Педколледжка СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэриттэн бастакы кууруска 19 устудьуон үөрэнэр Саҥа үөрэх дьылыгар С.Ф. Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педагогическай колледжка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэриттэн 19 устудьуон туттарсыбыт. Билиҥҥи кэмҥэ үөрэх кыһатыгар СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэриттэн уопсайа 45 устудьуон үөрэнэр. Кинилэргэ судаарыстыбаннай уонна институциональнай өйөбүл көрүллэр. Бу туһунан брифиҥҥэ дириэктэри үөрэх-производственнай үлэҕэ солбуйааччы Екатерина Шестакова иһитиннэрдэ. СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин устудьуоннарыгар өйөбүл көрүллэр. Ол курдук, кинилэргэ СӨ Үөрэх министиэристибэтин истипиэндийэтэ бэриллэр. Колледжка маны сэргэ устудьуоннары өйүүргэ систиэмэлээх үлэ ыытыллар. «Дьокуускайдааҕы педагогическай колледжка Саха сирин бары үөрэх кыһаларыгар курдук СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэттэригэр өйөбүл үлэтэ тохтоло суох ыытыллар. Билиҥҥи кэмҥэ үөрэх кыһатыгар СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэриттэн уопсайа 45 устудьуон үөрэнэр, мантан 17-тэ быйыл туттарыста», — диэн Екатерина Шестакова кэпсээтэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.8%678 avg views
Posting
21.7/day
last 1 hour ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 7 Sep 2026, 06:15 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 788 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.