🌞Интэриэһинэй чахчылар, тэттик сонуннар күннэтэ «Саҥа күн» биэриигэ тахсаллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393®istryType=bloggersPermission
-
-
repost «Тапталы эрэйэр сүрэхтэр»💕 6 сиэрийэ Саввалаах Альбина кэпсэттилэр . Эдэр саас тапталын аны төннөрбөккүн диэн буолла... Клавдия К. сиэркилэ5э бэйэтин көрөн ийэтин көрбүт курдук айманна, суһал көмө илдьэ барда. Кыыдаана5а "уоруйах" саба түспүтүгэр Албан түбэһэ кэллэ. Мантан инньэ үлэтигэр таһыах буолла. Ол бириэмэ5э Барыыс кыыс сүрэ5ин сүүйэр суоллары тобулар..🤔 @sakha_serial_nvk @nvk_sakha
-
Калининград куоракка «Балтика дьиэ кэргэттэрэ» бэстибээл аан бастакытын ыытыллан түмүктэннэ. Тэрээһини Калининград уобалаһын бырабыытылыстыбата уонна «Земляки Саха» түмсүү салайан ыыттылар. https://vkvideo.ru/video-211137588_456268956?list=cd6dfc6a13c9f2d624
-
repost 🤩🎉ТООКУ ФЕСТ чаҕылхай түгэннэриттэн @tookufest
-
«Каадырдар» диэн национальнай барыл иитинэн доруобуйатыгар хааччахтаах дьон үлэҕэ киирэр. Ол курдук, тэрилтэлэргэ кинилэргэ сөптөөх үлэ миэстэтин тэрийэн биэрэллэр. Бу туһунан сюжека сиһилии көрүҥ. https://vkvideo.ru/video-211137588_456268955?list=0cc0a162cbcdafbdab
-
edited
Саха сиригэр РФ Дьоруойа Александр Находкины чиэстээтилэр Дьокуускайга Россия Дьоруойа Александр Находкины чиэстиир үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста. Ил Дархан Айсен Николаев Александр Находкиҥҥа байыаннай сорудахтары толорууга ураты хорсун быһыытын иһин махтанна. «Эн Чусовскайдар дьоруойдуу устуоруйаларын чиэстээхтик салҕаатыҥ. Эн хорсун быһыыгынан төрүттэргит, биһиги өрөспүүбүлүкэбит, бүтүн Россиябыт байыаннай албан аатын устуоруйатыгар бэйэн ааккын киллэрдиҥ. Ийэ дойдуга бэриниилээҕин уонна ураты хорсун быһыын хас биирдиибитигэр холобур буолар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит бүтүннүүтэ эйигинэн киэн туттар», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ. Хаартыска: Андрей Сорокин/СИА nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Таатта улууһун Орто Амма нэһилиэгэр тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин уонна улууска быйыл биллэриллибит төрүт ас күннэрин ханыылаһыннаран, сонун ис хоһоонноох, нэһилиэнньэни барытын хабар, окко-маска, хаһаайыстыба үлэтигэр көмөлөһөр оҕолору чиэстиир ураты тэрээһин сүрэхтэннэ. https://vkvideo.ru/video-211137588_456268953?list=9d92860f649d1afb4c
-
«Дьокуускай — Аллараа Бэстээх» хайысханан 13 паром устар Росморречфлот дьаһалынан Дьокуускай куорат учаастагар Өлүөнэ өрүскэ навигация кэмэ түмүктэннэ. Алтынньы 20 күнүнээҕи туругунан, гидрологическай балаһыанньаны учуоттаан туран, «Дьокуускай — Аллараа Бэстээх» хайысханан 13 паром сайыҥҥы араспысаанньанан штатнай эрэһииминэн үлэлиир. Бу туһунан СӨ Тырааныспарга министиэристибэтэ иһитиннэрэр. Хаартыска: Семен Аммосов/«Саха» НКИХ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Кини таптал, олох туһунан ырыалара хас биирдии киһи сүрэҕин долгутар. «Майа сайына», «Сүтүк», «Истиий, ырыам тылларын» о.д.а. дьон-сэргэ кутун туппут бастыҥ ырыалар толорооччулара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ — Сардаана Осипова быйыл үбүлүөйдээх сааһа. Сөбүлүүр ырыаһыппытын эҕэрдэлээн туран көрөөччү хараҕын далыгар киллэрэн көрүөҕүн, сэргиэҕиҥ! Өрөбүлгэ күнүс 12:15 Сахабыт телевидениетигэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost 🤩👏🏻«Тооку» ханаалга саҥа биэрии «Иэхэйбин» диэн саҥа биэриини алтынньы 21 күнүгэр 12.30 чаастан уонна хатылааһынын киэһэ 20.00 чаастан көрүҥ. @tookufest
-
