💬Наталья Кашперская: Саха сирэ бэйэтин кэскилин туһугар көхтөөхтүк куоластыыр Өрөспүүбүлүкэҕэ Судаарыстыбаннай Дума дьокутааттарын быыбара салҕанар. Балаҕан ыйын 18-гар быыбар учаастактарыгар өрөспүүбүлүкэ 153 тыһыынчаттан тахса олохтооҕо сылдьыбыт. Экспертэр саныылларынан, саха дьоно быйылгы быыбарга үрдүк көҕүлээһиннэрэ өрөспүүбүлүкэ кэскилигэр кылааттарын киллэрэргэ бэлэм буолууларынан быһаарыллар. «Саха сиригэр уонна Уһук Илин быыбардааччылар көхтөөх кыттыыларын маннык быһаарыахха сөп. Быыбар буолуон икки нэдиэлэ иннинэ бырабыыталыстыба 2036 сылга диэри Уһук Илин сайдыытын стратегиятын баттаспыттара. Дойду барыта баартыйалар икки ардыларыгар талар сиригэр ДФО олохтоохторо чопчу сайдыы былааннарын иһин дьиҥнээхтик куоластыыллар. Докумуону бэрэсидьиэн сорудаҕынан Юрий Трутнев хамаандата бэлэмнээбитэ. Стратегияны дьүүллэһиигэ Уһук Илин бары 11 регионуттан үс тыһыынчаттан тахса киһи кыттыбыта. Онно олоҕуран олохтоохтор сүрүн боппуруостара-энергетика, суол-иис, дьиэ-уот, оскуола уонна балыыһа. Онон дьон-сэргэ РФ бэрэсидьиэнэ дьон олоҕун тупсарыыга хайысхатын салгыырга куоластыыллар», – диэтэ ВШЭ судаарыстыбаннай уонна муниципальнай управлениетын кафедратын сэбиэдиссэйэ Наталья Кашперская. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.8%678 avg views
Posting
21.7/day
last 20 minutes ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 19 Sep 2026, 09:53 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 911 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.