Горнай эбии үөрэхтээһин педагогун күнэ киэҥ бырагыраманан бэлиэтэннэ Горнай улууһун Бэрдигэстээх нэһилиэгэр Людмила Лукина аатынан Эбии үөрэхтээһин киинигэр педагогтар Александр Агеев аатынан оҕо спортивнай оскуолатын тренердэрин уонна Бэрдьигэстээҕи оҕо искусствотын оскуолатын уһуйааччыларын кытта Россияҕа эбии үөрэхтээһин педагогун күнүн үһүс төгүлүн киэҥ бырагыраманан бэлиэтээтилэр. Бырааһынньык бастакы күнэ уопут атастаһыытыгар уонна идэни үрдэтиигэ ананан, туһааннаах сонун авторскай семинардарынан саҕаланна. Педагогтар бэйэлэрин идэлэригэр туһалаах саҥа хайысхалары ырыттылар. Иккис күн бырааһынньык үөрүүлээх арыллыытынан уонна педагогтар айар үлэлэрин көрдөрөр быыстапканан саҕаланна. Үөрүүлээх чааска эдэр көлүөнэни иитиигэ киллэрбит кылааттарын иһин бастыҥ үлэһиттэргэ барҕа махтал тыллара этилиннилэр, наҕараадалар туттарылыннылар. Салгыы педагогтар олус тэрээһиннээх маастар-кылаастарга кыттан саҥа ньымалары баһылаатылар, онтон кэлэктииби сомоҕолуур уйулҕа трениҥэ ыытылынна. Бырааһынньык үрдүк күүрүүлээх уонна интэриэһинэй квест-оонньуунан, ону тэҥэ доҕордуу көрсүһүү үҥкүүнэн олус сэргэхтик түмүктэннэ. Быйылгы үһүс төгүлүн ыытыллыбыт улахан бырааһынньык улуус эбии үөрэхтээһинин үлэһиттэригэр саҥа айар үлэҕэ кынаттаата уонна хас биирдии кыттааччыга умнуллубат сырдык өйдөбүллэри хаалларда. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.9%680 avg views
Posting
21.8/day
last 35 minutes ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 12 Oct 2026, 01:55 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 763 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.