НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393&registryType=bloggersPermission

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 23 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
  1. +4

    📨Мэҥэ Хаҥаласка быыбар көхтөөхтүк ыытылла 25 тыһыынчаттан тахса быыбардааччылаах Мэҥэ Хаҥалас улууһугар 34 быыбардыыр учаастакка хамыыһыйа чилиэннэрэ үлэлэрин саҕалаатылар. Үс күн устата РФ Судаарыстыбаннай Дууматыгар депутаттары талар суолталаах быыбар бастакы күнүгэр дьон кыттыыта көхтөөҕүн бэлиэтээтилэр. Улуус киинигэр Аллараа Бэстээххэ икки быыбар учаастага үлэлиир буоллаҕына, Майа сэлиэнньэтигэр үс быыбар учаастагар үлэ-хамнас тэтимнээхтик саҕаланна. 257-ис нүөмэрдээх Арҕаа Майатааҕы учаастакка 1880 киһи быыбардыыр испииһэккэ суруллан үс күн устата быыбарга кыттыаҕа. Мантан 51 быыбардааччы дьиэҕэ уонна 39 киһи балыыһаҕа куоластыырга сайаапка биэрэннэр, доруобуйаларынан хааччахтаах ыарыһахтарга быыбардыыр бырааптарын туһаналларыгар усулуобуйа олохтонон, хамыыһыйа үлэһиттэрэ киин сытар балыыһаҕа миэстэтигэр тиийэннэр доруобуйаларынан хааччахтаах быыбардааччылары куоластаттылар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  2. СӨ Ыччат бырабыыталыстыбатын чилиэттэрэ Судаарыстыбаннай Думаҕа быыбарга куоластаатылар Ыччат уорганын бэрэстэбиитэллэрэ быыбардыыр учаастактарга сокуоннай куоластыыр бырааптарын туһаннылар. СӨ Ыччат бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Сергей Иванов куоластааһын регион бары олохтоохторун түмсүүлэрин тутаах чааһа буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ: «Биһиги ураты региоҥҥа олоробут. Саха сирэ араас омук култууратын, үгэстэрин түмэр. Быыбардыыр учаастакка кыттан уопсай кэскили бииргэ тутар биир хамаанда буоларбытын көрдөрөбүт». Ыччат бырабыыталыстыбатын култуураҕа, доруобуйа харыстабылыгар, физическэй култуураҕа уонна успуорка Департаменын салайааччыта Розалия Ксенофонтова гражданскай иэһи толорууга бэйэтин сыһыанын үллэһиннэ: «Быыбарга кыттыы — дойдубут хас биирдии олохтооҕун гражданскай эбээһинэһэ. Мин мэлдьи куоластыыбын уонна хас биирдии баартыйа бырагырааматын эрдэттэн кичэйэн үөрэтэбин». Ыччат бырабыыталыстыбатын инфраструктураҕа сайдыытын Департаменын чилиэнэ Александр Ермолаев быыбардааччы оруолун регион Киин быыбардыыр хамыыһыйатыгар үлэтин кытта дьүөрэлиир: «Быыбарга мэлдьи кыттабын. Ол гынан баран, бу сырыыга быыбардааччы эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэтээҕи ЦИК чилиэнин быһыытынан учаастакка сылдьабын. Миэхэ бу улахан суолталаах: бары нуормалары тутуһууну уонна процедура сокуоннайын кэтээн көрөбүн. Ыччат бырабыыталыстыбатын бэрэстэбиитэлэ быһыытынан ыччат кыттыыта төһө суолталааҕын өйдүүбүн уонна холобур оҥоро сатыыбын. Бастакы күн — саамай эппиэтинэстээх». СӨ Ыччат бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  3. 🚶🏻‍♀️🚶🏻Куотаҕа айан Балаҕан ыйын 14 күнүгэр биир дойдулаахпыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин биллиилээх судаарыстыбаннай, уоасастыбаннай, политическай диэйэтэлэ, оройуон историятыгар салайар үлэҕэ үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээн ааспыт, чаҕылхай салайааччы Варвара Андреевна Петрова төрөөбүт сиригэр Куотаҕа Үөдэй оскуола – уһуйаан кэллэктиибин (дириэктэр Любовь Ли) оройуоннааҕы «Куотаҕа айан» диэн ааттаах бырайыак чэрчитинэн сатыы хааман Куотаҕа айаннаатыбыт. Бу сатыы айаммыт Варвара Андреевна Петрова төрөөбүтэ 90 сылыгар уонна кини олорон ааспыт дьоһуннаах олоҕун, үлэтин кэриэстээһиҥҥэ ананна. Оройуоннааҕы «Куотаҕа айан» сатыы хаамыы бырайыакка Ньурбаттан, Маартан, Хаалларан, Үөдэйтэн кыттыстылар. Хаҥалас нэһилиэгиттэн Варвара Петрова аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл салайааччыта Зинаида Анисимова, түмэл сүрүн үлэһитэ Денис Докторов уонна Николай Кочнев аатынан Хаҥалас орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ кэлистилэр. Варвара Андреевна биһигин ыйаабыт, түөрэҕэ түспүт сиригэр, олус кэрэ айылҕалаах бүччүм сиргэ – Куотаҕа тиийдибит. Сатыы хаамыы бырайыак кыттыылаахтара өрөспүүбүлүкэ сайдарын туһугар элбэх сыратын биэрбит, дьон-норуот туһугар доруобуйатын харыстаабакка түүннэри-күнүстэри үлэлээбит киһибитигэр Варвара Андреевна Петрова пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. Ол кэнниттэн оскуола эдэр учууталлара Айталина Пермякова, Саргылана Григорьева «Алмаас суолдьута» диэн ааттаах квест оонньууну ыыттылар. Юрий Николаев пневматическай винтовканан сыал ытыы күрэҕин оскуола уолаттарыгар, ыалдьыттарга ыытта. Баһылык Мария Николаева Варвара Петрова оскуолатааҕы хаартыскаларын, төрөөбүтүн туоһулуур сибидиэтэлистибэтин көрдөрдө. Онно суруллубутунан 12.12.1935 сыллаахха төрөөбүтүн биллилэр. Итинтэн да атын дьоҥҥо биллибэт хаартыскаларын көрөн билбэтэхтэрин биллилэр. Салгыы хос-хос эһэтэ нэһилиэгэр кинээстээбит Мыыдаранай Борокуоппай өтөҕүн баран көрдүбүт. Ньурба улууһун историятын оҥорсубут Варвара Петрова үлэнэн уруйдаммыт албан аата мэлдьи махталынан ахтылла туруоҕа. Ханнык баҕарар сир-дойду аатынан даҕаны, сирэ-дойдута кэрэтинэн даҕаны аатырбат. Кини аатырар дьонунан – сэргэтинэн, үлэтинэн - хамнаһынан. «КУОТАҔА АЙАН» бырайыагы атын хайысханан салгыы ыытыахпыт диэн тарҕастыбыт. Мария Николаева, Үөдэй нэһилиэгин баһылыга, Ньурба улууһа nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  4. repost

