👏🏻Сунтаардааҕы 3-с нүөмэрдээх оскуола төрүттэммитэ 35 сыллаах үбүлүөйүн үрдүк таһымҥа бэлиэтээтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин биллиилээх бэлиитигэ уонна судаарыстыбаннай диэйэтэлэ Климент Егорович Иванов аатын сүгэр Сунтаардааҕы 3-с нүөмэрдээх орто оскуола төрүттэммитэ 35 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһин үрдүк таһымҥа ыытылынна. Норуот айымньытын киинигэр оскуола бэтэрээн үлэһиттэрэ, билиҥҥи педагогическай коллектив, үөрэнээччилэр уонна араас сылларга үөрэммит выпускниктар тоҕуоруһа муһуннулар. 1991 сыллаахха олохтоммут үөрэх кыһата бэйэтигэр ураты хайысханы ылынан, 2006 сылтан саҕалаан олимпийскай эрэллэри бэлэмниир спорт оскуолатын үөрэҕи биэрэр салаатын быһыытынан ситиһиилээхтик үлэлиир. Бу кэм тухары үөрэх тэрилтэтэ Сунтаар улууһун аатын өрөспүүбүлүкэ, Россия уонна аан дойду таһымнаах спорт түһүлгэтигэр дорҕоонноохтук ааттатар чулуу спортсменнары иитэн-кынаттаан таһаарбыта. Билиҥҥи кэмҥэ оскуоланы дириэктэр Андрей Николаев салайан олорор, кини салалтатынан үөрэх таһымын үрдэтиигэ, төрөөбүт тылы харыстааһыҥҥа уонна оҕону уопсастыбаннай олоххо иитиигэ күүстээх үлэ барар. Үбүлүөйдээх сылынан үөрэх тэрилтэтин кэллэктиибин Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев бэйэтин эҕэрдэ тылынан уруйдаата. Кини бэлиэ тэрээһин чэрчитинэн улуус итиэннэ өрөспүүбүлүкэ үөрэҕириитин сайдыытыгар биллэр кылааттарын киллэрбит бастыҥ үлэлээх учууталларга, иитээччилэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин таһымнаах үрдүк наҕараадалары, бочуоттаах грамоталары уонна анал бэлиэлэри үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Оскуола кэллэктиибэ 35 сыллаах үбүлүөйүн үрдүк ситиһиилээхтик көрсөн, инникитин да үөрэх уонна спорт таһымын өссө үрдүктүк тутар былааннаах уонна сайдар соруктаах үлэлиир. Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.9%680 avg views
Posting
21.8/day
last 35 minutes ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 12 Oct 2026, 05:09 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 681 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.