Сергей Васильев: үрдүк кыттыы-тас өттүттэн кутталга эппиэт 37% - тан тахса Саха сирин олохтооҕо быыбарга куоластаата. Куолаһын хайыы-үйэ 240 тыһыынчаттан тахса быыбардааччы биэрдэ. Экспертэр бу сезоҥҥа дьон-сэргэ Госдумаҕа ааспыт быыбарга холоотоххо ордук көхтөөхтүк куоластыылларын бэлиэтииллэр. Кыттыы 2021 сыл көрдөрүүтүн куоһарда. Уопсайынан, өрөспүүбүлүкэҕэ быыбар улахан кэһиитэ суох ыытыллар. Быйылгы быыбарга быыбардааччылар көхтөрүн экспертэр быһаараллар: бастатан туран, тас куттал уонна атаакалар усулуобуйаларыгар дьон Россия уопсастыбатын сомоҕолоһуутун көрдөрөөрү ордук көхтөөхтүк куоластыыр. Иккиһинэн, итинэн олохтоохтор бэрэсидьиэн өйөбүлүн уонна кини дойду сайдыытыгар хайысхатын көрдөрөллөр. Бу фактор Саха сиригэр уонна уопсайынан Уһук Илин ордук суолталаах. «Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо чопчу быһаарынан куоластыыллар. Быыбар ааспыт икки күнүгэр Арҕааҥылар куоластааһын дьэҥкир уонна былааннаах хаамыытын мэһэйдиир соруктарын көрдүбүт. Ити Россия историческай территорияларыгар эрэ буолбакка, Уһук Илини эмиэ таарыйда. Итиэннэ куоластааһыны тохтоторго маннык холонуу сатамматын бэлиэтиир олус наадалаах. Учаастактарга көҕүлээһин-тас кутталларга эппиэт», - ди эн «Боевые Шелкопряды Якутии» волонтерскай хамсааһын салайааччыта Сергей Васильев бэлиэтээтэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393®istryType=bloggersPermission
-
edited -
📨Саха сиригэр быыбарга кыттыы көрдөрүүтэ 2021 сыл түмүгүн куоһарбыт Өрөспүүбүлүкэҕэ Судаарыстыбаннай Дума дьокутааттарын быыбара салҕанар. Икки күн түмүгүнэн кыттыы 35,9% буолла, ити 2021 сылга холоотоххо үрдүк. Саха сиринээҕи ЦИК көрдөрөрүнэн, куоластааһын улахан кэһиитэ суох ыытыллар. Саха сирин олохтоохторо Госдума дьокутааттарын быыбарыгар көхтөөхтүк кытталлар. Икки күн түмүгүнэн 232 800 быыбардааччы өрөспүүбүлүкэ кэскилин туһугар куолаһын биэрбит. «Үс күннээх куоластааһын бастакы күннэригэр кыттыы үрдүк көрдөрүүтүн үчүгэйдик сыаналыыбын. Уһук Илин уонна Саха сирэ быыбарга көхтөөхтүк кытталлар. Соторутааҕыта дойду бырабыыталыстыбата Уһук Илини 2036 сылга диэри сайыннарыы Стратегиятыгар илии баттаабыта. Бу докумуон инники 10 сылга макрорегион туруктаах сайдыытын көрөр. Дьон чопчу былааннарын, кэскиллэрин иһин куоластыыллар, макрорегион инники сайдыытыгар уонна дьон-сэргэ олоҕун тупсарыыга эрэллээхтэр», – диэн политолог Чокуур Гаврильев санаатын эттэ. Куоластааччы кыттыытын үрдэтиигэ үс күннээх куоластааһын эмиэ оруолу оонньоото. Бастатан туран быыбардааччыларга маннык көрүҥ табыгастааҕын кытта сибээстээх. Үс күннээх куоластааһын дойду олохтоохторугар быыбар тиийимтиэтин үрдэтэргэ уонна быыбар учаастактарыгар ноҕоруусканы аччатарга кыаҕы биэрдэ. Үгүс дьоҥҥо бу табыгастаах быһаарыы буолан таҕыста: сорохтор бээтинсэҕэ үлэ иннинэ уонна кэнниттэн куоластыыр кыахтаннылар, сорохтор субуотаҕа ордук иллэҥ кэми таларга эбэтэр учаастакка сылдьыыны өрөбүлгэ атын дьыалалары кытта холбуурга быһаарыннылар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost ❄️«Умка» ойуулук сахалыы саҥарда! Умка уонна кини доҕотторо эйигин умсулҕаннаах айаҥҥа ыҥыраллар. Балаҕан ыйын 28 күнүттэн 13:00 уонна 19:00 чаастан «Тооку» ханаалга саҥа сахалыы тылбаастаммыт ойуулугу көрүҥ! @tookufest
-
