НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

🪖💐Дьокуускайга РФ Дьоруойа Дмитрий Егоров-Сунтаар уонна кини бойобуой доҕоро Николай Романов-Ронин хорсун ааттарын үйэтитэр пааматынньык аһылынна Анал байыаннай дьайыы хонуутугар бэйэ-бэйэлэригэр эрэнсэн, тиһэх мүнүүтэҕэ диэри эр санаалаахтык киирсэн, өлбөөдүйбэт үйэлээх өйдөбүнньүгү хаалларбыт уолаттар пааматынньыктарын аатырбыт саха скульптора Николай Чочасов чочуйан оҥордо. Монумент үрүҥ сабыытын дьон-сэргэ иннигэр арыйар үрдүк чиэс Дмитрий Егоров аҕатыгар Николай Алексеевичка уонна Николай Романов тапталлаах кэргэнигэр Ньургуяна Романоваҕа бэрилиннэ. Сүрэх сылааһын уурбут бу түгэн мустубут дьону барыларын долгутта. Бу өйдөбүнньүк бэлиэ олоххо киирэригэр Сунтаар улууһун дьаһалтататыттан 1 мөл. солк. көрүллүбүтэ. Маны сэргэ улахан кылааттарын киллэрбит, күүс-көмө буолбут дьонунан тутуу тэрилтэлээх урбаанньыттар Василий Шамаев уонна Николай Варламов буолаллар. Кинилэр бу үтүө дьыалалара патриотизм уонна доҕордоһуу холобурунан буолла. Үлэ хаамыытын хонтуруолласпыт, тиһэҕэр тиийэригэр көмө буолбут Сунтаар улууһун дьаһалтатын бэрэстэбиитэлэ Семен Глухаревка махтанабыт. Тэрээһин биир долгутуулаах түгэнинэн уолаттары кытта СВО хонуутугар бииргэ киирсибит, хара маҥнайгыттан тиһэх күннэригэр диэри бииргэ сылдьыбыт бойобуой доҕотторо - «Стрела» уонна «Фил» позывнойдаах байыастар кыттыыны ыллылар. Кинилэр кэлбит дьоҥҥо уолаттар тустарынан истиҥ санааларын үллэһиннилэр. Бу пааматынньык сулууспалыы сылдьар уонна дойду көмүскэлигэр олохторун толук уурбут саха уолаттарын эрэллээх доҕордоһууларын бэлиэтэ буолан, өр сылларга куорат киинин киэргэтиэ уонна кэлэр көлүөнэҕэ холобур буолуоҕа. Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

025050075010 Sep 06:1710 Nov 22:0676210 Sep 06:17: 0 views10 Nov 22:06: 762 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
10 Sep 2026, 06:170
10 Nov 2026, 22:06762

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.