⚡️Саха сирин 22 үөрэх тэрилтэтэ хапытаалынай өрөмүөҥҥэ сүүмэрдиир түһүмэҕи ааста Саха сириттэн 22 үөрэх тэрилтэтэ Россия Үөрэҕирии министиэристибэтин хапытаалынай өрөмүөҥҥэ сүүмэрдиир түһүмэҕи ааста. Ол иһигэр 13 оскуола, 3 уһуйаан, 6 колледж уонна техникум киирдилэр. 2027–2029 сылларга федеральнай өйөбүл кээмэйэ 1,720 млрд тахса солк тэҥнэһэр. «СӨ Бырабыыталыстыбатыттан уонна муниципалитеттартан үбүлээһиҥҥэ уонна хас биирдии эбийиэккэ чуолкай үлэни күүтэбин. Өрөмүөн үрдүк хаачыстыбалаахтык оҥоһуллуохтаах уонна ыйыллыбыт болдьоҕор түмүктэниэхтээх. Биһиги үөрэх кыһалара үйэлээх буолалларын туһугар саҥардыы үлэтин ыытабыт. Оҕолор, устудьуоннар үөрэнэр усулуобуйалара, учууталлар, иитээччилэр күннээҕи үлэлэрэ өрөмүөн хайдах ыытылларыттан эмиэ тутулуктаах», – диэн Ил Дархан Айсен Николаев эттэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.8%678 avg views
Posting
21.7/day
last 45 minutes ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 14 Sep 2026, 09:33 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 954 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.