📺Программа ТВ НВК "Саха" на 20 сентября (вс.) 06:00-Тиэргэн 12+ 06:30-Мы вам покажем 12+ 07:00-"Өркөн" үҥкүү бөлөҕүн кэнсиэрэ 6+ 09:15-Истиҥ илдьит 6+ 09:30-Большой юбилейный концерт ГВА "Туймаада" 6+ 12:00-Новости 12+ 12:17-"Сүрэҕим илдьитэ" Анастасия Готовцева кэнсиэрэ 6+ 13:30-Якутия. День за днем 12+ 14:00-Сериал ырыалара 6+ 15:00-Новости 12+ 15:15-Сериал ырыалара 6+ 16:00-"Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт" уус-уран киинэ 12+ 18:00-Новости 12+ 18:15-Истиҥ илдьит 6+ 18:30-Айылыатта Дьырылыат кэнсиэриттэн 6+ 19:00-Тыый! 6+ 21:00-Новости 12+ 21:15-Үрдэл 12+ 00:45-Лукачевскайдар кэнсиэртэрэ 6+ 02:00-Бастыҥ клип 12+ 02:15-Арыйаан кэнсиэрэ 6+ 04:00-Айар-тутар Сахам сирэ 6+ 04:40-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-

😊👏🏻«Саамай улахан тыква - 2026» улуустааҕы куонкурус кыайыылаахтара билиннилэр 1 миэстэ – Ульяна Табунанова. Тыква ыйааһына 10,400 кг. (Чычымах) 2 миэстэ – Татьяна Иванова. Тыква ыйааһына 10,000 кг. (Ытык Күөл) 3 миэстэ – Афанасий Бояров. Тыква ыйааһына 8,900 кг. (Ытык Күөл) Кыайыылаахтар мэтээллэринэн, дипломнарынан уонна өйдөбүнньүк бэлэхтэринэн наҕараадаланнылар. Хаартыска: Таатта улууһун пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
❄️🌨️Өрөбүлгэ инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр Балаҕан ыйын 20 күнүгэр 5 кыраадыска диэри сылыйара күүтүллэр. «Кыралаан инчэҕэй хаар түһэрэ сабаҕаланар. Хотугулуу-арҕааттан 3-8 миэтэрэ түргэннээх тыал үрүөҕэ. Түүнүн -1-3°С, күнүһүн +3+5°С», — диэн күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр иһитиннэрэллэр. Билигин Дьокуускайга +6 кыраадыска тэҥ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
💬Наталья Кашперская: Саха сирэ бэйэтин кэскилин туһугар көхтөөхтүк куоластыыр Өрөспүүбүлүкэҕэ Судаарыстыбаннай Дума дьокутааттарын быыбара салҕанар. Балаҕан ыйын 18-гар быыбар учаастактарыгар өрөспүүбүлүкэ 153 тыһыынчаттан тахса олохтооҕо сылдьыбыт. Экспертэр саныылларынан, саха дьоно быйылгы быыбарга үрдүк көҕүлээһиннэрэ өрөспүүбүлүкэ кэскилигэр кылааттарын киллэрэргэ бэлэм буолууларынан быһаарыллар. «Саха сиригэр уонна Уһук Илин быыбардааччылар көхтөөх кыттыыларын маннык быһаарыахха сөп. Быыбар буолуон икки нэдиэлэ иннинэ бырабыыталыстыба 2036 сылга диэри Уһук Илин сайдыытын стратегиятын баттаспыттара. Дойду барыта баартыйалар икки ардыларыгар талар сиригэр ДФО олохтоохторо чопчу сайдыы былааннарын иһин дьиҥнээхтик куоластыыллар. Докумуону бэрэсидьиэн сорудаҕынан Юрий Трутнев хамаандата бэлэмнээбитэ. Стратегияны дьүүллэһиигэ Уһук Илин бары 11 регионуттан үс тыһыынчаттан тахса киһи кыттыбыта. Онно олоҕуран олохтоохтор сүрүн боппуруостара-энергетика, суол-иис, дьиэ-уот, оскуола уонна балыыһа. Онон дьон-сэргэ РФ бэрэсидьиэнэ дьон олоҕун тупсарыыга хайысхатын салгыырга куоластыыллар», – диэтэ ВШЭ судаарыстыбаннай уонна муниципальнай управлениетын кафедратын сэбиэдиссэйэ Наталья Кашперская. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
💯Эдьигээн биир учаастагар быыбардааччы 100%-на куоластаата Быыбар бастакы күнүгэр Эдьигээҥҥэ УИК 819 № - дээх эбии учаастагар 384 киһи барыта куоластаата — кыттыы 100%-ҥа тэҥнэстэ. Оройуон үрдүнэн куоластааһын бастакы күнүгэр барыта 1195 быыбардааччы кыттыыны ылла. Бу уопсай ахсаантан 36,77%-нын хабар. Хаартыскаҕа: Эдьигээн пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
edited
📨👏🏻Мандар Уус быыбарга куоластаата Норуот маастара, саха үгэһин, сиэрин-туомун тарҕатааччы Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус кэргэнинээн Федора Борисовналыын куоластаабыттарын туһунан Таатта пресс-сулууспата иһитиннэрэр. «Түмсүү биһиги куйахпыт. Кыайыы түмсүүнэн эрэ кэлэр»- диэбит Борис Федорович. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
