НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 2.9%702 avg views
Posting 21.8/day last 26 minutes ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏
edited

🚨🚒«Сылаас дьиэ» бырайыак: Сунтаарга соҕотох олорор кырдьаҕастарга баһаартан сэрэтии үлэтэ ыытыллар Сунтаар улууһугар уот баһаарын эрдэттэн сэрэтиигэ туһуламмыт «Сылаас дьиэ» пилотнай бырайыак олоххо киирэр. Бу суолталаах тэрээһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үлэтин уонна социальнай сайдыытын министиэристибэтин хайысхатынан ыытыллар уонна нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйыыга туһуланар. Бырайыак чэрчитинэн Сунтаардааҕы баһаарынай сулууспа уонна технологическай колледж көмөлөөн, улууска бэриллибит 2 квотанан соҕотох олорор кырдьаҕас дьон олорор дьиэлэрин уоттарын ситимин (проводкатын) толору уларытан биэриэхтэрэ. Хас биирдии олохтоох бэйэтин дьиэтин-уотун туругун кэмигэр көрүнүөхтээх. Сунтаар сыанатынан суоттаатахха, орто кээмэйдээх 7*8 квадратнай миэтэрэ иэннээх дьиэҕэ уот ситимин толору уларытыыга наадалаах матырыйаал сыаната барыта 30-ча тыһыынча солкуобай кэриҥэ буолар. Бу суума дьиэ кэргэн олоҕун быыһыан сөптөөҕүн хаһан да умнуо суохтаахпыт. Уот ситимин кэмигэр уларытыҥ! Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

020040060080021 Oct 07:0610 Nov 22:0672621 Oct 07:06: 0 views10 Nov 22:06: 726 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
21 Oct 2026, 07:060
10 Nov 2026, 22:06726

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.