📥📑Мэҥэ Хаҥаласка учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа чилиэттэрин үөрэттилэр Мэҥэ Хаҥалас улууһугар буолаары турар быыбардарга анаан учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа чилиэннэригэр үөрэтэр семинары тэрийдилэр. Территориятааҕы быыбардыыр хамыыһыйа 2030 сылга диэри саҥа сатаабынан талыллан үлэтин от ыйыттан саҕалаабыта. Улууска уопсайа 34 учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйаҕа 229 чилиэн үлэлиир. Семинарга УИК-тар бэрэссэдээтэллэригэр уонна сэкирэтээрдэригэр докумуоннары хайдах толорууттан саҕалаан, үлэ хаамыытын ымпыгын барытын үөрэтэн, көрдөрөн билиһиннэрдилэр. Быйылгы быыбар сүрүн уратыларын кэпсээн сырдаттылар. Мэҥэ Хаҥалас улууһа Саха сирин биир киин улууһа буоларынан быыбардааччытын ахсаана сыллата элбии турар. Ол курдук, бу сыл от ыйын маҥнайгы күнүнээҕи отчуотунан быыбардааччы ахсаана 25 тыһыынча 322 киһиэхэ тэҥнэһэр диэн Теериториятааҕы быыбар хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Ирина Назарова иһитиннэрдэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393®istryType=bloggersPermission
-
edited -



+6
-
repost Уборка капусты в Хатассах 🥬 1989 год. Уборка урожая на полях пригородного села Хатассы. Благодаря плодородным землям в долине Туймаада и упорному труду овощеводов, капуста из этого села всегда пользуется огромным спросом на осенних ярмарках столицы. В советское время совхоз «Хатасский» под руководством Прасковьи Павловны Федоровой (возглавляла его более 30 лет с 1970 года) гремел на весь СССР. Именно в эпоху её руководства (например, в 1985 году) в Хатассах собирали рекордные для Якутии урожаи капусты — до 299 центнеров с одного гектара.
-
🪖🪡«Саха сирэ эйигин кытта» өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай хамсааһын байыастарга ичигэс таҥастары тигэр nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
📚🗣️Бүгүн – Россия норуоттарын тылларын күнэ Владимир Путин 2025 сыл бэс ыйын 5 күнүгэр Россия норуоттарын тылларын уонна нуучча тылын өйөөһүҥҥэ судаарыстыбаннай бэлиитикэни олоххо киллэриигэ Сэбиэт мунньаҕар дойду норуоттарын тылларын күнүн олохтуурга этии көтөхпүтэ. Итини тэҥэ, судаарыстыба баһылыга РФ норуоттарын тылларын харыстааһын уонна салгыы сайыннарыы суолтатын, тыллары судаарыстыба өттүттэн тэтимнээхтик өйөөһүн уонна дойду уопсай тыл эйгэтин харыстыыр суолталааҕын өйдөппүтэ. «Дойдубут национальнай баайа уонна история-култуурунай нэһилиэстибэтэ буолар Россия бары норуоттарын тылларын уонна тыл эгэлгэтин харыстыырга, өйүүргэ эбии усулуобуйаны тэрийиэххэ наада», – диэн Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путин эппитэ. Бу бырааһынньык сылын аайы балаҕан ыйын 8 күнүгэр, бэйиэт Расул Гамзатов төрөөбүт күнүгэр, бэлиэтэнэр буолбута. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
✊👏😊🍂🌥️Үтүө күнүнэн! Үүммүт нэдиэлэ ханыы күнүгэр үтүө санаабыт үөрүүнү, кэрэ санаабыт күүһү, эрэлбит эрчими түстээтин, турукпут тубустун, тирэхпит чиҥээтин, сүргэбит көтөҕүлүннүн, былааннарбыт толору туоллуннар. Бүгүн Россия норуоттарын тылларын, Бородинотааҕы кыргыһыы, финансист, билиилээх-көрүүлээх буолуу (грамотность), суруналыыстар түмсүүлээх буолууларын, куукунаҕа чэйдии олорон тото-хана кэпсэтии, Ленинград куорат көмүскээччилэрин кэриэстээһин, физиотерапия, киһини эт-хаан өттүнэн чөлүгэр түһэрэр исписэлиис күннэрэ бэлиэтэнэллэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
📺Программа ТВ НВК "Саха" на 8 сентября (вт.) 06:00-Тиэргэн 12+ 06:30-Мы вам покажем 12+ 07:00-Саҥа күн 6+ 07:58-Выборы-2026 12+ 08:00-Утро Якутии 6+ 09:00-Саҥа күн 6+ 10:00-Утро Якутии 6+ 11:00-Выборы-2026 12+ 11:45-Актуальное интервью 12+ 12:00-Новости 12+ 12:15-Тиэргэн 12+ 12:45-Саха сатаабата суох 6+ 13:15-Актуальное интервью 12+ 13:28-Выборы-2026 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Тэтим 6+ 15:00-Новости 12+ 15:15-Якутск сегодня 12+ 16:00-Выборы-2026 12+ 16:03-Күн дэлэйэ 6+ 16:30-Выборы-2026 12+ 16:45-Ытык дьоммут ыллыктаах тыллара 12+ 17:15-Просто вкусно 12+ 18:00-Новости 12+ 18:15-Модун 12+ 18:47-Дойдум дьоно 6+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Актуальное интервью 12+ 19:28-Выборы-2026 12+ 19:30-Фольклорист В. В. Илларионов 80 сааһыгар 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-"Сайда тур, Сахам Сирэ!" телесериал 12+ 21:45-Тар туһунан 12+ 23:00-Итоги дня 12+ 23:30-Тиэргэн 12+ 00:15-Дойдум дьоно 12+ 00:30-Харах далыгар 12+ 01:15-Якутск сегодня 12+ 02:00-Новости 12+ 02:15-Тэтим 6+ 03:15-Эйгэ 6+ 04:40-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
edited 🍯Мүөт билигин Сахабыт сиригэр оҕуруот уонна сир аһа саамай үгэннээн, силигин ситэн турар кэмэ. Дэлэҕэ даҕаны, сахалар былыр-былыргыттан «күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» диэн этиэхтэрэ дуо. Оттон кэлиҥҥи сылларга биһиги дойдубутугар мүөтүнэн дьарыгырааччылар син элбээн, аны күһүн ахсын бэйэ мүөтэ атыыга тахсарын кэтэһэр буоллубут диэтэхпитинэ сыыспаппыт. Семен Попов Нам мүөтүн оҥорон атыылаабыта 12 сыл буолла, пасечник мүөтү оҥоруутун туһунан кэлэр матырыйаалга. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Үйэлээх чороон - өбүгэм ситимэ. Итинник ааттаах быыстапканы саха түмэлигэр туруоран, элбэх киһи кэрэхсээтэ. Быыстапканы саха төрүт иһитин өссө суолталыыр санааттан тэрийдилэр. Чорооҥҥо анаммыт быыстапка туһунан сиһилии сырдатабыт. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Күн-дьыл туран биэрэн, хаһаайыстыбалар хортуоппуйдарын хостоон, үүнүүлэрин хомуйан эрэллэр. Онно устудьуоннар төһүү күүс буолаллар. Холобур, Жатай бөһүөлэгин таһынааҕы Алексей Ний хаһаайыстыбатыгар агротехнология университетын ыччата көмөлөһөр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
👨🏻🎨🎨Дүпсүн нэһилиэгин олохтоохторо СӨ норуодунай худуоһунньуга Василий Бочкарев аатыгар сүгүрүйдүлэр. Ол курдук, Василий Бочкарев улааппыт дьиэтигэр өйдөбүнньүк дуоска туруордулар. Бэлиэ тэрээһинтэн Айаал Молокотин сырдатар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Саха сирин 23 улууһугар оттук сезона саҕаланна Ил Дархан Айсен Николаев Саха сиригэр оттук сезонугар бэлэмнэнии мунньаҕын ыытта. 23 оройуоҥҥа, ол иһигэр Дьокуускайга итиини биэрэн саҕалаатылар. Сорох улуустарга нэдиэлэ бүтүөр диэри оттук сезона саҕаланара былааннанар. Өрөмүөн үлэтэ 89%-на ыытыллыбыт – ааспыт сыллааҕы көрдөрүүттэн 7% үрдүк. Кыстыкка бэлэмнэнии чэрчитинэн бэлэмнэнии үлэтэ 1001 хочуолунайга ыытыллыбыт, ититии ситимигэр бэлэмэ 94%-ҥа тэҥнэһэр, оттон уу уонна канализация ситимнэригэр – 91%. Айсен Николаев улахан тымныылар түһүөхтэригэр диэри туох баар үлэни түмүктүүргэ соруйда. Уматыгы тиэрдиигэ туһунан болҕомтону уурдулар. Билиҥҥи кэмҥэ номнуо былааннаммыт кээмэйтэн 67%-нын илдьибиттэр. Айсен Сергеевич Бырабыыталыстыбаҕа тиэрдиллибэтэх нэһилиэнньэлээх пууннарга таһыыны түргэтитэргэ уонна үбүлээһин боппуруоһун быһаарарга сорудахтаата. СӨ баһылыга хочуолунайдар, коммунальнай ситимнэр, резервнэй уот линиялара турутаах үлэлэрин хааччыйарга соруйда. Олорор дьиэлэргэ, оскуолаларга, уһуйааннарга, балыыһаларга сүрүн болҕомтону уурар наадатын ыйда. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
-
🥔🥕🍅Билигин ханна да күһүҥҥү хомуур түбүктээх кэмнэрэ. Хаҥалас улууһугар хомуур үлэтин үгэнэ. Сиһилии Уйбаан Уйгуурап сюжекка кэпсиир. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Педколледжка СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэриттэн бастакы кууруска 19 устудьуон үөрэнэр Саҥа үөрэх дьылыгар С.Ф. Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педагогическай колледжка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэриттэн 19 устудьуон туттарсыбыт. Билиҥҥи кэмҥэ үөрэх кыһатыгар СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэриттэн уопсайа 45 устудьуон үөрэнэр. Кинилэргэ судаарыстыбаннай уонна институциональнай өйөбүл көрүллэр. Бу туһунан брифиҥҥэ дириэктэри үөрэх-производственнай үлэҕэ солбуйааччы Екатерина Шестакова иһитиннэрдэ. СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин устудьуоннарыгар өйөбүл көрүллэр. Ол курдук, кинилэргэ СӨ Үөрэх министиэристибэтин истипиэндийэтэ бэриллэр. Колледжка маны сэргэ устудьуоннары өйүүргэ систиэмэлээх үлэ ыытыллар. «Дьокуускайдааҕы педагогическай колледжка Саха сирин бары үөрэх кыһаларыгар курдук СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэттэригэр өйөбүл үлэтэ тохтоло суох ыытыллар. Билиҥҥи кэмҥэ үөрэх кыһатыгар СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэриттэн уопсайа 45 устудьуон үөрэнэр, мантан 17-тэ быйыл туттарыста», — диэн Екатерина Шестакова кэпсээтэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
-
Нэһилиэнньэни уматыгынан хааччыйар үлэ Саха сиригэр салҕанар nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost 


+3
Последние несколько дней мобильная бригада на передвижном офтальмологическом комплексе работает в Нюрбинском, Сунтарском и Мирнинском районах. Заведующая отделением, врач- офтальмолог-лазеролог Надежда Шоноева вместе с медицинской сестрой Варварой Торговкиной провели консультативный прием в г.Нюрба и с.Сунтар, прямо на месте, тем кто прошел отбор, проведено лазерное лечение. 45 пациентам не пришлось ехать в Якутск и преодолевать сотни километров туда-обратно. Сегодня бригада работает в Мирном. К сожалению, часть пациентов заболела, тем не менее уже 16 человек получили помощь и еще впереди несколько дней работы. Запись к бригаде осуществляется в поликлинике по месту жительства и при наличии показаний, которые может установить только врач. Проект «Мобильный офтальмолог» продолжает активную работу в осенний период до закрытия речных переправ. Пожалуйста, можете подписаться на мой канал по ссылке ниже. https://max.ru/channel_doctorlutskan
-
Айсен Николаев Бырабыыталыстыба уонна Ил Дархан дьаһалтатын мунньаҕын ыытта Айсен Николаев Бырабыыталыстыба уонна Ил Дархан дьаһалтатын, итиэннэ Бырабыыталыстыба салалтатын кытта былаанныыр мунньаҕы ыытта. Илиҥҥи экономическай форум түмүктэрин таһаардылар. Саха сирэ 180 млрд солк-тан тахса суумалаах 27 сөбүлэҥи түһэристэ. Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Уһук Илин уонна Арктика сиригэр-уотугар 2027 сыл тохсунньу 1 күнүттэн биир тэҥ преференциальнай эрэһиими киллэриини өйөөтө.Саха сиригэр оттук сезона саҕаланна. Хочуолунайдар, итиини хааччыйар тэрилтэлэр туруктаах үлэлэрин, ону тэҥэ тыын суолталаах таһаҕастары тохтоло суох тиэрдиини хааччыйары соруйдулар. Тырааныспар инфраструктуратын сайыннарыы үлэтэ салҕанар. Федеральнай былааҥҥа Байкал-Амурдааҕы магистраль учаастактарын сайыннарыы, Зырянка аэропордун тутуу уонна 48 км тахса уһуннаах «Колыма» айан суолун учаастагын саҥардыы киирдилэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
🚤Дьоҕус суудуналар сырыыларын тохтотор болдьох билиннэ СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ өрөспүүбүлүкэ территориятыгар физическэй уонна юридическэй сирэйдэр бас билэр дьоҕус суудуналарын сырыытын тохтотор болдьоҕун бигэргэттэ. Ол курдук, балаҕан ыйын 25 күнүттэн уунан сырыыны Үөһээ Халыма, Үөһээ Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Өймөкөөн, Өлөөн, Орто Халыма, Эбээн Бытантай, Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Аллараа Халыма, Усуйаана, Булуҥ улуустарыгар тохтотоллор. Алтынньы 7 күнүттэн Дьокуускай куорат уокуругар уонна Жатайга, итиэннэ Амма, Алдан, Мииринэй, Нүөрүҥгүрү, Өлүөхүмэ, Ленскэй, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Ньурба, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Маайа, Хаҥалас, Чурапчы улуустарыгар уунан сырыы тохтуур. Ыйыллыбыт болдьох кэнниттэн дьоҕус суудуналарынан ууга киирбит дьону административнай эппиэтинэскэ тардыахтара. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
- Older posts