НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 45 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
edited

🚶🏻‍♀️Сунтаарга хотугу хаамыыга тэрээһин ыытылынна Балаҕан ыйын 12 күнүгэр Сунтаарга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллыбыт «Хотугу хаамыы биир кэлим күнэ» диэн тэрээһин буолан ааста. Сүрүн сыала-соруга: аҕам саастаах дьону чэгиэн-чэбдик олоҕу тутуһарга көҕүлээһин, бэйэ-бэйэлэрин кытта алтыһар, бодоруһар кыахтарын хааччыйыы. Хотугу хаамыы - сааһы аахсыбакка ханнык баҕарар киһи кыайыан сөптөөх уонна туһалаах спорт көрүҥэ буолар. Тэрээһин үөрүүлээх быһыыга-майгыга барда. Социальнай салалта салайааччыта Михаил Тимофеев эҕэрдэлээн, сонуннары кэпсээн, «үһүс саас оскуолата» үлэлиэҕин туһунан иһитиннэрэн үөрдүтэлээтэ. «Үрүҥ көмүс саастаахтарга» 1,2 биэрэстэҕэ күрэхтэһии түмүгүнэн кыайыылаахтарынан буоллулар: 70 диэри саастаахтарга: 1 м - Саргылаана Егорова 2м - Капитолина Ильина 3м - Арина Павлова 70 үөһэ саастаахтарга: 1м - Любовь Иванова 2м - Светлана Петрова 3м - Светлана Дмитриева Барыта отучча кыттааччыттан саамай аҕам саастаах - 81-дээх Елизавета Догойдонова «шпагат» түһэн барыбытын сөхтөрдө, сэбиэскэй оскуола физкультураҕа гимнастикаҕа уруоктара хайдахтаах курдук үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыттарын өссө төгүл дакаастаата. «Чэбдик» кулууптар хаамыы кэнниттэн эрчиллиилэргэ маастар кылаас көрдөрдүлэр. Бу курдук өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллыбыт улахан хамсааһыҥҥа кыттыһан санаабыт көтөҕүллэн тарҕастыбыт. Бу күн нэһилиэктэргэ эмиэ Хаамыы күннэрэ ыытылыннылар. Мария Васильева nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

05001K1.5K14 Sep 03:2610 Nov 22:061.4K14 Sep 03:26: 0 views10 Nov 22:06: 1,380 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
14 Sep 2026, 03:260
10 Nov 2026, 22:061.4K

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.