Ааспыт өрөбүлгэ Покровскай куоракка 14–15 саастаах уолаттарга норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах ССРС успуордун маастара Анатолий Филиппов бирииһигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин буоксаҕа бастыыр иһин күрэхтэһиитэ түмүктэннэ. Санатан суруйдахха, ааспыт сыллары кытта тэҥнээтэххэ, быйылгы күрэхтэһиигэ эдэр спортсменнар ахсааннара элбээбитэ үөрдэр. Хаҥалас улууһун киинигэр 24 хамаандаттан 176 боксер кэллэ. Түөрт күн устата ыытыллыбыт хатыһыылаах киирсилэр кэннилэриттэн бастыҥ көрдөрүүлээх хамаанданан Ньурба боксердара буоллулар. Кинилэр 3 кыһыл көмүс, 5 үрүҥ көмүс уонна 5 боруонса мэтээллэр хаһаайыннарынан буоллулар. Видео: Родион Кривогорницын/«Саха» НКИХ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.9%680 avg views
Posting
21.8/day
last 35 minutes ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 12 Oct 2026, 02:32 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 1.2K |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.