НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

🧑🏻‍🎨🎨🖼️Дьокуускайга бастакытын куорат пленэрэ ыытыллыаҕа Дьокуускай куорат күнүн чэрчитинэн бастакытын аһаҕас салгыҥҥа маассабай пленэр — уруһуйдааһын буолуоҕа. Тэрээһин Эргэ куоракка ыытыллыаҕа, онон кыттааччылар архитектурнай пааматынньыктары ойууга түһэриэхтэрин, эбэтэр куорат олохтоохторо таптыыр сирдэрин көрдөрүөхтэрин сөп. «Үргэл» арт-галерея идэтийбит худуоһунньуктары, уус-уран уонна архитектурнай үрдүк үөрэх кыһаларын, орто анал үөрэхтэр устудьуоннарын, преподавателлэрин уонна бары баҕалаахтары пленэрга кыттарга ыҥырар. Пленэр чэрчитинэн түөрт хайысханан куонкурус түмүгэ тахсыаҕа: пленэр маастардара, эдэр худуоһунньуктар, сөбүлээн дьарыктанар худуоһунньуктар уонна оҕолор. Кыайыылаахтар Дьокуускай уокуруктааҕы дьаһалтатыттан бириистэри ылыахтара. Пленэр балаҕан ыйын 12 күнүгэр, 12:00 чаастан саҕаланыаҕа, оттон үлэ быыстапката уонна наҕараадалааһын балаҕан ыйын 13 күнүгэр, 11:00 чааска ыытыллыаҕа. Барыта-Эргэ куоракка. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

05001K9 Sep 09:1610 Nov 22:069179 Sep 09:16: 0 views10 Nov 22:06: 917 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
9 Sep 2026, 09:160
10 Nov 2026, 22:06917

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.