НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
edited

✅Майаҕа үөрэх үлэһиттэрин балаҕан ыйынааҕы сүбэ мунньаҕа ыытылынна Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Майаҕа «Үөрэҕирии-түөлбэ сайдыытын төрдө» диэн үөрэх үлэһиттэрин балаҕан ыйынааҕы сүбэ мунньаҕа буолла. Киэҥ хабааннаах тэрээһин чэрчитинэн бастакы күн уопсайа 5 былаһаакканан 348 үөрэх үлэһитэ кытынна. Сыллата үгэскэ кубулуйан ыыттыллар үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин балаҕан ыйынааҕы сүбэ мунньаҕар үөрэхтээһин эйгэтин салайааччылара, педагогическай уопсастыбаннас түмсэр. Саҥа үөрэх сылын сайдар суолун торумнуур төгүрүк остуол, «Саҥаны бил», «Оҥор», «Сайыннар» «Бииргэ үлэлэс» диэн тректэринэн 4 хайысхалаах үлэ түһүлгэлэрэ тэрилиннилэр. Хайысхаларынан көдьүүстэх көрдөрүүлээх, айымньылаах үлэлээх уопуту үллэстэр киэҥ далааһыннаах кэпсэтиилэр ыытылыннылар, үөрэх тэрилтэлэрин ситиһиилээх бырайыактарын сырдаттылар. Владимир Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын баай уопуттаах учууталларын, талааннаах педагогтарын айар-тутар быыстапкалара тэриллэн дьон болҕомтотун тарта. Күн иккис аҥарыгар пленарнай чааска СӨ үөрэҕин уонна билимин миниистирэ Нюргуна Соколова уонна улуус баһылыга Дмитрий Тихонов кыттыыны ыланнар саҥа үөрэх дьылыгар үөрэхтээһин эйгэтигэр кэккэ соруктары туруордулар. Саҥа национальнай бырайыактар чэрчилэринэн ыытыллар үлэлэргэ ол иһигэр доруобуйа харыстабылын технологияларын үөрэх кыһаларыгар киллэрии боппуруоһа болҕомто киинигэр турарын бэлиэтээтилэр. Үөрэҕирии үлэһиттэрин кэнчээри ыччаты иитии, үөрэтии сардаҥалаах суолун тускулуур киэҥ далааһыннаах тэрээһин икки күн устата ыытыллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

020040060080010 Sep 03:0110 Nov 22:0668810 Sep 03:01: 0 views10 Nov 22:06: 688 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
10 Sep 2026, 03:010
10 Nov 2026, 22:06688

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.