НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 45 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
repost from Шамаев Петр

Өрөспүүбүлүкэ улуустарын олохтоохторун кытары кэпсэтиим салҕанар. Хайыы-үйэ 19 улууска сылдьан, 10 тыһыынчаттан тахса биир дойдулаахтарбын кытта көрүстүм. Маннык көрсүһүүлэр дьону туох долгутарын ордук өйдүүргэ, боппуруостары быһаарыыга чопчу суоллары тобуларга көмөлөһөллөр. 🔹Сунтаар улууһугар олохтоохтору кытта сэттэ көрсүһүүнү ыыттым. Субсидиялар, аҕа көлүөнэни уонна дьоҕурдаах оҕолору өйөөһүн, анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар буойуттарбытын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйөөһүн, социальнай өйөбүл дьаһалларын, тыа нэһилиэктэрин сайыннарыы, тупсарыы уонна да атын суолталаах боппуруостары дьүүллэстибит. 🔹Арассыыйа Федерациятын Үлэ Дьоруойа Михайлов Владимир Африкановичтыын көрсөн кэпсэттим. Кини көмөтүнэн «Кириэстээх» тыа хаһаайыстыбатын производственнай кээпэрэтиибигэр күн бүгүн 2000 тахса төбө ынах сүөһү иитиллэн турар, итиэннэ хаһаайыстыба сыл аайы элбэх үүтү ыыр. Өр сыллаах таһаарыылаах үлэтинэн өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын сайыннарыыга сүдү кылаатын киллэрбит киһини кытта бодоруһуу, кини такайыыларын истии уонна биһиги аграрийдарбытыгар суолталаах боппуруостары дьүүллэһии миэхэ улахан чиэс буолар. Хас биирдии улуус бэйэтэ ураты боппуруостардаах, ол эрэн биһигини барыбытын төрөөбүт сирбитигэр таптал, кини кэскилин иһин эппиэтинэс уонна өрөспүүбүлүкэбитин күүстээх, тупсаҕай оҥорор баҕа санаа ситимниир. Бары олохтоохторго аһаҕас, чиэһинэй кэпсэтиилэрин, итэҕэллэрин, кыһамньыларын иһин барҕа махталбын тиэрдэбин! https://max.ru/channel_PetrShamaev

Views over time

025050075014 Sep 06:2510 Nov 22:0674914 Sep 06:25: 0 views10 Nov 22:06: 749 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
14 Sep 2026, 06:250
10 Nov 2026, 22:06749

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.