⚡️Дьокуускай уонна Аллараа Бэстээх хайысханан теплоход киэһээҥи сырыытын тохтоттулар «Лена-Транс» хампаанньа Дьокуускай-Аллараа Бэстээх уонна төттөрү хайысханан киэһээ өттүгэр устар теплоход сырыытын тохтоппут. Биричиинэтэ - күн кылгааһына, халлаан эрдэ хараҥарыыта. Пассажирдарга айаны былаанныырга эрдэттэн учуоттуурга ыҥыраллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
📺🤩👏🏻САХА ТЕЛЕВИДЕНИЕТИГЭР - САҤА АЙАР ДЬЫЛ! nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
📨Абыйдааҕы ТИК бэрэссэдээтэлэ Елена Новикова иһитиннэрэр: 7 N-дээх быыбардыыр учаастакка 96 саастаах Ураһалаах нэһилиэгин уһун үйэлээҕэ, учуутал, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, Абый улууһун бочуоттаах гражданина Иннокентий Семенов куоластаата. #РоссияГолосует #цикякутии_ГосДума2026 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
📺Программа ТВ НВК "Саха" на 19 сентября (сб.) 06:00-Тиэргэн 12+ 06:30-Мы вам покажем 12+ 07:00-Аһаҕастык 12+ 07:30-Геван 6+ 08:00-Саха сатаабата суох 6+ 08:30-Айар-тутар Сахам сирэ! 12+ 09:15-Истиҥ илдьит 6+ 10:00-Кэрэ кэпсээн 6+ 11:30-Году культуры и единства народов 12+ 12:00-Новости 12+ 12:15-Просто вкусно 12+ 13:00-Күн дэлэйэ 6+ 13:30-Новости 12+ 14:00-Тэтим 6+ 15:00-Новости 12+ 15:15-ТВ-спорт 12+ 16:45-ТВ фондатыттан. Суорун Омоллоон 12+ 17:45-Репортаж 12+ 18:00-Новости 12+ 18:15-Истиҥ илдьит 6+ 19:15-Кэм кэрэһитэ 6+ 20:00-Новости 12+ 20:15-Өркөн өй 12+ 21:30-"Айар кутум абылаҥа" Инна Донская-Дайаана кэнсиэрэ 6+ 00:15-Кэрэ кэпсээн 6+ 01:30-Кэм кэрэһитэ 6+ 02:15-Тэтим 6+ 03:15-Арыыга 12+ 04:00-Айар-тутар Сахам сирэ! 12+ 04:40-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost
Владимир Путин проголосовал онлайн на выборах
-
🎭Тыйаатыр саҥа сезона «Сарсын сарсыарда» гала-кэнсиэринэн саҕаланна Балаҕан ыйын 17 күнүгэр тыйаатыр сезонун үөрүүлээх арыллыыта Өрөспүүбүлүкэ болуоссатыгар тэрилиннэ. Манна С.А.Зверев аатынан Үҥкүү тыйаатыра, Олоҥхо тыйаатыра, КМНС тыйаатыра, Ньурба тыйаатыра, Опера уонна балет тыйаатырын артыыстара уонна «Туймаада» ансаамбыл кыттыылаах гала-кэнсиэр буолан ааста. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
📨Балаҕан ыйын 18 күнүгэр 20:00 чаастааҕы дааннайынан Саха сиригэр быыбарга 153573 киһи кыттыыны ылла. Бу быыбардааччы уопсай ахсааныттан 23,72%-гар тэҥ. Саха сиригэр куоластааһын үс күн устата ыытыллар — балаҕан ыйын 18, 19 уонна 20 күннэригэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
♻️Бу күннэргэ АЛРОСА хампаанньа Сунтаар улууһугар экологическай аахсыйаны тэрийэр. Ол курдук, Күүкэй уонна Кэмпэндээйи сиригэр сырыттылар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
😉👍СУНТААРГА БЫЫБАР БҮГҮҤҤҮ ХААМЫЫТЫН БИЛСИҤ ТУСКУЛААНА, РАДОМИР СЕРГЕЕВ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
📨Амыдайдар быыбардыы: Надеждалар Сунтаар улууһугар Аллыҥа нэһилиэгэр Надежда Яковлева, Надежда Семенова, Надежда Евсеева, Надежда Иванова, Надежда Петрова - Аллыҥа НАДЕЖДАЛАРА бука бары быыбарга куоластаатылар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
📨Амыдайдар быыбардыы: Антониналар Сунтаар улууһугар Аллыҥа нэһилиэгин бастакы биир ааттаахтар, амыдайдар Антонина Кузьмина, Антонина Иванова уонна Антонина Иванова буоланнар кэлэн быыбардаан бардылар уонна олохтоох дьаһалта сэмэй бэлэҕин туттулар. Аллыҥа үрдүнэн үс АНТОНИНА баарыттан бары мустан Дойду туһугар ытык иэстэрин толордулар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
- Older posts