Сергей Васильев: үрдүк кыттыы-тас өттүттэн кутталга эппиэт 37% - тан тахса Саха сирин олохтооҕо быыбарга куоластаата. Куолаһын хайыы-үйэ 240 тыһыынчаттан тахса быыбардааччы биэрдэ. Экспертэр бу сезоҥҥа дьон-сэргэ Госдумаҕа ааспыт быыбарга холоотоххо ордук көхтөөхтүк куоластыылларын бэлиэтииллэр. Кыттыы 2021 сыл көрдөрүүтүн куоһарда. Уопсайынан, өрөспүүбүлүкэҕэ быыбар улахан кэһиитэ суох ыытыллар. Быйылгы быыбарга быыбардааччылар көхтөрүн экспертэр быһаараллар: бастатан туран, тас куттал уонна атаакалар усулуобуйаларыгар дьон Россия уопсастыбатын сомоҕолоһуутун көрдөрөөрү ордук көхтөөхтүк куоластыыр. Иккиһинэн, итинэн олохтоохтор бэрэсидьиэн өйөбүлүн уонна кини дойду сайдыытыгар хайысхатын көрдөрөллөр. Бу фактор Саха сиригэр уонна уопсайынан Уһук Илин ордук суолталаах. «Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо чопчу быһаарынан куоластыыллар. Быыбар ааспыт икки күнүгэр Арҕааҥылар куоластааһын дьэҥкир уонна былааннаах хаамыытын мэһэйдиир соруктарын көрдүбүт. Ити Россия историческай территорияларыгар эрэ буолбакка, Уһук Илини эмиэ таарыйда. Итиэннэ куоластааһыны тохтоторго маннык холонуу сатамматын бэлиэтиир олус наадалаах. Учаастактарга көҕүлээһин-тас кутталларга эппиэт», - ди эн «Боевые Шелкопряды Якутии» волонтерскай хамсааһын салайааччыта Сергей Васильев бэлиэтээтэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.8%678 avg views
Posting
21.7/day
last 20 minutes ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 20 Sep 2026, 07:11 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 892 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.