🤩Горнайга «Уларыйыы» диэн киэҥ далааһыннаах социальнай бырайыак үлэлээтэ Горнай улууһугар олох хаачыстыбатын тупсарар уонна нэһилиэнньэ доруобуйатын бөҕөргөтөр соруктаах кэскиллээх тэрээһиннэр ыытыллаллар. Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи Гериатрическэй киин үрдүк квалификациялаах быраастара оробуочай сырыынан Горнай улууһугар тиийэн таһаарыылаахтык үлэлээтилэр. Горнай улууһугар Доруобуйа сылыгар уонна улууска доруобуйа харыстабылын 95 үбүлүөйдээх сылыгар анаммыт «Уларыйыы» (Преображение) диэн киэҥ далааһыннаах социальнай бырайыак үлэтин саҕалаабыта. Чөл олоҕу уонна дьиэ кэргэн сыаннастарын бөҕөргөтөр соруктаах ураты бырайыагы СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ, бастыҥ медицинскай кииннэр уонна улуус дьаһалтата биир сыалга сомоҕолоһон сүрүннүүллэр. Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи киин тутаах исписэлиистэрэ — клиническэй психолог уонна диетолог быраастара — кэлэннэр, бырайыак кыттыылаахтарын кытта истиҥ көрсүһүүнү тэрийдилэр. Кинилэр дьоҥҥо-сэргэҕэ сөптөөх ас туһунан дириҥ ис хоһоонноох иһитиннэриилэри оҥордулар, олохтоохторго туһалаах сүбэ-ама биэрдилэр. Өрөспүүбүлүкэтээҕи гериатрическэй киин быраастара улуустааҕы кырдьаҕастар уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон олорор анал интернаттарыгар эмиэ сырытылар. Манна кинилэр кырдьаҕастары кытта атах тэпсэн олорон, истиҥник кэпсэттилэр. Мэйии үлэтин сайыннарыы уонна анал эрчиллиилэр көмөлөрүнэн эрдэ түөһэйииттэн (деменцияттан) харыстаныыга туһуламмыт боростуой, ол эрээри олус туһалаах ньымалары көрдөрөн, сырдатар үлэни ыыттылар. Дьон өй-санаа уонна эт-сиин өттүнэн чэгиэн буоларын ситиһэр маннык ураты социальнай бырайыактар олохтоох нэһилиэнньэ олоҕун уһатыыга уонна доруобуйа харыстабылыгар дьоһуннаах төһүү күүс буолаллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-



-
repost Роспотребнадзор назвал возможные сроки открытия первой школы Новое здание первой школы на проспекте Ленина могут открыть в течение 20 рабочих дней - именно на протяжении такого срока делается экспертиза надзорного органа, после которого выдается лицензия на образовательный процесс. На встрече с родсоветом и Народным фронтом 20 октября, во вторник, начальник отдела санитарного надзора Управления Роспотребнадзора Анна Румянцева подтвердила устранение выявленных ранее нарушений. В частности, она сказала, что гарантийное письмо, подписанное Главой Якутска Дмитрием Садовниковым по ограждению и вытяжному оборудованию, было удовлетворено надзорным органом. По ее словам, вчера, 19 октября, Управление Роспотребнадзора получило последнее, что требовалось, - договор временного содержания объекта, подписанное и.о. директора первой школы Вероникой Яковлевой. Это позволит начать экспертизу перед выдачей лицензии на образовательный процесс. Полное выступление начальника отдела санитарного надзора Управления Роспотребнадзора смотрите в видео. 📲Окружная администрация города Якутска в MAX
-
repost Роспотребнадзор о первой школе: Все замечания устранены В средней общеобразовательной школе №1 города Якутска состоялось комиссионное обследование. В проверке приняли участие представители общественности, родительских комитетов, экспертных комиссий, Службы госзаказчика, Роспотребнадзора, управления образования. Анна Румянцева, начальник отдела санитарного надзора, лицензирования и регистрации Управления Роспотребнадзора по Республике Саха (Якутия), прокомментировала итоги: «Все замечания, которые были указаны в экспертном заключении от 9 сентября, на сегодняшний день устранены. Документы, которые сегодня будут направлены в адрес экспертной организации – Центр эпидемиологии, будут рассмотрены, с последующим оформлением санитарно-эпидемиологического заключения. По регламенту на это уйдет порядка двадцати дней». Подробнее – в видео. 📲Окружная администрация города Якутска в MAX