    👨‍🦽👨‍👩‍👧‍👦В Якутии более 240 пожилых людей и инвалидов живут в приёмных семьях В Якутии 245 граждан пожилого возраста и инвалидов проживают в приёмных семьях. Эта программа реализуется в республике уже более 10 лет и является эффективной альтернативой домам-интернатам, позволяя людям старшего поколения и людям с инвалидностью оставаться в привычной семейной среде. Программа «Приёмная семья для граждан пожилого возраста и граждан, имеющих инвалидность 1 и 2 группы» реализуется в рамках нацпроектов «Семья» и «Продолжительная и активная жизнь», инициированных Президентом России Владимиром Путиным, народной программы «Единой России» и региональной программы «Активное долголетие на 2025–2030 годы». История Егора Николаевича Винокурова, 76‑летнего жителя Якутии, – живое доказательство силы простого человеческого тепла. Когда-то он всерьёз думал о переезде в интернат: здоровье уже не позволяло справляться с хозяйством, а одиночество становилось невыносимым. «Когда остаёшься один в пустом доме, стены начинают давить, — вспоминает Егор Николаевич. — И дрова принести трудно, и воду, да и просто за день словом обмолвиться не с кем». Всё изменилось три года назад, когда его забрала к себе семья Семёновых. Теперь утро в доме пахнет свежими оладьями, вокруг бегают внуки, которые просят у него советов про рыбалку и с интересом слушают истории про оленей. «Я больше не «одинокий пенсионер», я – дедушка Егор, — с улыбкой говорит он. — Для меня приёмная семья стала не просто уходом, она вернула мне смысл жизни и ощущение настоящего родного дома». yk24.ru в MAКС | Telegram | ВК | VK Видео

