтим 12+ 03:30-Асчыттар 12+ 04:15-Полярная звезда 6+ 04:45-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  18. Older posts