-
🌾Таатта улууһун Орто Амма нэһилиэгэр окко-маска, хаһаайыстыба үлэтигэр күүс-көмө буолар оҕолору чиэстээтилэр nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost ⚡ Комментаторы «Матч ТВ» станут официальными голосами «Ультра-спринт» в Алдане Соревнования по лыжным гонкам «Первый снег Селигдара» пройдут 28 и 29 октября. 31 октября и 1 ноября состоится биатлонный «Ультра-спринт». Оба события пройдут на спортивной школе олимпийского резерва «Алдан». Генеральным спонсором выступит компания GV Gold. Трансляцию эфира смотрите на телеканалах «Якутия 24», НВК «Саха», «Мамонт», а также в соцсетях НВК «Саха». Подробнее читайте по ссылке 📲 yk24.ru в MAКС | Telegram | ВК | VK Видео
-
🚨Нам улууһугар СӨ быыһыыр сулууспатын үлэһиттэрэ оскуола оҕолоругар чараас муустан сэрэхтээх буолууга үөрэх ыыттылар nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
👍СУНТААРГА ЛЕСНОЙ КҮРГЭТЭ САҤАРДЫЛЫННА Сунтаар нэһилиэгин түөлбэлэрэ олус түмсүүлээхтэр. Бэйэ олорор сирин усулуобуйатын тупсарар туһуттан араас үлэни кыайа туталлар. Бу өрөбүллэргэ Абаҕа түөлбэ олохтоохторо түмсэн Лесной күргэтин саҥартылар. Бу күргэ тула хас киһи олоҕо ааспытай, хардыыта оҥоһуллубутай, таптаһар сүрэхтэр көрсөр сирдэрэ буолбута буолуой. Лесной түөлбэҕэ билигин уонтан тахса ыал олорор, санаторнай оскуола, Айыы арчыта, уу ыраастыыр ыстаансыйа үлэлиир. Сатыы сылдьааччы үгүһэ бу күргэнэн сылдьар. Урукку кэмҥэ манна улахан күргэ оҥоһуллан тыраахтыр тимир көлө кытта туоруура үһү, ол күргэни улахан уу алдьатан, саҥа мас күргэ киһи сылдьарыгар ананан оҥоһуллубута. Онтон бэттэх сыл-хонук ааһан муоста эргэрэн дьон сылдьарыгар кутталланан турбутун саҥардан эрэллэр. Үс күн устата манна улуус, нэһилиэк депутаттарын, олохтоохторун кытта атын тэрилтэлэр эмиэ күүс-көмө буоллулар. Нэһилиэк дьаһалтата сүрүн күүс буолла, «Сунтаравтодор», «Главстройкомплекс»матырыйаалынан көмөлөстө, ЖКС, «Бартыһаан» үлэһиттэрэ бэйэлэринэн кэлэн илии-атах буоллулар о.д.а көмө буолбут дьоннор элбэхтэр. Уолаттар үлэлэрин күөдьүтэн, түөлбэ кэрэ аҥаардара үүттээх чэйи, дьиэ аһын илдьэ кэлэн күн аайы үстэ-түөртэ аһаттылар, минньигэс астарынан күндүлээтилэр. Саҥардыллыбыт күргэнэн бастакы туорааччыга кыра сакалаат оҕото бэлэмнэннэ. Аны эһиил сатаннаҕына күргэ иккис эҥээрин саҕардыахха баара диэн ыра санаа иһилиннэ. ТУСКУЛААНА ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-



+2
-
repost 📺В передаче «Эйгэ» на НВК «Саха» предприниматель, адвокат Егор Григорьев рассказал о правовом диктанте, который пройдёт в Якутске 21 октября. Даже если у компании есть юрист, предпринимателю приходится разбираться во множестве правовых вопросов самостоятельно. Участникам предстоит ответить на 25 практических вопросов. После теста можно будет обсудить ответы с экспертами. 🎙Особенность формата: вопросы будут читать сами предприниматели — Алексей Павлов («Пространство»), Анна Постникова («Узнавайка»), Иван Данилов («Шишкин Дом») и другие. Они поделятся историями из собственной практики. ⏰Дата и время: 21 октября 2026 года, 17:00 📌Место проведения: Центральная библиотека им. Н.Д. Неустроева, ул. Ларионова, 12а, ауд. 309. 🔗Участие бесплатное, но нужна регистрация: https://legalask.me/. Хотите узнать больше? Смотрите сюжет по ссылке: https://vkvideo.ru/video-211137588_456268936 (тайминг с 19.36 по 37.30) @moibiz14
- Older posts