Саха сирин 23 улууһугар оттук сезона саҕаланна Ил Дархан Айсен Николаев Саха сиригэр оттук сезонугар бэлэмнэнии мунньаҕын ыытта. 23 оройуоҥҥа, ол иһигэр Дьокуускайга итиини биэрэн саҕалаатылар. Сорох улуустарга нэдиэлэ бүтүөр диэри оттук сезона саҕаланара былааннанар. Өрөмүөн үлэтэ 89%-на ыытыллыбыт – ааспыт сыллааҕы көрдөрүүттэн 7% үрдүк. Кыстыкка бэлэмнэнии чэрчитинэн бэлэмнэнии үлэтэ 1001 хочуолунайга ыытыллыбыт, ититии ситимигэр бэлэмэ 94%-ҥа тэҥнэһэр, оттон уу уонна канализация ситимнэригэр – 91%. Айсен Николаев улахан тымныылар түһүөхтэригэр диэри туох баар үлэни түмүктүүргэ соруйда. Уматыгы тиэрдиигэ туһунан болҕомтону уурдулар. Билиҥҥи кэмҥэ номнуо былааннаммыт кээмэйтэн 67%-нын илдьибиттэр. Айсен Сергеевич Бырабыыталыстыбаҕа тиэрдиллибэтэх нэһилиэнньэлээх пууннарга таһыыны түргэтитэргэ уонна үбүлээһин боппуруоһун быһаарарга сорудахтаата. СӨ баһылыга хочуолунайдар, коммунальнай ситимнэр, резервнэй уот линиялара турутаах үлэлэрин хааччыйарга соруйда. Олорор дьиэлэргэ, оскуолаларга, уһуйааннарга, балыыһаларга сүрүн болҕомтону уурар наадатын ыйда. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.8%678 avg views
Posting
21.7/day
last 1 hour ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 7 Sep 2026, 08:10 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 1K |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.