НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393&registryType=bloggersPermission

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
  1. 🧹Ньурба улууһун Дьаархан сэлиэнньэтигэр Марха өрүскэ маассабай субуотунньук ыытылынна nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  2. 🥛Үүт былаана 82,3% туолла Өрөспүүбүлүкэҕэ үрүҥ илгэни үрүлүтүү тэтимнээхтик бара турар. Балаҕан ыйын 10 күнүнээҕи дааннайынан 45 тыһ тахса туонна үүтү ыабыттар, ол эбэтэр сыллааҕы былаан 82,3% туолбут. Былырыыҥҥы бу кэми кытта тэҥнээтэххэ, 26,3 туоннанан элбэх. Үүтү бэлэмнээһиҥҥэ муҥутуур көрдөрүүлээхтэринэн Чурапчы (111,03%), Нам (106,5%), Кэбээйи (100,3%) улуустара буоллулар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  3. 🪖💐Дьокуускайга РФ Дьоруойа Дмитрий Егоров-Сунтаар уонна кини бойобуой доҕоро Николай Романов-Ронин хорсун ааттарын үйэтитэр пааматынньык аһылынна Анал байыаннай дьайыы хонуутугар бэйэ-бэйэлэригэр эрэнсэн, тиһэх мүнүүтэҕэ диэри эр санаалаахтык киирсэн, өлбөөдүйбэт үйэлээх өйдөбүнньүгү хаалларбыт уолаттар пааматынньыктарын аатырбыт саха скульптора Николай Чочасов чочуйан оҥордо. Монумент үрүҥ сабыытын дьон-сэргэ иннигэр арыйар үрдүк чиэс Дмитрий Егоров аҕатыгар Николай Алексеевичка уонна Николай Романов тапталлаах кэргэнигэр Ньургуяна Романоваҕа бэрилиннэ. Сүрэх сылааһын уурбут бу түгэн мустубут дьону барыларын долгутта. Бу өйдөбүнньүк бэлиэ олоххо киирэригэр Сунтаар улууһун дьаһалтататыттан 1 мөл. солк. көрүллүбүтэ. Маны сэргэ улахан кылааттарын киллэрбит, күүс-көмө буолбут дьонунан тутуу тэрилтэлээх урбаанньыттар Василий Шамаев уонна Николай Варламов буолаллар. Кинилэр бу үтүө дьыалалара патриотизм уонна доҕордоһуу холобурунан буолла. Үлэ хаамыытын хонтуруолласпыт, тиһэҕэр тиийэригэр көмө буолбут Сунтаар улууһун дьаһалтатын бэрэстэбиитэлэ Семен Глухаревка махтанабыт. Тэрээһин биир долгутуулаах түгэнинэн уолаттары кытта СВО хонуутугар бииргэ киирсибит, хара маҥнайгыттан тиһэх күннэригэр диэри бииргэ сылдьыбыт бойобуой доҕотторо - «Стрела» уонна «Фил» позывнойдаах байыастар кыттыыны ыллылар. Кинилэр кэлбит дьоҥҥо уолаттар тустарынан истиҥ санааларын үллэһиннилэр. Бу пааматынньык сулууспалыы сылдьар уонна дойду көмүскэлигэр олохторун толук уурбут саха уолаттарын эрэллээх доҕордоһууларын бэлиэтэ буолан, өр сылларга куорат киинин киэргэтиэ уонна кэлэр көлүөнэҕэ холобур буолуоҕа. Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  4. 🇷🇺 Поддержим представителя Якутии на федеральном этапе конкурса «Лучший по профессии»! С 10 сентября по 24 сентября проходит народное голосование за видеоролики участников федерального этапа Всероссийского конкурса профессионального мастерства «Лучший по профессии» национального проекта «Кадры» в номинации «Второй старт». Республику Саха (Якутия) представляет Александр Бочкарёв — ветеран специальной военной операции и победитель регионального этапа конкурса в номинации «Второй старт». ⭐ Каждый голос важен! По итогам народного голосования участникам будут начислены дополнительные баллы в зависимости от процента голосов, отданных за их видеоролик. 🗳 Как проголосовать: 1. Авторизуйтесь на платформе: 2s.vcot.info 2. На главной странице нажмите «Начать голосование». 3. Найдите видеоролик Александра Бочкарёва и поддержите нашего земляка! ⏰ Голосование стартовало 10 сентября в 00:01 (мск) и завершится 24 сентября в 20:00 (мск). nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  5. 🍅🥒🥕Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгин аҕам саастаах олохтоохторо Елена уонна Дмитрий Татариновтар сыллата оҕуруот ыһан өлгөм үүнүүнү ылаллар nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  6. 💠🔆Болҕойуҥ! «Олоҥхо-баттл» бырайыакка кыттыҥ! Устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах, ийэ тылы иҥэриммит, төрүт тылы төлкөлөөбүт олоҥхону сэргиир дьон, болҕойуҥ! Дьон-сэргэ кутун-сүрүн туппут «Олоҥхо-батл» телевизионнай күрэс кыттааччылары ыҥырар! 18-50 диэри саастаах дьон кыттаргытын биллэрэн, бэйэҕит туһунан суруйан olonkho_battle_nvk@mail.ru аадырыска туһаайан ыытыҥ. Кыайыылаах уу харчынан наҕараадаланыаҕа! Күрэс хаамыытын сиһилии бу сигэнэн киирэн билсиҥ (балаһыанньа, анкета): https://nvk-online.ru/bol-oju-olo-ho-battl-byrajyakka-kytty-2/ «Олоҥхо батлга» үс саха үтүөлэрэ, түөрт саха бастыҥнара түһүлгэҕэ күөн көрсүҥ! nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  7. repost

    🧑‍🧑‍🧒‍🧒💳 Владимир Путин предложил продлить до 2030 года повышенную выплату при рождении третьего ребёнка на Дальнем Востоке Президент России Владимир Путин на пленарном заседании XI Восточного экономического форума поставил новые задачи по дальнейшему развитию Дальнего Востока. В частности, глава государства предложил продлить до 2030 года повышенную выплату при рождении третьего ребёнка в дальневосточных регионах. Для Якутии, где поддержка многодетных семей является одним из приоритетов социальной политики, продолжение этой меры имеет особое значение. Семьи Якутии благодарны за такое решение. «Замечательно, что на Дальнем Востоке повышенные меры поддержки при рождении третьего ребёнка будут предоставляться и дальше. В нашей семье четверо девочек: четырнадцати, восьми, трёх и одного года. У нас в республике с прошлого года по инициативе Ил Дархана региональный материнский капитал предоставляется и за рождение четвёртого и последующих детей. Мы за младшую дочку уже получили эти средства, а также целевой капитал «Дети столетия», – поблагодарила многодетная мама, якутянка Цветана Михайлова. Подробнее смотрите в сюжете. ⏸ yk24.ru в 📲 MAКС | 💬 Telegram | 💙 ВК | 📺 VK Видео

  8. Сунтаар Бүлүүчээнигэр оҕолор араас техническай хайысхаҕа үөрэнэллэр nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  9. edited

    ✅Майаҕа үөрэх үлэһиттэрин балаҕан ыйынааҕы сүбэ мунньаҕа ыытылынна Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Майаҕа «Үөрэҕирии-түөлбэ сайдыытын төрдө» диэн үөрэх үлэһиттэрин балаҕан ыйынааҕы сүбэ мунньаҕа буолла. Киэҥ хабааннаах тэрээһин чэрчитинэн бастакы күн уопсайа 5 былаһаакканан 348 үөрэх үлэһитэ кытынна. Сыллата үгэскэ кубулуйан ыыттыллар үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин балаҕан ыйынааҕы сүбэ мунньаҕар үөрэхтээһин эйгэтин салайааччылара, педагогическай уопсастыбаннас түмсэр. Саҥа үөрэх сылын сайдар суолун торумнуур төгүрүк остуол, «Саҥаны бил», «Оҥор», «Сайыннар» «Бииргэ үлэлэс» диэн тректэринэн 4 хайысхалаах үлэ түһүлгэлэрэ тэрилиннилэр. Хайысхаларынан көдьүүстэх көрдөрүүлээх, айымньылаах үлэлээх уопуту үллэстэр киэҥ далааһыннаах кэпсэтиилэр ыытылыннылар, үөрэх тэрилтэлэрин ситиһиилээх бырайыактарын сырдаттылар. Владимир Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын баай уопуттаах учууталларын, талааннаах педагогтарын айар-тутар быыстапкалара тэриллэн дьон болҕомтотун тарта. Күн иккис аҥарыгар пленарнай чааска СӨ үөрэҕин уонна билимин миниистирэ Нюргуна Соколова уонна улуус баһылыга Дмитрий Тихонов кыттыыны ыланнар саҥа үөрэх дьылыгар үөрэхтээһин эйгэтигэр кэккэ соруктары туруордулар. Саҥа национальнай бырайыактар чэрчилэринэн ыытыллар үлэлэргэ ол иһигэр доруобуйа харыстабылын технологияларын үөрэх кыһаларыгар киллэрии боппуруоһа болҕомто киинигэр турарын бэлиэтээтилэр. Үөрэҕирии үлэһиттэрин кэнчээри ыччаты иитии, үөрэтии сардаҥалаах суолун тускулуур киэҥ далааһыннаах тэрээһин икки күн устата ыытыллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  10. +4

    🤩👏🏻Горнайга сынньалаҥ киинэ саҥардылынна Бэрдьигэстээххэ Мэхээлэ Егоров аатынан сынньалаҥ киинин киирии саалата саҥалыы өрөмүөннэнэн, аныгылыы тупсаҕай көрүҥнэннэ. Бу үлэ олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама чэрчитинэн 2 мөлүйүөн солкуобайтан тахса харчыны ситиһэн толоруллунна. Сайын устата үлэлээбит олохтоох биригээдэ тутууну үрдүк хаачыстыбалаахтык уонна бириэмэтигэр түмүктээтэ. Култуура киинин кэллэктиибэ үлэлиир тэтимин ыһыктыбакка, саҥалыы тыыннанан, нэһилиэнньэҕэ аанын тэлэччи арыйда. Бу саҥардыллыбыт киирии саала олохтоохтор уонна ыалдьыттар сынньанар, сэргэхсийэр дьоһун түһүлгэлэринэн буолла. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  11. 😊👋🏻Үтүө күнүнэн! Чэппиэргэ ис дьиҥ санаабытын, эппит-саҥарбыт тылларбытын олоххо киллэрэн, кыһыл тылынан, кураанах куолунан эрэ буолбакка, кырдьыгы-сымыйаны арааран, буоллун-хааллын диэбэккэ, араас санааҕа хайдыбакка, дьон-сэргэ, норуот туһугар, кини интэриэһигэр, араас санааны, бэл дойҕоҕу бэйэбит анааран-өйдөөн, ырааҕы-кэскили баар балаһыанньаҕа олоҕуран, өйдөөн-ылынан, Аар Айыыларбыт көмөлөрүнэн инники олохпут-кэскилбит туһугар туруулаһа сылдьыаҕыҥ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  12. Программа ТВ НВК "Саха" на 10 сентября (чт.) 06:00-Тиэргэн 12+ 06:30-Мы вам покажем 12+ 07:00-Саҥа күн 6+ 07:58-Выборы-2026 12+ 08:00-Утро Якутии 6+ 09:00-Саҥа күн 6+ 10:00-Утро Якутии 6+ 11:00-Выборы-2026 12+ 11:45-Актуальное интервью 12+ 12:00-Новости 12+ 12:15-Тиэргэн 12+ 12:45-Саха сатаабата суох 12+ 13:28-Выборы-2026 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Тайм-аут 6+ 15:00-Новости 12+ 15:15-Якутск сегодня 12+ 16:00-Выборы-2026 12+ 16:03-Кэм кэрэһитэ 6+ 16:30-Выборы-2026 12+ 16:45-Ытык дьоммут ыллыктаах тыллара 12+ 17:15-Просто вкусно 12+ 18:00-Новости 12+ 18:15-Саха итэҕэлэ 12+ 18:48-Репортаж 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Актуальное интервью 12+ 19:28-Выборы-2026 12+ 19:45-Тургутуу 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-"Сайда тур, Сахам Сирэ!" телесериал 12+ 21:45-Барыс 12+ 22:30-Саха итэҕэлэ 12+ 23:00-Итоги дня 12+ 23:30-Тиэргэн 12+ 00:15-Дойдум дьоно 12+ 00:30-Тургутуу 12+ 01:15-Якутск сегодня 12+ 02:00-Новости 12+ 02:15-Тайм-аут 6+ 03:15-Эйгэ 6+ 04:40-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  13. 🧑🏻‍🎨🎨🖼️Дьокуускайга бастакытын куорат пленэрэ ыытыллыаҕа Дьокуускай куорат күнүн чэрчитинэн бастакытын аһаҕас салгыҥҥа маассабай пленэр — уруһуйдааһын буолуоҕа. Тэрээһин Эргэ куоракка ыытыллыаҕа, онон кыттааччылар архитектурнай пааматынньыктары ойууга түһэриэхтэрин, эбэтэр куорат олохтоохторо таптыыр сирдэрин көрдөрүөхтэрин сөп. «Үргэл» арт-галерея идэтийбит худуоһунньуктары, уус-уран уонна архитектурнай үрдүк үөрэх кыһаларын, орто анал үөрэхтэр устудьуоннарын, преподавателлэрин уонна бары баҕалаахтары пленэрга кыттарга ыҥырар. Пленэр чэрчитинэн түөрт хайысханан куонкурус түмүгэ тахсыаҕа: пленэр маастардара, эдэр худуоһунньуктар, сөбүлээн дьарыктанар худуоһунньуктар уонна оҕолор. Кыайыылаахтар Дьокуускай уокуруктааҕы дьаһалтатыттан бириистэри ылыахтара. Пленэр балаҕан ыйын 12 күнүгэр, 12:00 чаастан саҕаланыаҕа, оттон үлэ быыстапката уонна наҕараадалааһын балаҕан ыйын 13 күнүгэр, 11:00 чааска ыытыллыаҕа. Барыта-Эргэ куоракка. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  14. ⏳🧐Сыл-хонук аастар дойду историятын суруйбут, олохпут сайдарыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрбит ытык кырдьаҕастарбыт кэккэлэрэ улам аҕыйыыр. Кинилэр олохторун үөрэҕин, сыралаах үлэлэрин уонна дириҥ сүбэлэрин кэлэр көлүөнэҕэ сүппэт гына хаалларыы хас биирдиибит ытык эбээһинэһэ. Бу сыалтан Сунтаарга ураты суолталаах историяны үйэтитэр бырайыак саҕаланна. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  15. repost

    «Илии сылааһа» өрөспүүбүлүкэтээҕи волонтердар хамсааһыннарын Төҥүлүтээҕи салаатын үлэһиттэрин кытары көрүстүм. Волонтердар байыастарбытын өйүүргэ ыытар үлэлэрин туһунан кэпсээтилэр. Кинилэр дойдубутун көмүскээччилэргэ таҥас-сап, наадалаах мал-сал тигэллэр, итиэннэ бу үтүө дьыала тула нэһилиэк олохтоохторун түмэллэр. Маннык көмө кэннигэр күннээҕи улахан үлэ — бириэмэ, күүс-уох, матырыйаал уонна саамай кылаабынайа - биир дойдулаахтарын өйүүргэ туһуламмыт улахан баҕа санаа турар. Волонтердар бу үтүө үлэни салгыыр кыахтара баара улахан суолталаах. Бу хамсааһыҥҥа кыттан, бэйэлэрин кылааттарын киллэрсэр, биһиги байыастарбытыгар төрөөбүт Сахабыт сириттэн өйөбүлбүтүн биллэрэр хас биирдии киһиэхэ махталбын тиэрдэбин. https://max.ru/channel_PetrShamaev

  16. edited

    Бэрдьигэстээххэ бочуоттаах олохтоохтор сквердэрэ саҥардылынна Бу күннэргэ Бэрдьигэстээххэ бөһүөлэк килбэйэр киинигэр турар «Бэрдьигэстээх Бочуоттаах олохтоохторун» скверэ саҥалыы тыыннанан, сөргүтүллэн сүҥкэн кылааттарын киллэрсибит үтүө-мааны дьонун үөрүүлээх күҥҥэ муста. Быйыл олохтоох дьаһалта федеральнай бырайыак куоҥкуруһугар кыттан, кыайыылаах буолан, сквер саҥалыы сөргүтүлүннэ. Өрөмүөн үлэтин сайын устата олохтоох уолаттар бэрт тупсаҕайдык, хаачыстыбалаахтык оҥорбуттарын кэлбит дьон сэргээн, хайҕыы бэлиэтээтилэр. Сквер саҥалыы өрөмүөннэммит бэлиэ күнүн бэлиэтиир кыһыл лиэнтэтин быстылар. Итиэннэ Бочуот дуоскатыгар киирбит ыҥырыылаах ыалдьыттар, кыһыл көбүөрүнэн хааман ытыс дохсун тыаһынан чиэстэннилэр. Бэрдьигэстээх сайдарын туһугар үгүс сыраларын ууран кылааттарын киллэрсибит патриот дьон маннык чиэстэммиттэрэ ураты долгутуулаах буолла. Манна 260 ытык олохтоох аата кыһыл көмүс буукубанан суруллан киирдэ. Саҥардыллыбыт сквер инникитин даҕаны Бэрдьигэстээх олохтоохторун ситиһиилэрин бэлиэтиир, үтүө дьон ааттара үйэ саас тухары бу сквергэ суруллан, кэлэр көлүөнэҕэ холобур буолан үйэтитиллэн туруохтара. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  17. Үөрэх дьыла саҕаланан, оскуола остолобуойдарыгар оҕолору сылаас аһынан аһатан эрэллэр. Ирдэбил быһыытынан ас-үөл тотоойу, минньигэс эрээри, арыыга, сыаҕа ыһаарыламматах буолуохтаах. Быйыл оҕо аһылыга хайдах тэриллэрин туһунан сиһилии сюжекка көрүҥ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  18. Older posts