НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 2.9%702 avg views
Posting 21.8/day last 27 minutes ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

🌾 Сунтаар Уһун Күөлүгэр тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр күүстээх үлэ барар Дьоҕус бөһүөлэк диэтэххэ, Уһун Күөлгэ 700 төбө сүөһү уонна 500-тэн тахса сылгы баар. Олохтоохтор күүстээх үлэлэрин улуус салалтата бэйэтинэн тиийэн биһирээтэ. Ол курдук, улуус баһылыга Анатолий Григорьев уонна тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Владимир Анисимов ыытылла турар үлэлэри сиһилии билстилэр. Бүгүн нэһилиэк сайдыытыгар маннык кэскиллээх үлэлэр ыытыллаллар: Бакамда суола оҥоһуллар: Угут дьыл туран, отчуттар ходуһаларыгар сатыы сылдьыбыттара. Бу кыһалҕаны быһаарарга нэһилиэк эр дьоно түмсэн, элбэх оттуур сирдэрдээх туһаайыыга суолу көннөрөллөр. Үлэ субуотунньук быһыытынан барар. Мелиорация үлэтэ: Ууну салайар, ходуһалары харыстыыр сыалтан барыта 7 килэмиэтир уһуннаах хоруу хаһылла турар. Социальнай хантыраак бырагырааматын туһанан, 4 эдэр киһи бэйэтин дьыалатын тэриннэ. Кинилэр судаарыстыба өйөбүлүнэн сүөһү ылан, саҥа хотоннору туттан тирэхтээхтик үлэлии сылдьаллар. Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

025050075021 Oct 02:3510 Nov 22:0673821 Oct 02:35: 0 views10 Nov 22:06: 738 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
21 Oct 2026, 02:350
10 Nov 2026, 22:06738

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.