Бүгүн Айсен Николаев ГТРК «Саха» ханаалга быһа эпииргэ тахсыаҕа Ил Дархан Айсен Николаев ГТРК «Саха» ханаалга быһа эпииргэ тахсыаҕа. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын уонна баһылыгын дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Эпиир бүгүн, алтынньы 12 күнүгэр, күнүс 13:00 чааска буолуоҕа. Биэрии кэмигэр 8 (4112) 32-02-02 нүөмэргэ эрийэн ыйытыахха сөп. Быһа эфиргэ ааҕыллыбатах ыйытыылары өрөспүүбүлүкэ баһылыгар тиэрдиэхтэрэ. Быһа биэриини бу сигэлэринэн көрүөххэ сөп: – https://gtrksakha.ru/news/2026/10/12/12-oktyabrya-v-1300-na-telekanale-rossiya-24-smotrite-programmu-pryamoj-razgovor-s-ajsenom-nikolaevym; – http://vkvideo.ru/@vestisakha; – http://max.ru/vestisakha. Хаартыска: Андрей Сорокин/СИА nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube