НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 2.9%702 avg views
Posting 21.8/day last 26 minutes ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

👏🏻Сунтаарга аан бастакытын сылаас муосталаах аныгы хотон тутуллар Сунтаар улууһун Тойбохой нэһилиэгэр тыа хаһаайыстыбатыгар улахан суолталаах уонна сонун эбийиэк тутуута күүскэ бара турар. Манна кыра кыамталаах эбийиэктэри тутуу уонна өрөмүөннээһин бырагырааманан 70 миэстэлээх саҥа хотон үлэҕэ киирэр күнэ чугаһаата. Бу хотон сүрүн уратытынан уонна улууска маҥнайгынан сылаас муосталаах буолуоҕа. Билигин тутааччылар систиэмэтин номнуо тардан, үрдүнэн бетон бүрүөһүнүн куппуттар. Тутуу хаамыытын Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев уонна тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Владимир Анисимов көрдүлэр. Тутууну ааспыт сылтан тэриллэн үлэлиир, эдэр дьон күүһүн холбообут «Тойкоп» кээпирэтиип иилээн-саҕалаан ыытар. Билигин кинилэр нэһилиэнньэ дьонуттан хомуйан, барыта 52 төбө сүөһүнү көрөн-истэн олороллор. Быйыл угут дьыл туран, от сезона уһаабытынан, тутуу үлэтигэр арыый хойутаан киирдилэр. Ол үрдүнэн, эдэр кэлэктиип туох баар күүһүн ууран, эбийиэги кэлэр ый бүтүүтэ түмүктээн үлэҕэ киллэрэр былааннаах. Тутууга барыта 5 мөл. солк. үп көрүллүбүт. Бу үбүнэн матырыйаалларын атыыласпыт буоллахтарына, кооператив бэйэ күүһүнэн тутан таһаарар. Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

025050075021 Oct 04:5610 Nov 22:0674621 Oct 04:56: 0 views10 Nov 22:06: 746 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
21 Oct 2026, 04:560
10 Nov 2026, 22:06746

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.