  5. repost

    👨🏻‍🦳👍🏻 13 муниципалитетов Якутии получили 14 млн рублей на программы активного долголетия В 2025–2026 годах в Якутии 13 муниципальных образований получили 14 миллионов рублей на софинансирование муниципальных программ активного долголетия. Мероприятия включают культурно-досуговые, оздоровительные программы и просветительские проекты. Работа по поддержке старшего поколения в республике ведётся в рамках нацпроектов «Семья» и «Продолжительная и активная жизнь», инициированных президентом России Владимиром Путиным, народной программы «Единой России» и региональной программы «Активное долголетие на 2025–2030 годы». Субсидии получили Амгинский, Алданский, Горный, Мирнинский, Мегино-Кангаласский, Намский, Среднеколымский, Таттинский, Хангаласский, Чурапчинский районы, Якутск и ГО «Жатай». «Очень довольна, чтобы побывала в лагере для старшего поколения „Мы из СССР“. Многое узнала, увидела, познакомилась со многими сверстниками. В детские годы мне не довелось побывать в детском лагере, и вот удалось в пожилом возрасте, потому счастлива. Хочу пожелать, чтобы лагерь развивался и работал каждый год, радовал людей», — поделилась Валентина Васильева из села Качикатцы Хангаласского района. Подробнее читайте по ссылке. 📲 yk24.ru в MAКС | Telegram | ВК | VK Видео

  6. 📨Амма улууһугар Судаарыстыбаннай Дума депутаттарын быыбара көхтөөхтүк ыытыллар nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  7. 📨Үөһээ Бүлүү улууһугар быыбар маҥнайгы күнэ олус тэтимнээхтик саҕаланна nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  8. 📨Нам улууһугар 19 нэһилиэккэ 27 учаастактааҕы избирательнай хамыыһыйа үлэлиир, онно 73 наблюдатель үлэлэрин саҕалаата. Улуус урдунэн быыбардааччы ахсаана - 15 637. Улууска күчүмэҕэйдээх учаастак диэн суох, улуус кииниттэн тэйиччи итиэннэ өрүс уҥуор сытар нэһилиэктэргэ быыбар бэрээдэк быһыытынан бара турар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  9. 🌿🍃«Тиэргэн» биэриигэ Иннокентий Федоров үүнээйини ууһатар туһунан олус туһалаах сүбэлэри биэрдэ. https://vkvideo.ru/video-211137588_456267924 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  10. 🍅🥒«Тиэргэн»: Хаҥалас улууһун Уулаах Аан сэлиэнньэтин «Оҕуруот» түмсүүтэ https://vkvideo.ru/video-211137588_456267943 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  11. edited

    🍉«Тиэргэн» биэриигэ арбуз үүннэриитин туһунан кэпсээтилэр. Уулаах Аан «Оҕуруот» түмсүүтүн салайааччыта Яна Лукачевская, Вячеслав Спиридонов дьиэ кэргэннэригэр ыалдьыттаатыбыт. https://vkvideo.ru/video-211137588_456267956 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  12. 🍅«Тиэргэн» биэриигэ Уулаах Аан олохтоохторо Прасковья Ильинична помидор олордуутун, Луиза Семеновна хаппахтарынан оҥоһуктарын туһунан кэпсээтилэр. https://vkvideo.ru/video-211137588_456267966 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  13. edited

    🥔🥕🥒«Тиэргэн» биэриигэ хаһынтан хайдах оҕуруоту харыстыыры, ревень үүнээйи туһатын, барыанньалыыры Иннокентий Федоров кэпсээтэ. https://vkvideo.ru/video-211137588_456267993 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  14. 🏠🏗️Мария уонна Егор Дьячковскайдар тиэргэннэригэр сылын ахсын араас тутуу дьэндэйэр. Ол туһунан «Тиэргэн» биэриигэ кэпсээтибит. https://vkvideo.ru/video-211137588_456268002

  15. 👏«Тиэргэн» биэриигэ Ольга Птицына куоракка оҥорбут ландшафтнай дизайнын туһунан кэпсээтэ. https://vkvideo.ru/video-211137588_456268020 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  16. edited

    ✅«Тиэргэн» биэриигэ Катерина Лугиноваҕа ыалдьыттаатыбыт https://vkvideo.ru/video-211137588_456268037 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  17. «Тиэргэн» биэриигэ Хатас олохтоохторугар Елизавета, Евгений Ивановтарга ыалдьыттаатыбыт https://vkvideo.ru/video-211137588_456268047 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  18. 🏫«Тиэргэн» биэриигэ «Айыы Кыһата» национальнай гимназияҕа ыалдьыттаатыбыт https://vkvideo.ru/video-211137588_456268047 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  19. Older posts