НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 45 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

⛽Балаһыанньа тупсан эрэр: Дьокуускайга 15 заправка бэнсиини кутар Саха сиригэр уматыгынан хааччыллыы балаһыанньата тупсан эрэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ Дьокуускай 15 заправкалыыр ыстаансыйатыгар АИ-92 уонна АИ-95 мааркалаах бэнсииннэри куталлар. Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ гражданскай көмүскэлгэ миниистири солбуйааччы Яна Наумова иһитиннэрдэ. Бэнидиэнньик туругунан ньиэби оҥорор собуоттартан Иркутскай уобалас Усть-Кут куоратыгар диэри массыына бэнсиини тиэйэн ыытыллар. Ол кэнниттэн уматыгы өрөспүүбүлүҕэ нефтебазаларыгар тиэрдиэхтэрэ. Ону таһынан, Томмот уонна Аллараа Бэстээх станцияларыттан автобензины таһаллар. Салгыы тиэхиньикэ уматыгын Саха сирин нефтебазаларыгар тарҕатыахтара. «Дьокуускайга 15 заправкалыыр ыстаансыйа үлэлиир: «Саханефтегазсбыт», «Туймаада Нефть», «СибОйл» уонна «Сервис Ойл». АИ-92 уонна АИ-95 мааркалаах бэнсииннэри эрдэ киллэриллибит лимиитинэн уу харчынан уонна баан каартатынан атыылыыллар», — диэн Яна Наумова бэлиэтээтэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

025050075014 Sep 06:0110 Nov 22:0675914 Sep 06:01: 0 views10 Nov 22:06: 759 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
14 Sep 2026, 06:010
10 Nov 2026, 22:06759

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.