Бэрдьигэстээххэ бочуоттаах олохтоохтор сквердэрэ саҥардылынна Бу күннэргэ Бэрдьигэстээххэ бөһүөлэк килбэйэр киинигэр турар «Бэрдьигэстээх Бочуоттаах олохтоохторун» скверэ саҥалыы тыыннанан, сөргүтүллэн сүҥкэн кылааттарын киллэрсибит үтүө-мааны дьонун үөрүүлээх күҥҥэ муста. Быйыл олохтоох дьаһалта федеральнай бырайыак куоҥкуруһугар кыттан, кыайыылаах буолан, сквер саҥалыы сөргүтүлүннэ. Өрөмүөн үлэтин сайын устата олохтоох уолаттар бэрт тупсаҕайдык, хаачыстыбалаахтык оҥорбуттарын кэлбит дьон сэргээн, хайҕыы бэлиэтээтилэр. Сквер саҥалыы өрөмүөннэммит бэлиэ күнүн бэлиэтиир кыһыл лиэнтэтин быстылар. Итиэннэ Бочуот дуоскатыгар киирбит ыҥырыылаах ыалдьыттар, кыһыл көбүөрүнэн хааман ытыс дохсун тыаһынан чиэстэннилэр. Бэрдьигэстээх сайдарын туһугар үгүс сыраларын ууран кылааттарын киллэрсибит патриот дьон маннык чиэстэммиттэрэ ураты долгутуулаах буолла. Манна 260 ытык олохтоох аата кыһыл көмүс буукубанан суруллан киирдэ. Саҥардыллыбыт сквер инникитин даҕаны Бэрдьигэстээх олохтоохторун ситиһиилэрин бэлиэтиир, үтүө дьон ааттара үйэ саас тухары бу сквергэ суруллан, кэлэр көлүөнэҕэ холобур буолан үйэтитиллэн туруохтара. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.8%678 avg views
Posting
21.7/day
last 1 hour ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 9 Sep 2026, 07:32 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 753 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.