📨Саха сиригэр быыбарга кыттыы көрдөрүүтэ 2021 сыл түмүгүн куоһарбыт Өрөспүүбүлүкэҕэ Судаарыстыбаннай Дума дьокутааттарын быыбара салҕанар. Икки күн түмүгүнэн кыттыы 35,9% буолла, ити 2021 сылга холоотоххо үрдүк. Саха сиринээҕи ЦИК көрдөрөрүнэн, куоластааһын улахан кэһиитэ суох ыытыллар. Саха сирин олохтоохторо Госдума дьокутааттарын быыбарыгар көхтөөхтүк кытталлар. Икки күн түмүгүнэн 232 800 быыбардааччы өрөспүүбүлүкэ кэскилин туһугар куолаһын биэрбит. «Үс күннээх куоластааһын бастакы күннэригэр кыттыы үрдүк көрдөрүүтүн үчүгэйдик сыаналыыбын. Уһук Илин уонна Саха сирэ быыбарга көхтөөхтүк кытталлар. Соторутааҕыта дойду бырабыыталыстыбата Уһук Илини 2036 сылга диэри сайыннарыы Стратегиятыгар илии баттаабыта. Бу докумуон инники 10 сылга макрорегион туруктаах сайдыытын көрөр. Дьон чопчу былааннарын, кэскиллэрин иһин куоластыыллар, макрорегион инники сайдыытыгар уонна дьон-сэргэ олоҕун тупсарыыга эрэллээхтэр», – диэн политолог Чокуур Гаврильев санаатын эттэ. Куоластааччы кыттыытын үрдэтиигэ үс күннээх куоластааһын эмиэ оруолу оонньоото. Бастатан туран быыбардааччыларга маннык көрүҥ табыгастааҕын кытта сибээстээх. Үс күннээх куоластааһын дойду олохтоохторугар быыбар тиийимтиэтин үрдэтэргэ уонна быыбар учаастактарыгар ноҕоруусканы аччатарга кыаҕы биэрдэ. Үгүс дьоҥҥо бу табыгастаах быһаарыы буолан таҕыста: сорохтор бээтинсэҕэ үлэ иннинэ уонна кэнниттэн куоластыыр кыахтаннылар, сорохтор субуотаҕа ордук иллэҥ кэми таларга эбэтэр учаастакка сылдьыыны өрөбүлгэ атын дьыалалары кытта холбуурга быһаарыннылар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.8%678 avg views
Posting
21.7/day
last 20 minutes ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 20 Sep 2026, 02:31 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 939 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.